Леонид Попов аатынан Сунтаардааҕы киин бибилэтиэкэ дойдуга Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас уонна Сунтаар бибилэтиэкэлэрин ситимигэр Оҕо ааҕыытын сылыгар аналлаах “Дьиэ кэргэн сөбүлүүр кинигэтин ааҕабыт” диэн улуустааҕы күрэс биллэрэр.
Күрэскэ 18 диэри саастаах оҕолоох дьиэ кэргэттэр сөбүлүүр кинигэлэриттэн айымньы ааҕа олороллорун видеоҕа устан ыыталлара ирдэнэр. Ааҕыыга хас да көлүөнэ аймах кыттара биһирэнэр. Айымньыны нууччалыы эбэтэр сахалыы ааҕан устан ыытыахтарын сөп. Үлэлэри балаҕан ыйын 6 -19 күнүгэр диэри туталлар. Кыайыылаахтары Сунтаар улууһун күнүгэр балаҕан ыйын 21 күнүгэр биллэриэхтэрэ. Сиһилии күрэс туһунан https://sunlibrary.ru/2024-год-год-семьи-в-рф-год-детства-в-рс-я-го/ билис. Үлэлэри «ЧТЕНИЕ» диэн ыйан sunlibrary.sakha@mail.ru эбэтэр телеграм канал https://t.me/TomskayaMari ыытаргытын күүтэллэр.