Бу күннэргэ, биир дойдулаахпыт, норуоттар икки ардыларынааҕы суруйааччылар сойуустарын холбоһугун, СӨ суруйааччыларын, РФ суруналыыстарын сойуустарын чилиэнэ, 32 кинигэ ааптара, “Ил Түмэн” «Парламент» хаһыатын уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ – Александра Михайловна Григорьева-Сандаарыйа үгүс сыллаах үлэтэ үрдүктүк сыаналанан, “Бүөтүр I” мэтээлинэн наҕараадаланна. Ону таһынан, Норуоттар икки ардыларынааҕы наука уонна искусство Академиятын чилиэн кэрэспэдьиэнинэн талылынна. Бу ситиһиилэри ылбытынан биир дойдулаахтарыҥ дьонун-сэргэтин аатыттан ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит. Баҕарабыт чэгиэн туругу, айар үлэҕэр өссө да элбэх умсугутуулаах суруйуулары, ситиһиилэри, дьолу-соргуну. Александра Григорьева — бүгүн биһиги хаһыаппыт ыалдьыта.
-Александра Михайловна, ааҕааччыларбытыгар, бэйэҥ тускунан, ханна үлэлии-хамсыы сылдьаргын сырдата туһүөҥ дуо?
–Билигин Мииринэй оройуонун Светлэй бөһүөлэгэр олоробун. Светлэй-Саха сирин эдэр бөһүөлэктэриттэн биирдэстэрэ. ГЭС тутааччыларыгар анаммыт толору хааччыллыылаах дьэндэспит таас дьиэлэрдээх, хатыҥ чараҥ хадьааһыннаах, толуу тиит тулааһыннаах, ыраахтан тунаарыйан көстөр тоҕойдордоох, бүгүл-таҕыл бүүрүктээх, бөлүөһэр сардаҥа долгуннардаах Бүтэй Бүлүү кытылыгар үүнэн-үөскээн тахсыбыт бөһүөлэк. 3000 тахса нэһилиэнньэлээх. Светлай бөһүөлэгэр көһөн кэлээт, дьоно-сэргэтэ сайаҕаһын, аһаҕаһын, омуктаспакка бары биир ыал курдук иллээхтэрин бэлиэтии көрбүтүм. Бөһүөлэк турар сиригэр-уотугар аастыйбыт үйэлэр да саҕана кыргыс илбиһэ түспэтэх, сэрии сэтэ-сэлээнэ ааспатах. Ол иһин, ыраас, бүтэй, сырдык дьайыҥнаах. Былыр арай дэҥҥэ булчуттар буур тайаҕы, кыыл табаны сырсан, үрүҥ-хара түүлээҕи батыһан, дьулҕан дьолуо аргыстанан, Баай Байанайдарын маанылаан, алгыс бастыҥын алҕаан ааһаллара үһү. Ол алгыстар сыа-сыҕарым тылларыгар биһиктэнэ биэбэйдэнэн, чэчик талыыта, күөх күндүтэ, көтөр-сүүрэр арааһа силигилии-чэчириир сирэ-дойдута.
— Элбэх суруйуулардааххын, 32 кинигэ ааптараҕын, үксүн ханнык жанрдарга үлэлиигин?
-Поэзия, публицистика, кэлин үксүн тылбааска үлэлээн эрэбин. Дойдум дьонун туһунан элбэхтик суруйабын. Ол курдук, бөдөҥ уопсастыбаннай уонна политическай деятель К.Е.Иванов, Сунтаартан төрүттээх профессордар А.А.Гольдман туһунан “Призвание”, А.И.Павлова туһунан “Колесо судьбы”, оскуола дириэктэрдэрэ Л.Г.Никифоров туһунан “Педагог-мыслитель”, Б.Е.Герасимов туһунан “Морфология успеха”, О.К.Сосин туһунан профессор К.Д.Уткинныын соавтордаан, “Материк радости или Олег Сосин: Педагогика духа”, таксидермист А.Д.Макаров туһунан “Страдивари таксидермии”, учууталлар тустарынан — Н.М.Семенов “Норуот учуутала”, А.Н.Захаров “Сунтаар Дархан ырыаһыта”, Элгээйи “Көмүс кинигэтигэр” киирбит ыал ийэтэ Е.С.Иванова туһунан “Күөрэгэйдээх алаас Күн Чөмчүүгэ” о.д.а.
— Быйыл айымньыларыҥ Москуба «Серебряная строка» диэн альманаҕар, Москва куорат сурунаалларыгар бэчээттэммиттэрин үөрэ истибиппит. Кэлин тугу суруйдуҥ, инники туох былааннааххын?
-Икки тылынан суруйар буоламмын, айымньыларым нууччалыы да тыллаах ааҕааччыларга тиийэллэр. Хоһооннорбун английскайдыы дьүөгэм, Сунтаардааҕы гимназия дириэктэрэ, Л.Е.Евсеева тылбаастаабытыгар, түгэнинэн туһанан, дириҥник махтанабын. Быйыл “Мин дойдум – Садын” диэн Сүлдьүкээр историятын, төрүттэрин, аҕа уустарынан сыдьааннарын эридьиэстээн, түмэн кинигэ таһаардым. Кинигэ биһирэмэ атырдьах ыйын бүтүүтэ Сүлдьүкээргэ олус тэрээһиннээхтик, үрдүк таһымнаахтык буолбута. Инникитин да тылбааска өссө да дьаныһан үлэлиэм. Билигин Кыргызстан биллиилээх суруйааччыта, университет профессора, Улуу Чингиз Торекулович Айтматов сиэн быраата (Роза Торекуловна Айтматова уола) Асан Ахматов кэпсээннэрин тылбаастыы сылдьабын.
-Кэпсээниҥ иһин махтанабын.
Алена ИВАНОВА
Хаартыскаҕа: А.М. Григорьева-САндаарыйа саха тылын, литературатын аксакалларынаан, 2012 с.