«Билигин сахалыы үчүгэй да киинэлэр баар буоллулар. Биһиги улууспутугар, чуолаан Сунтаар киинигэр, киинэ театра суоҕа олус куһаҕан. Хаһан анал лицензия ылан биһиги, Сунтаар нэһилиэгин олохтоохторо үчүгэй киинэ көрөр буолабыт? Манна туох үлэ барар? Бу билигин бары киинэ театрдарга көстө турар «Карина» киинэни биһиги көрбөккө хаалаары гынныбыт» диэн биһиги сурутааччыларбыт, ааҕааччыларбыт ыйыталлар.
Бу ыйытыыга С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан улуустааҕы норуот айымньытын киинин үлэһитэ Иван Васильев маннык быһаарар:
— Уопсайынан эттэххэ, санкциялар буоланнар киинэ прокат эйгэтигэр улахан уларыйыылар киирбиттэрэ. Онтон сиэттэрэн өрөспүүбүлүкэҕэ тахсар киинэлэри тарҕатыыга, киинэ эйгэтин сайыннарыыга Саха сиригэр «ЭкстраСинема» диэн бырайыак үлэлээн саҕалаабыта. Бу бырайыагы Элгээйигэ уонна Сиэйэҕэ үлэлэтэ олороллор.
Саха сиригэр уһуллар, тахсар киинэлэр анал киинэ тыйаатырын ирдэбилигэр эпппиэттиир анал тэриллэригэр эрэ көстөр форматтаах буолаллар. Биһиэхэ сөп түбэһэр форматынан, кииҥҥэ баар LED экраҥҥа көрдөрөр кыахтаахпыт, ол эрээри оннук көрдөрөр барыта киинэ правообладателыттан тутулуктаах, көҥүл биэрдэхтэринэ биирдэ кыаллар.
Билигин СӨ Култууратын уонна духуобунай сайдыытын министиэристибэтин кытары анал киинэ көрдөрөр тэриллэри ыларга үлэ бара турар.
Дмитрий ЫМЫЧАНОВ