Дьарыктаах буолуу киининэн оҕо сайын харчылаһар кыахтаах

Улуустааҕы дьарык­таах буолуу киинигэр салайааччынан Борис Уларов ананан үлэлээн эрэр. Бүгүн биһиги Борис Михайловичтыын сайыҥҥы үлэ туһунан сэһэргэстибит.

– Борис Михайлович, оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын туһалаахтык атаарарыгар, ону тэҥэ харчылаһан, дьиэ кэргэнигэр бэйэтин сэмэй кылаатын киллэрэригэр туох-ханнык үлэ барда? Төһө оҕо үлэнэн хааччылынна?

– Сайыҥҥы кэмҥэ саастарын ситэ илик оҕолору быстах кэмҥэ үлэнэн хааччыйарга улуустааҕы дьарыктаах буолуу киинигэр өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 756 976,05 солкуобай харчы көрүллүбүтэ.

Улуустааҕы дьарыктаах буолуу киинэ оскуола оҕотун сайыҥҥы кэмҥэ үлэнэн хааччыйыыга эбии үбү көрбүт нэһилиэк дьаһалталарын кытта дуогабар түһэрсэр. Ол курдук, бу дьыл бэс ыйыгар Сиэйэ, Күүкэй, Кутана, Элгээйи, Аллыҥа, Түбэй-Дьаархан, Кэмпэндбээйи нэһилиэктэрэ уонна Сунтаардааҕы бибилэтиэкэ ситимэ оҕолору араас хайысханан үлэлэттилэр. Маны таһынан, Күндэйэ «Сырдык аартык» производственнай кэпэрэтиибэ уонна Бүлүүчээҥҥэ Андрей Максимов бааһынай хаһаайыстыбата үлэнэн хааччыйдылар.

Сайыҥҥы кэмҥэ оҕолорго болҕомто ууран, кинилэр дьарыктаах буолалларын хааччыйар сыалтан, ордук анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбыт дьиэ кэргэттэрин, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ иитиллэр, КДН, ПДН учуотугар турар оҕолору ыла сатыыбыт. Маны таһынан, улуус дьаһалтата анал тосхолунан сыл аайы улуустааҕы дьарыктаах буолуу киинигэр сайыҥҥы өттүгэр оҕону үлэлэтиигэ үп көрөр. Ол курдук, быйыл улуустан 1 мөл. солк. көрүллүбүтэ. Бу үпкэ агро хайысхалаах оскуолалары кытта оҕону үлэнэн хааччыйыыга дуогабар түһэрсэн үлэ ыытыллар.

Бэс ыйыгар Сунтаардааҕы иккис нүөмэрдээх, Куокуну, Түбэй оскуолалара үлэ лааҕырын тэрийэн үлэлэттилэр. Оттон бу ыйга – Бордоҥ, Куокуну оскуолалара. Быйылгы сылга барыта 120 оҕо хабыллан үлэлиэхтээх.

Бу барыта оҕо хамнастанарын таһынан, элбэх оҕону кытта билсэн, доҕордоһон, үлэттэн толлубат буоларга, сатабылга үөрэнэн, элбэҕи билэн сайынын туһалаахтык атаарарыгар төһүү күүс буолара саарбаҕа суох. Сайын олордубут, көрөн-харайан үүннэрбит сибиэһэй, битэмииннээх оҕуруот аһынан, үүнээйилэринэн астаммыт минньигэс аһы кыһыҥҥы өттүгэр оскуолаларыгар үөрэ-көтө аһыахтара турдаҕа.

– Манна сэмсэ эһиги кииҥҥитигэр билиҥҥи туругунан төһө киһи учуокка турарын ыйытыым. Ону сэргэ үлэтэ суохтарга, үлэ көрдөөччүлэргэ туох көмөнү оҥороҕут?

– Бүгүҥҥү күн туругунан, улуустааҕы дьарыктаах буолуу киинигэр барыта 132 киһи учуокка турар. Бу дьоммут үлэлээх-хамнастаах, дохуоттаах буолалларыгар сылын аайы үлэ миэстэтин таһаарыыга дьаарбаҥка ыытыллар. Дьаарбаҥкаҕа олохтоох бэйэбит тэрилтэлэрбит кыттан, дьону үлэҕэ ылаллар. Ону сэргэ тыа сирин ыччатын бырамыысылыннаска сыһыаран, улахан хампаанньалары кытары үлэ тиһиктээхтик барар. Ордук биһиэхэ АЛРОСА элбэх үлэ миэстэтин биэрэн дьаарбаҥкаҕа кыттыһар. Үлэлиэн баҕалаахтар ирдэниллэр докумуоннары толорон, баахтабай ньыманан да, бастайааннай да үлэ миэстэтин бырамыысыланнас эйгэтигэр булаллар. Маны таһынан, доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоммут үлэлээх буолалларыгар эмиэ болҕомто уурабыт. Кинилэр кылгас болдьохтоох куурустарга үөрэнэн, бэйэ дьыалатын да астан, дохуоттаналлар.

Түгэнинэн туһанан, үлэтэ суох сылдьар 18-тан үөһээ саастаах дьоҥҥо машинист-конвейер идэтигэр биир ыйдаах үөрэх баарын иһитиннэрэбин. Бу биир ыйдаах күнүскү үөрэх, Дьокуускай куоракка. Үөрэнэн бүттэххитинэ «Эльгафабрика» ХЭТ үлэҕэ ылар. Ким үөрэнэн идэ ылан, үрдүк дохуоттаах үлэҕэ киириэн баҕалаахтар биһиги кииммитигэр суруттараҕыт. Төлөпүөннэрбит – 22-3-41, 89618699667.

Борис Михайлович, инникитин да үлэ-хамнас туһунан өссө да билсэ, кэпсэтэ туруохпут буоллаҕа. Саҥа анаммыт үлэҕэр ситиһиилэри!

Яина ВЛАСЬЕВА