Аҕыйах хонуктааҕыта «Партизан» култуура киинэ түллэҥнээн олордо. Сарсыардаттан саҕалаан, киирэн иһиэхтэн, дьэрэкээн фотозона оҥоһуллан бырааһынньык тыына биллибитэ.
«Партизан» кулууба сылын аайы ыытар, Туяра Генерова бырайыагынан, күрэҕэ куруук буоларын курдук үрдүк таһымҥа буолла.
Чэ, саас сааһынан кэпсээтэххэ маннык. Аан бастаан кырасаабысса Туйаарабыт эрчимнээх муусуканан дьигиһитэн тахсан, ыытааччы «Туй-йаар-ррра» диэн биллэриэҕиттэн күрэхпит сүүрүк ат сэлиитинэн барда. Бастакы түһүмэх – бэйэни билиһиннэрии. Манна кыттааччыларбыт сорохторо Хабаровскай кыраайга төрөөбүттэрин, оттон ыанньыксыттыыр баҕаттан манна, Сунтаарга, кэлэн дьоллорун булан олохсуйбуттарын биллибит. Мин санаабар саамай «скучнай» түһүмэх бу буолла. Туох да саҥаны, сонуну көрбөтүм, истибэтим. Кэлэр сылларга кыттааччылар бэйэлэрин оригинальнай соҕустук билиһиннэрэллэрэ буоллар.
Иккис түһүмэх – талааны көрдөрүү. Били скучайдыы сатыы олорбуппун олох талба талааннарынан тиэрэ биэрэн түһэрдилэр. Манна бааллар эбит монолог, хоһоон ааҕааччылар, тыаллаах күҥҥэ хомус от суугунуурунуу имигэс үҥкүүһүттэр, үрүйэ уутунуу кылыгыратар ырыаһыттар, сэлээппэ арааһын баайар, өрөр талба талааннар.
Оттон күүтүүлээх үһүс – минньигэс астаах түһүмэх буолла. Манна доҕоор, устан барыах балыгыттан, көтөн хаалыах уларыттан саҕалаан араас омук аһа барыта баар. Дьүүллүүр сүбэ остуолун толорон кэбистилэр. Аҥаардас киэргэтиитэ да үчүгэйэ бэрт буолан, киһи амсайыан да куттанар бүлүүдэлэрэ бааллар. Хаалан наҕылыччы аһаабыт киһи дии санаатым.
Онтон доҕоттоор «Я подарю вам ландыши» диэн ырыаҕа уйдаран эбэлэрбит араас ретро таҥастары кэтэн, тэбиэлэнэн тахсан барыбытын сэргэхситтилэр. Дьон дьэ сатаан дьүөрэлээн таҥнар да буолар эбит.
Бу күрэҕи С.А.Зверев уораҕайын үлэһитэ (сунтаардар дьолбутугар кэлэн Сунтаары сэргэхситэ сылдьар) Николай Баянаев, «Миссис Сунтар-2015» Анастасия Данилова, былырыыҥҥы «Далбар Эбэ» күрэх талба талааннааҕа Зинаида Федотова дьүүллээтибит. Кырдьыгынан эттэххэ, бары биир баайыылаахтара, бары күүскэ бэлэмнэммиттэрэ, тэриммиттэрэ көстө сылдьар. Ол да буоллар күрэх аата күрэх. Мааны эбэлэрбитигэр барыларыгар анал ааттар иҥэрилиннилэр: «Эйэҕэс мичээрдээх эбэ» – Надежда Егорова, «Партизан» КК үлэһитэ, «Саамай муодунай эбэ» – Саргылана Докторова, индийскэй үҥкүү королевата, «Сатабыллаах эбэ» – Полина Генерова, сэлээппэлэрэ аһара да үчүгэйдэр, иис маастара, «Талба талааннаах эбэ» – Елизавета Копылова, сэдэх сопрано куоластаах ырыаһыт, «Минньигэс астаах эбэ» – Ада Генерова, кини сандалытыгар ыалдьыттыы барбыт киһи дэстибит, «Далбар Хотун эбэ» – Августина Коротова, бары түһүмэхтэргэ биир тэҥ үчүгэйдик кытынна.
Киһи үөрэр, эбэ киһиэхэ саамай наадалаах бириистэри, тупсаҕай оҥоһуктаах, истиҥ тыллаах эҕэрдэ суруктары Юрий О дириэктэрдээх «Партизан» кулууба, тыыннаах сибэкки дьөрбөлөрүн Сунтаар нэһилиэгин администрацията, баһылыгы солбуйааччы Семен Николаев туруордулар. Түһүмэхтэр быыстарыгар уонна дьүүллүүр сүбэ үлэлиир кэмигэр Сунтаар талба талааннаахтара дьоро киэһэни киэргэттилэр. Уонна доҕоттоор, бу киэһэ саамай соһуччу үөрүүтэ – Туйаарабыт тапталын көрсүбүтүн, киниэхэ анаан ырыа ыллаабытын олус сэргии иһиттим. Дьоллоох эрэ буолуҥ.
Бу курдук Сунтаарга, үгүс киһини үөрдэн, дьоро киэһэ ньиргийэн ааста.
Зинаида Федотова-Дьол Кыыма