Билэрбит курдук, сэтинньи 28 — ахсынньы 1 күннэригэр улуустан бэрэстэбиитэл кыттыылаах нэһилиэк баһылыктарын отчуоттара буоллулар. Үгүс нэһилиэк быйыл отчуоту истээччи ахсаана элбэҕин бэлиэтииллэр. Отчуоттарга, сыллата буоларын курдук, олохтоох дьаһалта, баһылык сыл устата туох үлэ барбытын кэлбит дьоҥҥо сиһилии сырдаттылар. Ол курдук Кэмпэндээйи нэһилиэгэр баһылык Александр Игнатьев быйылгы сыллааҕы отчуотун истэн баран, олохтоохтор биһирииллэрин биллэрдилэр.
«Сунтаар сонуннара» хаһыат.
Үгэскэ кубулуйбут нэһилиэк баһылыгын сыллааҕы отчуота буолан ааста. Кыра кулуупка үгүс киһи мустубут. Улуус дьаһалтатыттан Мирослав Иванов, бырамыысыланнас, ыксаллаах быһыы-майгы отделын салайааччыта кэлбит. Быйылгы отчуот Үлэ сыла түмүктэнэн эрэринэн, баһылык эрэ буолбакка, нэһилиэккэ баар тэрилтэлэр салайааччылара, уопсастыбанньыктар эмиэ отчуоттаатылар. Баһылык Александр Игнатьев отчуотуттан ыллахха, быйыл нэһилиэккэ 234 улахан киһи, 117 оҕо, уопсайа 351 киһи олорор, быйыл 3 оҕо күн сирин көрдө, барыта 180 үлэ миэстэтэ, 22 устудьуон, 115 дьиэ хаһаайыстыбата, онтон 54 ыал элбэх оҕолоохтор, 19 инбэлиит, олортон 5 оҕо, биэнсийэлээх 80 киһи баар. Үлэтэ суохтарга биир да киһи турбатах. Тыа хаһаайыстыбатыгар ынах-сүөһү аҕыйах, дьон үксэ түргэнник ситэр салааны тутуһан кууруссаны, сибиинньэни уонна сылгыны иитэллэр. Барыта 130 туонна от оттонно, эбии 25 туонна үчүгэй хаачыстыбалаах оту атыыластылар. Оту тиэйиигэ 36 тыһ. солк олохтоох дьаһалта көмөлөстө. Нэһилиэк бүддьүөтэ дохуоттаах чааһа 23422439, 54 солкуобай, манна тус сыаллаах үп-харчы олохтоох көҕүлээһиннэри өйөөһүн бырагырааматыгар 2 мөлүйүөн солкуобай, быыбар хампаанньатын түмүгүнэн 500 тыһыынча солкуобай грант харчыта бааллар. Ороскуот чааһа 24822413, 12 солк. Быйылгы сүрүн үлэлэринэн олохтоох көҕүлээһини өйөөһүн бырагырааманан «Кэскил» кыраайы үөрэтэр музей территорията оҥоһулунна, уулуусалары өрөмүөннээһин, успуорт былаһаакката ситэрилиннэ. Хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү бырагырааманан 1127 м² 32 кыбартыыралаах дьиэ тутуутун бэдэрээтчитэ биллэн, туһааннаах докумуоннарын ылыыта түмүктэнэн эрэр. Баһаары утары минерализованнай балаһаны ыраастыырга олохтоох Георгий Саввинов ылсан үлэлээбит. Бу сотору кэминэн 150 миэстэлээх култуура дьиэтэ үлэҕэ киирээри турар. Отучча сыл олохтоохтор туруорсубут оскуолабыт тутуута иннэ-кэннэ билигин да чуолкайдана илик, ол да буоллар, бу ыйга Москваҕа дойду бэрэсидьиэнэ В.В. Путин тус хонтуруолугар киирбитэ эрэли үөскэттэ. Быйыл нэһилиэккэ Аҕа сыла биллэриллэн араас тэрээһин буолла, улуустааҕы Аҕа күрэҕэ үрдүк таһымнаахтык ааста. Манна биһигиттэн Владимир Гуринов уолунаан кыттаннар 2-с миэстэ буолбуттара. Кэнники сылларга улуус киинин кытары сибээстиир соҕотох суолбут мас муосталара эргэрэннэр, алдьананнар халаан кэмигэр үгүс кыһалҕаны үөскэтэллэр. Биһиги суолбутунан туус, чох, цеолит тиэллэр буолан, улахан уйуктаах массыыналар сылдьаллар, онон бу өрөспүүбүлүкэ дьаһайар суола буолар. Билигин эргэрбит муосталары оҥорорго үлэ баран эрэрэ үөрдэр. Биһиги суолбутун «Сунтар-цеолит» ХЭТ көрөн дьаһайар.
Бу күһүн икки эдэр исписэлиис үлэлии кэллилэр: биэлсэр Александра Винокурова уонна «Кэскил» кыраайы үөрэтэр музейга үрдүк музеевед үөрэхтээх Василий Прокопьев.
Баһылык отчуотун кэнниттэн орто оскуола дириэктэрэ В.И. Семенов, «Сир уустара» өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо киинин салайааччытын солбуйааччы А.Г. Сымытов, «Сайдыы» кулууп дириэктэрэ А.Ф. Тотонова, бибилэтиэкэ-түмэл салайааччыта Т.И. Местникова, Арассыыйатааҕы ийэлэр түмсүүлэрин уопсастыбаннай тэрилтэ, «Арчы» түөлбэ салайааччыта Л.Н. Осипова тэрилтэлэрин туһунан Үлэ сылыгар ситиһиилэрин, кыһалҕаларын, инники былааннарын билиһиннэрдилэр, ыйытыыларга эппиэттээтилэр. Олохтоохтор «Сир уустара» тэрилтэҕэ баар-суох баһаары умулларар массыынабытын атын сиргэ барбатын курдук үлэ бара турарын тустаах отдел салайааччыта Мирослав Валерьевич билиһиннэрэн үөрэ иһиттибит. Кэнники сылларга чөл олохтоох нэһилиэк ааттаахпыт да, арыгы атыылыыр «туочукалар» күн-түүн тэллэй курдук элбээн иһэллэрэ дьиксиннэрэр. Манна олохтоох дьаһалта, депутаттар болҕомто ууран үлэлэһэллэрэ наада диэн туруорустулар. Чахчы, бу маннык уора-кистии арыгы атыылыыр дьону уодьуганныырга үрдүкү салалта, депутаттар өттүлэриттэн сокуон хараҕар эппиэттиир дьаһаллар наадалар быһыылаах.
Бу курдук Кэмпэндээйигэ быйылгы баһылык отчуота сонуннук тэриллэн ыытылынна. Сибээспит тупсан, сорох дьон куйаар ситиминэн эмиэ киирэн иһиттилэр. Түмүккэ, баһылык Александр Игнатьев үлэтин олохтоохтор биһирээтилэр.
Татьяна МЕСТНИКОВА.