Сунтаарга Саҥа дьыл өрөбүллэригэр ыарахан буруйу кэһии тахсыбата диэн Сунтаардааҕы Ис дьыала органа иһитиннэрдэ.
Үгүс киһи сынньанар кэмигэр дьон нус-хас олоҕун араҥаччылыыр тэрилтэлэр күнүстэри- түүннэри үлэлээтилэр. Ол курдук, кыһыҥҥы уһун өрөбүллэргэ Сунтаар улууһун үрдүнэн “Быт” диэн эрдэттэн буруйу сэрэтэр операция ыытылынна. Тэрээһиҥҥэ Сунтаардааҕы Ис дьыала органын сэргэ буруйу эрдэттэн сэрэтиигэ үлэлиир тэрилтэлэр, ыксаллаах быһыы-майгы сулууспата, үөрэҕирии салаатын бэрэстэбиитэллэрэ, дружинниктар кытыннылар. Ордук чуолаан, иһэр-аһыыр, оҕолорун сүгүн көрбөт, учуокка турар ыаллары, хаайыттан босхоломмут дьону, кэлии омуктары бэрибиэркэлээтилэр, өйдөтүү-сэрэтии үлэтин ыыттылар. Суолга саахал тахсыбатын диэн ГАИ үлэһиттэрэ күүстээх үлэ режимыгар көһөн үлэлээтилэр.
Сунтаардааҕы Ис дьыала органын полиция начальнигын уопсастыбаннай бэрээдэги көрүүгэ солбуйааччы, полиция подполковнига Артем Афанасьев: «“Быт” операция кэмигэр 10 административнай буруйу кэһии, дьон чуумпу олоҕун аймааһын 2, төрөппүт эбээһинэһин толорбот буолуу 1, полиция үлэһитигэр утарылаһааһын 2, суол быраабылатын кэһии 60, итирик туруктаах уруулга олоруу 4, массыына ыытар бырааба суох айаннааһын 8, оҕону анал туттаһыга суох айаннааһын 3 таҕыста. Маннык операциялар ыарахан буруй тахсыбатыгар диэн сэрэтии үлэтин быһыытынан ыытыллар. Ол иһин, уһун өрөбүллэргэ Сунтаар үрдүнэн ыарахан буруйу кэһии тахсыбата. Дьон саҥа сылы үөрэ-көтө көрүстэ. Операция кэмигэр үлэлэспит тэрилтэлэргэ, дружинниктарга махталбытын биллэрэбит», — диир.
Онон “Быт” операция үлэтэ көдьүүстээҕин көрдөрдө. Маннык эрдэттэн буруйу сэрэтэр тэрээһиннэр кэлин эмиэ ыытыллыахтара турдаҕа.
Мира АФАНАСЬЕВА