Аан дойду үрдүнэн Дьиэ кэргэн күнүн көрсө хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыттара — Марианна, Владимир Сидоровтар. Кинилэр “оҕону иитэр дьиэ кэргэн” (приемная семья) статуһун ылан, бастаан биир оҕону, онтон бу соторутааҕыта өссө үс оҕону иитэ ыллылар. Маннык быһаарыныыны киһи ылбычча санаммат.
Сидоровтар бэйэлэрэ 4 төрөппүт оҕолоохтор. Улахан кыыс учуутал идэлээх, ыал, Чурапчыга олороллор. Онтон кэлэр уол аармыйаҕа сулууспалыы сылдьар. Орто кыыс Бүлүүтээҕи педагогическай колледжка иитээччи идэтин быйыл үөрэнэн бүтэрэр. Кыра уол гимназияҕа 7-с кылааска үөрэнэр. 2022 с. икки саастаах кырачаан кыысчааны Тойбохой оҕо дьиэтиттэн иитэ ылбыттар.
Дьиэ кэргэнин туһунан элбэх оҕолоох ыал ийэтэ Марианна Яновна маннык кэпсиир:
– Мин бэйэм Ньурба улууһуттан төрүттээхпин. Алтаайга үлэлии сылдьан кэргэммин кытта билсэн, 2021 с. Сунтаарга көһөн кэлэн олохсуйбуппут. Идэбинэн алын сүһүөх учууталабын, кэлин логопед үөрэҕэр үөрэммитим. Манна кэлээт, «Туллукчаан» уһуйааныгар логопедтаабытым. Онтон быйылгыттан «самозанятай» диэн буоламмын социальнай хантараак туһанан, билигин биисинэс-инкубаторга хос арендалаһан оҕолору дьарыктыыбын. Хантараак өйөбүлүнэн логопедическай кабинет тэрилин сакаастаабытым, бэс ыйыгар кэлэрин кэтэһэ сылдьабын. Түгэнинэн туһанан, улууспут социальнай харалтатын үлэһиттэригэр, улууспут дьаһалтатыгар улахан махталбын тириэрдэбин.
Дьиэ кэргэним туһунан кэпсиир буоллахха, чуолаан оҕону иитэ ылыы диэн санаа хайдах кэлбитэй диэҥҥэ, соһуччу диэххэ сөп. Уонна оҕолорго дьиэ кэргэн сылааһын, тапталы биэрбит киһи диэн санааттан буолар. Биир сайын уоппускам кэмигэр Тойбохойго оҕо дьиэтигэр үлэлии сырыттахпына арай куораттан кыыс оҕо кэлэр диэтилэр. Кыысчааны мин бөлөхпөр киллэрэбит диэн буолла. Ол киэһэ аҕаллылар, кыысчаан миигин көрөөт “Маама” диэн сүүрэн кэлээт, кууһан ылан көтөхтөрбүтэ. Ол күнтэн ыла сүрэхпинэн курдат ылларан кэргэммин кытта сүбэлэһэн, баҕа санаабытын толорон, иитэ ыларга санаммыппыт. Кини аҕабыт күнэ-ыйа, бары “паапа оҕото” диибит. Онтон быйыл “үс бииргэ төрөөбүт оҕону иитэ ылыаххыт дуо?” диэн ыйыппыттарыгар толкуйдаан баран сөбүлэспиппит. Саамай күүс-көмө буолар киһим – кэргэним. Кини өйдөөн-өйөөн маннык быһаарыныылары ылынабыт. Бэйэтэ маһынан дьарыгырар, пилорамаҕа рамщигынан үлэлиир.
Оҕолор бэйэ-бэйэлэрин аһара бэркэ көрсөллөр, харайсаллар. Бэйэбит оҕолорбут олус үчүгэйдик ылыннылар, улахан уол уолбунаан тэбис-тэҥҥэ сылдьаллар. Оскуолаҕа бииргэ бараллар-кэлэллэр, бокс секциятыгар киирдэ. Оҕолору ылбыппыт билигин саҥа икки нэдиэлэ буолла. Бэйэ-бэйэбитигэр үөрэнсэбит. Тыыннаах төрөппүттээх сылдьан тулаайах хаалар диэн оҕолор котокуларга ыарахан. Кэтээн көрүүбүнэн кинилэр олох атыттар, олоххо тардыһыылара күүстээх, быһаарыныылаах буолаллар. Кинилэргэ хас биирдиилэригэр тустаах сыһыан наада. Бэйэм ийэтэ суох улааппыт буолан, эбэлээх эһэбэр иитиллибитм, бу түгэни чугастык ылынабын. Эбэм Тойбохойдооҕу оҕо дьиэтин бастакы выпускницата, онон хайдах эрэ барыта ситимнээх. Эбэм барахсан Сунтаарын мэлдьи ахта саныыра — мин суолбун арыйбыт дии саныыбын. Түүлбэр түһээн көрбүттээхпин, бэйэм туспар буолбакка, дьон туһугар олорор эбиппин диэн санаа кэлбитэ. Уу чуумпуга олох тэһийбэппин, дьарыга суох олорбоппун хамсаныы кэмигэр миэхэ идеялар киирэллэр. Киһи эниэргийэтин, билиитин-көрүүтүн бэйэтигэр тута сылдьыбакка, дьоннуун үллэстиэхтээх. Олох тугу биэрэрин киһи туһаныахтаах, эйиэхэ бэриллэрин киһи ылыныахтаах. Бу олоххо барыта мээнэҕэ буолбат. Ол да буоллар, арыт сылайбыт санаа кэллэҕинэ олох туһунан киинэлэри көрөрбүн сөбүлүүбүн уонна оҕолорбунаан салгыҥҥа сылдьан оонньуурбутун сөбүлүүбүн. Күн аайы бэйэҕин сайыннаран, саҥаттан саҥаны үөрэнэ сылдьыахтааххын. Уопсайынан идеялар киирэллэрин сыал-сорук туруорунабын уонна ону тутатына олоххо киллэрэргэ дьулуһабын.
Оҕону иитиигэ төрөппүт бэйэтин холобуругар иитиэхтээх. 14-15 сааһыгар эрэ диэри оҕо көрөн үөрэнэр кэмэ. Ити кэми мүччү тутуо суохха наада. Бэйэҥ эмиэ оҕоттон үөрэнэҕин. Тэбис-тэҥҥэ дьиэ ис-тас үлэтигэр илдьэ сылдьаҕын. Үлэнэн иитиллэн улааппыт оҕо инники олоҕор көмөлөөх буолара саарбаҕа суох. Саамай төрөппүттэргэ сүбэм, оҕону элбэхтэ кууһуҥ уонна таптыыргытын этэ сылдьыҥ. Оччоҕо оҕо сайдыыта сөптөөхтүк барарыгар ити улахан суолталаах. Ону тэҥэ, дьиэ кэргэнинэн араас, ытык сирдэринэн, айылҕаҕа сылдьарбытын олус сөбүлүүбүт. Айылҕа тыаһа-ууһа киһини уоскутар, сынньанаҕын.
Оҕолорбутун оскуолаҕа, дьарыкка илдьэргэ, аҕаларга биир улахан баҕа санаабыт суолбут оҥоһуллуон баҕарабыт. Интернациональнай уулуссаҕа олоробут, суолбут аҥаарыгар диэри оҥоһуллан баран, ситэри тиийбэккэ кутуллубакка турар. Элбэх оҕолоох киһиэхэ барарга-кэлэргэ күчүмэҕэйдэрдээх.
-Бүгүҥҥү кэпсэтиибит киһини элбэҕи толкуйдатар, хас биирдии киһи бу олоххо туох эрэ аналлаах, сыаллаах-соруктаах кэлэрин бигэргэттим. Марианнаҕа кэпсээниҥ иһин махтанабын, дьиэ кэргэҥҥэр бары үтүөнү баҕарабын.
Алена ИВАНОВА