Дария Николаева: «Санааны бөҕөргөтөн, олус да үчүгэйдик сынньанан, астынан кэллибит»

Байыаннай дьайыы кыттыылааҕын төрөппүт ийэтэ Бордоҥ нэһилиэгин олохтооҕо Дария Николаева ааспыт ыйга Алдан улууһун Томмот куоратыгар «Доҕордоһуу кытыла» ааптардар ырыаларын гитаранан толорууга өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл чэрчитинэн ыытыллыбыт тэрээһинигэр кыра уолунаан сылдьан кэллилэр. Кинилэр өрөспүбүлүкэтээҕи «Защитники Отечества» судаарыстыбаннай пуонда көҕүлээһининэн босхо баран сынньаннылар. Пуонда Сунтаардааҕы филиалын координатора Варвара Яковлева ыйан-кэрдэн, сүбэ-ама буолла.

«Ырыа дьоро түһүлгэтигэр өрөспүүбүлүкэбит араас муннуктарыттан – Өлүөхүмэттэн, Нерюнгриттан, Мииринэйтэн, ону ааһан Новосибирскайтан, Москваттан, Санкт-Петербургтан талааннаах ырыаһыттар, хоһоон айааччылар гитаранан доҕуһуоллаах күрэххэ кытта кэлбиттэр. Бу манна биһиги байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын төрөппүттэрэ, дьиэ кэргэттэрэ Алдан өрүс үрдүгэр турар турбазаҕа олус бэркэ сынньанныбыт. Араас хабааннаах тэрээһиннэргэ кытынныбыт. Арт-студияҕа уруһуйдаан санаабытын сааһыланан, уулуссаҕа улахан экраҥҥа сахалыы киинэ бэстибээлин көрөн, волейбол күрэҕин, кэнсиэр, автобуһунан “Тайны священной горы Томмотской земли” экскурсияҕа сылдьан элбэҕи биллибит-көрдүбүт. Уйулҕа үлэһиттэрэ хас биирдиибитигэр болҕомтолоохтук, өйү-санааны бөҕөргөтөр эрчиллиилэри, оонньуулары, релаксациялары ыыттылар. Тэрийээччилэр уонна лааҕыр үлэһиттэрэ олус эйэҕэстик, истиҥник көрүстүлэр», – диэн Дария Петровна сэһэргээтэ.

Алена ИВАНОВА

Читайте дальше