Дария Гуляева: «Уһун үйэлэниим төрдө – кыргыттарым көрүүлэрэ уонна төрдүм-ууһум долган хаана…»

Бу курдук этэр тыыл, үлэ бэтэрээнэ, Сунтаар нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, 97 саастаах ытык кырдьаҕаспыт Дария Михайловна Гуляева.
Бүгүҥҥү ыалдьыппыт төрүччүтүгэр долган хаана хантан кэлбитин маннык сэһэргээтэ. Эһэтэ (ийэтин аҕата) долган эбит. Былыр биир атыыһыт оҕонньору кытары Красноярскай Таймыыр өрүһүттэн таба үүрүүтүгэр сылдьыспыт. Бүлүүчээнтэн 30 көстөөх Оҕума диэн сиргэ олорбуттар. Ол сылдьан саха кыыһын кэргэн ылан ыал буолан, оҕо-уруу төрөтөн, ууһаан тэнийбиттэр. Дария Михайловна ийэтэ икки убайдаах, биир бырааттаах ыал соҕотох кыыһа эбит. Бүлүүчээнтэн 6 көстөөх Мэйик диэн сиргэ олохсуйан иһэн, ийэлэрэ эрдэ күн сириттэн күрэнэн убайдарыгар иитиллибиттэр. Ийэтэ кэлин Бүлүүчээн нэһилиэгэр кэлэн, кэргэн тахсан, онно олохсуйбуттар.
Дария Михайловна 1927 с. элбэх оҕолоох ыалга 8-с оҕонон күн сирин көрөр. Үөрэх-билии суолугар, оскуола тэйиччи 7 биэрэстэлээх сиргэ турарынан, сатыы эргийэн хаамар буолан, кырата бэрт диэн 8 сааһыгар киллэрбиттэр. Аҕалара сэрии иннигэр олохтон туораан, аҥаардас ийэҕэ иитиллэн, сэрии аччык сылларын этинэн-хаанынан билбит, элбэх ыарахаттары ааспыт дьоһуннаах кыыс буола улаатар. Ийэлэрэ 90 сааһыгар тиийэн баран орто дойдуттан барар.
Сэрии саҕаланар сылыгар Дария Михайловна холкуос үлэһитэ эбит:
Киһи үөйбэтэх-ахтыбатах өттүттэн ыар сураҕы кэлэр-барар дьонтон биһиги да син иһиттэхпит. Бастакы хомууру биһиги билбэккэ олорбуппут дьиҥэ, ону олорор сирбит суол аана курдук буолан мэлдьи биһиги таспытынан дьон ааһар этэ. Аттаах киһи бөтөрүҥнэтэн иһэр буолла да, эмиэ туох эрэ буолла диэн куттанар аакка олорбуппут. Онтубут хомуурга эр дьону хомуйаллар эбит. Уонна, олох киэһэ, дьон бары дьиэтигэр мустан баар кэмнэригэр түбэһэннэрэн кэлэллэрэ. Мэник-тэник дьоллоох оҕо саас кэрчик кэмэ көтөн хаалбыт курдуга. Бу сэрии кэмин оҕолоругар барыбытыгар биллибитэ. Билигин ити араадьыйаҕа, киинэҕэ көрдөрөллөрө, кэпсииллэрэ барыта – кырдьык, барыта – уот харахха. Уот кураан дьыллар сатыылаан иэдээн бөҕө этэ. Хоргуйан өлүү-сүтүү, ыал-ыалынан эстэрэ, дьэ, билигин да санаатахха, дьулаан көстүү, кытаанах балаһыанньа буолбута. Оттон санаан көрүүй, оччотооҕу кэми… Биһиги ийэбит икки сүөһүлээх буолан, онон эрэ тыыннаах хаалбыппыт. Ийэм олус кыайыгас-хотугас, сытыы-хотуу тоҥус дьахтара этэ. Бэйэлээх бэйэбит сүөһүбүтүн холкуос сүөһүтүн курдук тутар этибит уонна уоран сиир этибит, санааҕар кыһыйбытыҥ-абарбытыҥ иһин оннук кытаанах кэм ааспыта.
Дария Михайловна үлэни үҥэр таҥара оҥостон олорбута, билигин да үлэһит, сүрэхтээх дьону олус ытыгылыы саныыр, кинилэргэ сүгүрүйэр. Кини араас үлэҕэ эриллэн-мускуллан, буһан-хатан чиргэл тиит курдук үүнэн тахсыбыта. Үлэлээбит кэмнэрин, оччотооҕу дьону ахтан-санаан ааһарын, үлэттэн киһи дьоллонорун туһунан саас сааһынан кэпсиирин киһи эрэ чуумпуран олорон истэр. Кыра эрдэҕиттэн ыарытыйар буолан, холкуоска үлэлээн баран, кэлин Сунтаарга убайыгар олорон эрэ балыыһаҕа эмтэнэр. Ол кэннэ аны хоту баран олохсуйар, типографияҕа өр кэмҥэ үлэлии хаалар. Үлэтигэр олус кыһанан, бэриниилээхтик үлэлээн үрдүк наҕараада тутан үөрбүтүн кэпсииригэр хараҕа уоттанан, сирэйэ сырдаан долгуйан ылар. Ол кэннэ Чурапчыга көһөн кэлэн үлэлиир, оттон ийэтэ ыалдьан, төттөрү дойдутугар Сунтаарга кэлэр. Манна кэлэн типографияҕа миэстэ баарыгар үлэлээн иһэн, оройуон киинэ Ньурба улууһугар көһөн үлэтэ суох хаалбыт. Үлэтэ суох хааллым диэн чаҕыйан турбакка, уруккуттан иистэнэр буолан, иистэнэр сыахха киирэр. Ити курдук, үлэ үөһүгэр сылдьан, саас ылан биэнсийэҕэ тахсар кэмэ кэлбитин бэйэтэ да өйдөөбөккө, соһуйан, эмиэ да хомойо, эмиэ да үөрэ санаан ылбыт. Чыычаах түннүгүнэн элэс гына көтөн ааһарыныы олох эргиирэ эчи түргэнин. Бу сылдьан оҕо-уруу диэни билбэккэ хаалар. Ол эрээри, кэлин кыыс оҕону иитэ ылар, билигин икки сиэннээх.
Дария Михайловна сыралаах үлэтин элбэх наҕараадалара, түөскэ иилинэр бэлиэлэрэ туоһулууллар.
«Уһун үйэлэниим төрдө – кыыһым, сиэннэрим көрүүлэрэ-харайыылара, истиҥ сыһыаннара, дириҥ тапталлара уонна төрдүм-ууһум долган хаана…» диэн сэмэйдик этэр. Билигин ытык кырдьаҕас, төһө да хараҕа улаханнык мөлтөөбүтүн иһин, араадьыйаны доҕор оҥостон, кулгааҕын таһыгар уура сытан сонуну истэр. Улууһун дьоно күүс-көмө буолалларыттан олуһун үөрэр, махтанар.
Ытыктыыр киһибитигэр чэгиэн туругу, этэҥҥэ сүүс сааһын сүһүөҕүн үрдүгэр сылдьан көрсөрүгэр баҕарабыт.

Елизавета ТИТОВА

Читайте дальше