Бүгүҥҥүнү үйэтитэр – улуус хаһыата

Улууспут биир соҕотох хаһыата «Сунтаар сонуннара»  бүгүҥҥү күҥҥэ 910 ахсаанынан тахсар. Сун­­таар дьоно-сэргэтэ хаһыат сурутуутугар урут-уруккуттан быдан көхтөөх. Ити сыыппара билиҥҥи интэриниэт үйэтигэр үчүгэй көрдөрүү.

Хаһыат үлэһиттэрэ аҕыйах сылтан бэттэх үлэбит биллэ уларыйда. Бу тэтимнээх олохпутугар буолар тэрээһиннэр, араас хайысхалаах куоҥкурустар о.д.а. этэргэ дылы аата-ахсаана биллибэт элбэхтэр. Мантан ордук интэриэһинэйин, сонунун биһиги булан-талан ааҕааччыларбытыгар сырдатарга дьулуһабыт.  4-5 сыллааҕыта аҥаардас хаһыакка анаан ыстатыйа бэлэмниир буоллахпытына, билигин хас биирдии оройуон хаһыата сайтка, бары социальнай ситимнэргэ эмиэ үлэлиир. Оройуоннар сонуннарын «Сахабэчээт» Улус Медиа сайтын үлэһиттэрэ сүрүннүүллэр. Сайтка күннэтэ тахсар сонуннары ыраах-чугас, атын регионнарга, улахан куораттарга баар биир дойдулаахтарбыт сөбүлээн, сэргээн ааҕаллар, күүтэллэр. Хаһыат үлэһиттэригэр анал кэрэспэдьиэннэр – видеографтар диэн саҥа үлэһиттэр баар буолбуттара. Хаһыаттар социальнай ситимнэригэр холобур, сайтка (биһиэнэ сунтаарсонуннара.рф) күн ахсын кыччаабыта 3 матырыйаалы өрөбүлэ суох туруорабыт. Оттон ааптардар, үксүн бэйэлэрин суруйууларын кумааҕы хаһыакка таһааттара сатыыллара биһигини, тустаах дьону ордук үөрдэр. Сайты сэргэ ордук элбэх ааҕааччылаах, көрөөччүлээх телеграм каналбыт буолар, ВК – “В контакте», “Одноклассники” уонна ютуб каналлаахпыт. Ютубка, телеграмҥа подкастар диэн араас кэпсээннэри, сэһэннэри ааҕан эмиэ угабыт. Манныгы ордук иллэҥэ суох дьон, ону-маны гына сыл­дьан холбоон истэбит дииллэр. Ааҕааччыга, көрөөччүгэ ханнык сыһыарыы ордук табыгастааҕынан, онно киирэн сонуну, араас таһаарыылары билсэр. Бу барыта тэтимнээхтик сайдар олохпут көстүүтэ — тута сэргиир эйгэҕин баҕарбыккынан булан көрөҕүн, истэҕин. Оттон саамай үйэлээх биллэн турар – кумааҕы хаһыат. Билиҥҥи олохпут кэрдиис кэмин, үлэһит дьонун, ситиһиилэрин барытын хаһыакка тиһэн хааллардахха этэргэ дылы, кэлэр кэнэҕэскилэрбит бу бүгүн тахсыбыт хаһыаттан булан ааҕыахтара, көрүөхтэрэ.

Хаһыат таҥыллан, бэчээттэнэн ааҕааччыга тиийиэр диэри үлүгэрдээх үлэни ааһар. Ааҕааччыларбытыгар хаһыат хайдах оҥоһуллан тахсарыттан кылгастык билиһиннэрэбит. Хаһыат нэдиэлэҕэ биирдэ – бээтинсэ күн тарҕанарын бары билэбит. Аны бу аҕыс балаһаны таҥарга биһиги, хаһыат үлэһиттэрэ мээнэ аҥаар кырыытыттан ылан бэчээттээбэппит. Ыйдааҕы, нэдиэлэтээҕи «информационнай повестканан» сирдэтэбит, ону сэргэ халандаарга баар бэлиэ күннэринэн уонна анабыл сылларынан. Нэдиэлэҕэ биирдэ тахсар хаһыат ис хоһооно баай буолуохтаах. Суруналыыстар үлэлэрин таһынан биһиэхэ, ааҕааччыларбыт, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэрбит бэйэлэрин сонуннарын, нэһилиэктэрин олоҕун-дьаһаҕын, олохтоохтор ситиһиилэрин сырдаталлар. Маны сэргэ юнкордарбыт, оскуола олоҕун, доҕотторун ситиһиилэрин суруйар ыччат дьоммут аҕыйаҕа суохтар. Манна холобур, А.П.Павлов аатынан Сунтаар 1-кы нүөмэрдээх оскуола «Дьулуур» медиа киинин оҕолоро видео матырыйааллары, сонуннары биэрэллэр. Аҕам саастаах көлүөнэ дьоммут уруккуну-хойуккуну анааран, ахтан эмиэ элбэх бэрт интэриэһинэйи суруйаллар.

Быйыл хаһыаппыт 85 сылынан урукку хаһыат суруйууларыттан элбэхтэ таһаартаатыбыт. Маны ааҕааччыларбыт олус сэргииллэр, холобур бу сэтинньигэ 1979 с. «Ильич уоттара» хаһыат 179 №-гэр Кутана ыччат комсомольскай ферматын үлэтин туһунан таһаарыыны сэргээбит аҕыйаҕа суох. Сынньалаҥҥа анаан сканворд, тэттик кэпсээннэр эмиэ тахсаллар. Хаһыаппыт хаартыскалара элбэх. Ону тэҥэ иккис сылбытын QR-код киллэрэммит, суруналыыстар сорох тэрээһиннэргэ, сорох дьоруойдарын кытта көрсөн оҥорбут видео матырыйаалларын ааҕааччы төлөпүөнүн ити куаркодка даҕайаат хаһыаттан тута видео көрөллөр. Маны эмиэ элбэх киһи сэргээн, ордук оҕолор, ыччат дьон хаһыакка «хара квадраттааҕын» кэтэһэллэр-манаһаллар. Төрөөбүт тылы сайыннарыыга суруйуулар аҕыйаҕа суохтар. Хаһыаппытыгар биллэр-көстөр дьоммут кынаттаах этиилэрэ, «сахалыы ыраастык саҥарыаҕыҥ» рубрика уонна алын сүһүөх кылаас оҕолоругар сөптөөх «Оҕолорбутун кытта бииргэ ааҕабыт» диэн тэттик кэпсээннэрдээх рубрикалар бааллар. «Ыйыт — хоруйдуубут» рубрикаҕа ааҕааччылар төлөпүөнүнэн эбэтэр суругунан киллэрбит ыйытыыларыгар туһааннаах исписэлиистэн хоруй ылабыт. Нэдиэлэтээҕи сүрүн сонуннар «Нэдиэлэ тиһиктэриттэн» рубрикаҕа киирэллэр. Мантан да атын араас хайысхалаах рубрикаларга элбэх суруйуулар тахсалларын, хаһыаты көтүппэккэ ааҕааччы бэйэтэ билэр.

Күндү ааҕааччыларбыт, улууспут олохтоохторо! Эһиги сэргэх кэпсээннэрдээх, киэҥ араҥаҕа биллэ илик талааннаах, дьоҕурдаах, туруу үлэһит дьонноох эбэтэр ыаллаах буоллаххытына биһиэхэ суруйан эбэтэр «маннык интэриэһинэй дьарыктаах, олохтоох киһи, ыал баар» диэн хаһыаппыт оробуочай нүөмэригэр – 89143000136 биллэрдэххитинэ, биһиги үөрүүнү кытта сырдатыахпыт.

Историяны үйэтитэр, улууспут соҕотох хаһыатын сурут, аах, сэргээ! Биһиги бииргэ үлэлэһэргэ бэлэммит, суруктаргытын күүтэбит!

Сылбыт түмүктэниэ кыра кэм хаалла. Онон «Сунтаар сонуннара» улуус хаһыатын кэлэр 2024 сылга суруттара илик буоллаххытына, дьиэҕититтэн тахсыбакка бу төлөпүөннэр 89142623154,   89142789596 нөҥүө  суруттарыаххытын сөп.

 

Юлия-Айархаана АЛЕКСЕЕВА

 

Читайте дальше