Сунтаардааҕы политехническай лиссиэй-интэринээт 8-с кылааһын үөрэнээччитэ Давид Зорин СӨ экология миниистирин анал бирииһин ылла. Бу наҕараада Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылын чэрчитинэн олохтоммута диэн экология министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Куоҥкурус ыам ыйын 20-31 күнүгэр диэри ыытыллыбыт. Уопсайа 38 сайаапка киирбит, онтон 15 күрэхтэһээччи финалга тахсыбыт. Арассыыйа Экологун күнүгэр, экология миниистирэ Евгений Перфильев салалтатынан куоҥкурус хамыыһыйата «Изучение экологического состояния озера Тумусукан села Сунтар методом биоиндикации” диэн бастыҥ үлэни быһаарбыттар.
Биир дойдулаахпытын истиҥник эҕэрдэлиибит.
Алена ИВАНОВА