Сунтаар улууһугар олунньу 17 күнүттэн саҕалаан “ИнформУИК” федеральнай бырайыак үлэлээбитэ биир нэдиэлэтэ буолан эрэр.
«Хас күн ахсын бу бырайыак чэрчитинэн дастабырыанньалааах, бэлиэ бейджиктаах куоластааччыларбытыгар дьиэлэригэр тиийэн кулун тутарга буолар быыбарга быыбардааччы испииһэгин чуолкайдыыр кылгас ыйытык толотторобут. Кинилэргэ Арассыыйа бэрэсидьиэнин талар быыбарга ханнык кандидаттар турбуттарын, куоластааһын араас ньымаларын туһунан сырдатабыт. Маны таһынан аҕам саастаах дьоҥҥо ким быыбар күнүгэр сатаан кэлбэтин билсэбит, кинилэргэ сөптөөх күҥҥэ анал хамыыһыйа тиийэммит сокуоннай бырааптарын толорорго көмөлөһүөхпүт диэн иһитиннэрэбит. Билиҥҥи туругунан барыта 32 ыал уонна 75 быыбардааччы хабылынна», — диэн Күүкэй нэһилиэгин 503-с нүөмэрдээх быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Светлана Попова кэпсиир.
«Сунтаар сонуннара» хаһыат