Бүгүн — Ороһуоспа

Ороһуоспа диэн христиан итэҕэлигэр Иисус Христос төрөөhүнүн бэлиэтиир күн. Григориан халандаарынан ахсынньы 25    ылыллар. Cорох илин христиан таҥара дьиэлэрэ Ороhуоспаны тохсунньу 7 күнүгэр бэлиэтииллэр.

Ороhуоспа төрүкү христиан бэлиэ күнэ эрээри, билигин аан дойдуга барытыгар киэҥник бэлиэтэнэр, христиан буолбатах да дьон эмиэ сөбүлээн бэлиэтииллэр.

Ороhуоспа биллэр үгэстэрэ: дьон бэйэ бэйэлэригэр бэлэх бэрсэллэр (оҕолорго бэлэхтэри Санта Клаус аҕалар), эҕэрдэлээх хаарталарынан атастаhаллар, таҥара дьиэтигэр сылдьаллар, уруу-аймах дьон бииргэ мусталлар, ас астыыллар,  Ороһуоспа маһынан киэргэтэллэр, дьиэ иhигэр уонна таhырдьа уоттары уонна гирляндалары ыйыыллар.

Куйаар ситимиттэн