Атырдьах ыйын 18 күнүгэр Куокуну нэһилиэгин Улахан Табаҕатыгар «День Поля-2023» өрөспүүбүлүкэтээҕи куоҥкурус тэриллэн ыытыллыаҕа. Онно барыта, күрэхтэһии кыттааччыларын ааҕан туран, 70-ча киһи кэлэрэ күүтүллэр. Күрэҕи таһынан сүбэ-мунньах тэриллэн ыытыллыаҕа. Онно тыа хаһаайыстыбатын инники сайдыытын туһунан дьүүллэһиэхтэрэ. Биллэн турар, араас туораахтаах култуураны ыһыы, кэмигэр хомуйуу боппуруоһа инники күөҥҥэ туруоҕа.

                                                   Гаврил АНДРЕЕВ.

Читайте дальше