Ыт — киһи доҕоро, өскөтүн кинини сөпкө ииттэххэ, аттыгар илдьэ сылдьан үөрэттэххэ, сөптөөхтүк көрдөххө-иһиттэххэ… Сунтаар нэһилиэгэр Буран диэн овчарка ыт соторутааҕыта «Красота Якутии» диэн күрэс кыайыылааҕа буолла.
Марина Жиркова «Сардаана» уһуйаан сэбиэдиссэйэ, сарсыарда алта чаас буолла да, таһырдьа доҕорунаан Бураанныын тахсан хаампытынан, сүүрбүтүнэн барар. Буран — швейцарскай овчарка, 2,5 сыл анараа ɵттүгэр Маринаҕа уолаттарыттан бэлэх быһыытынан кэлбитэ. Онтон бэттэх кэрэ аҥаар олоҕо биллэ сэргэхсийдэ, чэгиэн буоларга тɵһүү буолла. Билигин кинилэр иккиэ буолан ыллылар да сир астыы, дьаарбайа, сүүрэ, хаама, бэлэһэппиэттии бараллар. Марина икки сыл анараа өттүгэр сүүстэн тахса киилэ ыйааһынаах буоллахпына ыттанан баран аҕыс уонча киилэҕэ түстүм, саахарым да кэминэн буолла диэн санаатын үллэстэр уонна оҕолор улаатан барбыттарыгар доҕорум, харабынайым, психологум кини диир.
Буран — олус үтүө майгылаах, үɵрүнньэҥ, өйдөөх, истигэн доҕор, онтон дьиэтин аттыгар дьоһуннаах харабыл. Хаһаайкатыгар көмө буолан дьиэ аанын арыйан биэрэр, хаар күрдьэр, ыараханы тасыһар.
Саҥа сылы көрсө Буран «Красота Якутии» диэн дьиэтээҕи кыыллар күрэстэригэр куоластааһынан кыайан улахан ситиһиилэнэн сылдьар. Куйаар ситимигэр анал ханаалыгар сурутааччыта да элбэх.
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА