Балаҕан ыйын 25 күнүгэр Дьаархан нэһилиэгэр «ЧУУКААР КӨМҮС КҮҺҮНЭ» күһүҥҥү айылҕаны кытта алтыһар сүрдээх үчүгэй тэрээһин буолла. Тэрээһин улууспутугар Аҕам саастаахтарга ытыктабыл сылынан, Аҕам саастаах ытык дьоммут күнүн уонна Улуу Кыайыы 80 үбүлүөйдээх сылын көрсө чэрчитинэн ыытылынна. Бу манна
Дьаархан нэһилиэгин Аҕам саастаах ытык-мааны дьоннорбутун
кытта нэһилиэкпит оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччилэрэ (кылаас салайааччыта М.М.Абдалова) нэһилиэк дьаһалтата уонна «Одун» НАК үлэһиттэрин тэрийиилэринэн буолла.
Чуукаар холхуостан сэриигэ барбыттар уонна Чуукаар холхуоска үлэлээн ааспыт үлэ, тыыл бэтэрээннэригэр аналлаах өйдөбүнньүгү сөргүтэн, кырааскалаан кэллибит. Ол таарыйа араас күрэхтэр, куоҥкурустар ыытылыннылар.
«Бастыҥ бүлүүдэ» күрэс түмүгүнэн Светлана Григорьева -1 миэстэ. Галина Николаева 2 миэстэ. Августина Тихонова 3 миэстэ буоллулар. Маны сэргэ «Күһүҥҥү айылҕаҕа хаартыскаҕа түһүү», «Айылҕа дьикти матырыйаалыттан композиция» күрэһэ бэрт сэргэхтик ааста. Итии чэй, миин, шашлык ас арааһа тэрилиннэ.
Бөһүөлэктэн 12 км ыраах сиргэ тыраахтырынан Прокопий Семенов илдьэн, аҕалан аһара астынан сынньанан, үөрэн-көтөн сырыттыбыт. 80 саастарын лаппа ааспыт Чуукаарга төрөөбүт, үлэлээбит ытык дьоммут төрөөбүт түөлбэлэрин, үлэлээн ааспыт сирдэрин көрөн долгуйан, астынан кэллилэр..
Нэһилиэкпит дьаһалтатыгар баһылык Петр Тимофеевка, култуурабыт үлэһиттэригэр дириэктэр Василий Васильевка, суоппар Прокопий Ивановичка бэтэрээннэр ааттарыттан дириҥ махталбытын этэбит. Өссө биир улахан махталы Игорь, Алексей Трифоновтарга тириэрдэбит. Чуукаар эбэ хотунтан үтэн ылбыт соболорун кырдьаҕастарга бэлэх уунан дьиэбитигэр өссө собо кэһиилээх кэллибит.
Баҕарабыт барыгытыгар бары үчүгэйи, кытаанах доруобуйаны, мэлдьи маннык түмсүүлээх буолуоҕуҥ.
Августина ТИХОНОВА,
аҕам саастаахтар түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ