Кэмпэндээйи сирэ-уота баайынан дойдубут үрдүнэн биллэр. Турар да сирэ чөкө. Маннык үтүө сиртэн үгүс талааннаах дьон тахсан, биһигини үөрдэллэр. Кинилэртэн үгүстэрэ олохтоох «Сайдыы» култуура кииниттэн биһиктэнэн тахсыбыттара өйдөнөр. Хомойуох иһин, аҕыйах сыллааҕыта 2 этээстээх баараҕай тутуу уокка былдьаммыта. Инньэ гынан, олохтоохтор сынньалаҥ бириэмэлэрин туһалаахтык атаарар сирдэрэ суох хаалбыттара.
Хата өрөспүүбүлүкэ, улуус салалтатын өттүттэн ону өйдөөн, сүрэхтэригэр чугастык ылынан, нэһилиэккэ культурнай-спортивнай киин тутуллан, быйыл үлэҕэ киириэхтээх.
Биһиги «Сайдыы» култуура киинин дириэктэрэ Анна Тотонованы кытта тутуу хайдах бара турарын туһунан кэпсэттибит. Онуоха Анна Фомична маннык диэн хардарда: «Тутулла турар култуурабыт киинэ урукку дьиэбитигэр холоотоххо баараҕай буолуо. Бэйэҕит санаан көрүҥ, 1000 квадратнай миэтэрэ иэннээх, уопсайа 150 миэстэҕэ анаммыт. Сүрүн дьиэҕэ сыста турар ураһалаах буолуоҕа. Киэҥ-куоҥ эбийиэк аныгы кэм ирдэбилигэр толору эппиэттиир. Тутууну «Виктория+» ХЭУо (ген. дириэктэр Ю.И. Варламов) ыытар. Миэстэтигэр тутууну прораб Артем Варламов хонтуруоллуур. Билигин эбийиэккэ ис үлэтэ барар. Ол курдук дьиэ вентиляциятын, уотун тардаллар. Баһаарынай ёмкоһын туруораллар. Оҥоһуллубут үлэ 26,14% тэҥнэһэр. Ол эрээри болдьоммут бириэмэтигэр күүтүүлээх култуурабыт киинэ үлэҕэ киириэ диэн эрэнэбит».
Гаврил АНДРЕЕВ.