Киин сиргэ, чуолаан, Дьокуускай куоракка дьиэ атыылаһар дьон үгүс диэххэ сөп. Билигин чэпчэтиилээх ипотекаҕа киирэн саҥа тутуллубут дьиэҕэ кыбартыыра эмиэ ылаллар. Оттон бу дьиэбитин кимҥэ, хайдах оҥотторобут диэн боппуруос булгуччу үөскээччи. Хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта – Дьокуускайга бу эйгэҕэ үлэлии-хамсыы сылдьар биир дойдулаахпыт Айталина Ли.
– Айталина Макаровна ханнык, туох үлэлэри оҥороҕутуй?
– Биһиги хайдах баҕарар туруктаах кыбартыыра, чааһынай дьиэ истэрин өрөмүөннүүбүт: истиэнэ оҥоһуута, кафель ууруута, дизайн да бырайыактыыбыт. Үксүн билиҥҥи квартира оҥоһуута биир соҕус буолан, дьон атыннык бырайыактыахтарын баҕараллар. Онно бэйэм хас да көрүҥү көрдөрөн этии киллэрэбин. Сөбүлээбиттэрин талан, истиэнэлэрин көтүрэн, саҥа дьиэ былаанын оҥоробут. Куорат иһигэр олорор сакаасчыттары кытта эрэ буолбакка, ыраах сытар улуустарга олорор, кыайан куоракка кэлэр кыахтара суох дьоҥҥо, тэйиччиттэн (дистанционно) сүбэ-ама биэрэбит, икки өттүттэн сөбүлэстэхпитинэ дьиэлэрин өрөмүөннүүбүт, оҥоробут. Билиҥҥи үйэҕэ куйаар ситиминэн видеозвоногунан кэпсэтэр олус үчүгэй, матырыйаал талабыт, үлэ бара турар туругун отчуоттуубут.
– Тэрилтэҥ туһунан билиһиннэриэҥ дуо?
– Мин бу дьиэ өрөмүөнүгэр үлэлээбитим 12 сылтан орто. Бастаан кэргэммэр көмөлөһөн саҕалаабытым. Кэлин сакаас элбээн барбытыгар, бэйэм биригээдэ хомуйан, «Сайдам» диэн тэрилтэ арыммытым. Билигин хас да биригээдэлээхпин. Үлэһиттэрим миигин кытта үлэлээбиттэрэ хас да сыл буолла. Ону таһынан элбэх киһини үөрэттибит. Биригээдэбитигэр эр дьон эрэ буолбакка, дьахталлар эмиэ бааллар.
Биригээдэҕэ икки, үс киһи үлэлиир, ону таһынан, сорохтор биир хайысхаҕа ылсан үлэлииллэр. Холобур, аҥаардас кафель уурааччы эбэтэр отделочник, кладчик буолар. Онон урукку өрөмүөннээх дьиэҕэ биир хос, саала, ванна оҥоһуутугар үлэһит туруорарга табыгастаах.
– Дьиэ өрөмүөнүн оҥотторор киһиэхэ ортотунан төһө харчы барыай?
– Дьон бары сотору-сотору дьиэ ылан оҥостубат. Онон өрөмүөн уустуктарын, матырыйаал хайдах хаачыстыбалааҕын, ханна чэпчэки атыыланарын билбэт буолуохтарын сөп. Манан сиэттэрэн, мин сакаасчыты кытта бэйэм матырыйаал талсарга, атыылаһарга барытыгар бииргэ сылдьыһабын, көмөлөһөбүн, сүбэлиибин. Куоракка баар сорох тутуу маҕаһыыннарыгар тус чэпчэтиилэри туһанабын. Уопсайынан, өрөмүөн үс көрүҥнээх – «дизайн бырайыак», «стандартнай, классическай», «бюджетнай». Хас биирдии өрөмүөн көрүҥэ сыаната араастаах. Холобур, ураты көстүүлээх (дизайнерскай) өрөмүөн истиэнэтэ, муостата барыта уларыйар. Ол иһин үлэтэ элбэх уонна үлэ сыаната да эмиэ үрдүк буолар. «Бюджетнай» өрөмүөн үлэтэ дизайнерскайтан судургу, онон сыаната эмиэ кыра. Ол эрэн син биир лоп курдук биир кэлим сыана буолбат, хас биирдии сакаасчыт тус-туһунан уратылаах. Онон дьиэ иэниттэн бачча буолар диэн эппэппит. Барыта хайдах матырыйаалтан оҥорон таһаарартан, былааныттан уонна атын да ымпыгыттан-чымпыгыттан тутулуктаах. Биһиги үлэбит сыанатын сакаасчыт уйунан сөбүлэһэригэр сөптөөхтүк оҥоробут. Хас биирдии сакааспытын хаачыстыбалаахтык толорорго мэктиэ дуогабар түһэрсэбит.
– Биир дойдулаахтарыҥ дьиэлэрин оҥотторуохтарын баҕарыахтарын сөп. Хайдах билсиэхтэрин сөбүй?
– Билигин дьиэ оҥотторуута үгэннээн турар кэмэ. Дьонтон истиһэн элбэх биир дойдулааҕым оҥоттордо. Интэриэһиргиир дьон баар буоллаҕына, бу нүөмэргэ эрийэн билсиэхтэрин сөп 89142741681. Хас биирдии сакаасчыт баҕа санаатын толорон, хаачыстыбалаахтык үлэлииргэ кыһаллабыт.
Дьиэ барахсан хас биирдии киһи дурдата-хаххата, саамай күндү, ньээкэ уйата. Оттон сырдык ыраас тупсаҕай оҥоһуулаах дьиэҕэ санаалыын сылаанньыйан сарсыҥҥыга эрэллээхтик олохпутун оҥостобут.
Сунтаартан Николаевтар дьиэ кэргэн санааларын маннык үллэстэллэр:
—Быйыл сайын биһиги дьиэ кэргэн биир баҕа санаабыт туолла. Ол курдук санаабытыгар иитиэхтии сылдьыбыт Дьокуускайга кыбартыырабыт өрөмүөнэ түмүктэннэ. Барыта уурбут-туппут курдук оннун булан, сатанан, чэпчээһин, дуоһуйуу санаата кууһар.
Бу баҕа санаабыт туолбутугар, бу эйгэҕэ өр үлэлээбит, уопуттаах салайааччыга Айталина Макаровнаҕа махтанабыт. Ол курдук өрөмүөнү туохтан саҕалыыбыт, кимиэхэ оҥотторобут диэн улахан толкуйга түһэн сылдьан, «Сунтаар кыыһа дьарыктанар»-диэн дьонтон истэн, төлөпүөнүн нүөмэрин булан билсибиппит. Барыта сокуон иһинэн дуогабар оҥорсон, хас биирдии пууну ырытан, суруйсан, төлөбүрүн быһаарсан илии баттаспыппыт. Өссө элбэх оҕолоохторго диэн чэпчэтиилээх буолла. Бэйэтэ куорат маҕаһыыннарынан тиэйэ сылдьан сүбэлээн матырыйаал талларар, төлөбүрүгэр сыанатын туһэрсэр. Үчүгэйэ диэн, ол матырыйаалыҥ оруннаҕына төннөттөрөн харчыҥ сороҕун төптөрү ылаҕын. Өрөмүөн кэмигэр тахсар мэһэйдэри тутатына быһаарсан, көннөрөн, тиийбэти булан, ылан баар гынан иһэр. Онон үлэ атахтаммат. Үлэһит биригээдэтэ бары уопуттаах исписэлиистэр, өр кэмҥэ үлэлэһэн «бэрэбиэркэни» ааспыт дьон. Үлэһиттэрэ тылын быһа гымматтара, эппитин толорон иһэллэрэ, кинилэр салайааччыларын убаастыылларын көрдөрөр. Киһи албынныахтара, үрдүнэн-аннынан оҥоруохтара диэн долгуйбаккын. Онон кыбартыырабыт өр сылларга этэҥҥэ туруо диэн бигэ эрэллээхпит.
Айталина Макаровна киһи быһыытынан көнөтө, элэккэйэ, үөрэ-көтө сылдьара, кэпсэтинньэҥэ киһини бэйэтигэр тардар, тутатына өр сылга алтыспыт киһиҥ курдук. Инникитин да дьоҥҥо сүбэ-ама, көмө буолан, кинилэр баҕа санаалара туоларыгар туһуламмыт түбүктээх үлэтэ сайда, чэчирии турдун диэн баҕа санаабытын этэбит, махтал тылбытын тириэрдэбит.
Алена ИВАНОВА