Бүгүн, бэс ыйын 8 күнүгэр, Сунтаар «Чохулаах» хонуутугар Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас уонна улууска Аҕам саастаахтарга ытыктабыл сылларынан уонна Арассыйаҕа Дьиэ кэргэн сылыгар «Большие семейные выходные» диэн бырайыак чэрчитинэн, II улуустааҕы Дьиэ кэргэн спартакиадата ыытылынна.
Спартакиадаҕа кыттыыны ыллылар Түбэй-Дьаархантан Титовтар, Кэмпэндээйиттэн Гуриновтар, «Табыс» түөлбэттэн Софроновтар, «Сомоҕо» түөлбэттэн Намыловтар, «Абаҕа» түөлбэтиттэн Евсеевтар уонна Зедгенидзевтэр дьиэ кэргэттэрэ.
Спартакиада үөрүүлээх аһыллыыта, кыттааччы дьиэ кэргэн парадыттан саҕаланна уонна ыал аҕа баһылыктара спартакиада былааҕын көтөхтүлэр. Ол кэннэ Сунтаар улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга уонна имиджевай бэлиитикэҕэ солбуйаччы Гаврил Еремеев, Сунтаар нэһилиэгин баһылыга Эдуард Филиппов, Сунтаар улууһун дьокутаата, тэрээһин успуонсара Игнат Яковлев, «Абаҕа» түөлбэ салайааччыта уонна бу тэрээһин бырайыагын ааптара, тэрийээччитэ Зоя Кузьмина, кытта кэлбит дьиэ кэргэттэри эҕэрдэлээтилэр, кинилэргэ махтал тылларын тириэртилэр уонна спартакиадаҕа ситиһилээхтик кытталларыгар баҕардылар.
Спартакиада кыттааччылара хас да көрүҥҥэ күрэхтэстилэр. Ол курдук «кириэс тэбиитигэр», ыстаныыга, пневматическай саанан ытыыга уонна эстафетаҕа. Ону сэргэ, күнүскү аһылык кэмигэр «Эбээ, эһээ сандалыта» диэн күөс күрэҕэ ыытылынна.
Күрэхтэһии түмүгүнэн, 3-с миэстэҕэ Евсеевтар дьиэ кэргэттэрэ тигистилэр, 2-с миэстэни Титовтар дьиэ кэргэттэрэ ыллылар. Оттон спартакиада кыайыылааҕынан Гуриновтар дьиэ кэргэттэрэ буоллулар. Ону сэргэ, ыытыллыбыт «Эбээ, эһээ сандалыта» диэн күөс күрэһэр кыайыылааҕынан Зедгенидзевтэр дьиэ кэргэттэрэ буолуллар. Ону таһынан сорох дьиэ кэргэттэргэ анал ааттар иҥэриллэн, илии тутуурдаах дьиэлээтилэр.
Тэрээһиҥҥэ, анаабыт курдук күн-дьыл тупсан, дьон-сэргэ үөрэн-көтөн сырытта, бары астынан тарҕастылар.
Дмитрий ЫМЫЧАНОВ