Доҕоттор, саас кэллэ! Ириэрии буолан, чалбах тахсан, бадараан барахсан бырыыланыы… Ол да буоллар айылҕабыт барахсан маннык уһуктар, тиллэр кэмин ким абааһы көрүөй? Быстах кэмҥэ уутун-хаарын ыһыахтана оонньоон, тыалын түһэрэн куурдуо дии. Оччоҕо ыал эрэ бары хортуоппуйун олордо тэлгэһэтигэр сыбыытыа. Оттон олохпут ис хоһооно, төһө да аҥаардастыы аһыырынан-сииринэн муҥурдамматар, кэрэҕэ тардыһарбыт баар эбээт! Киһи тыыннааҕын тухары!
Ааспыт сайын “Үрдүк үүнүү кистэлэҥэ” диэн Сибэкки Дуунньа кинигэтэ “Айардарга” күнү көрбүтэ. Евдокия Степановна Гаврильева Нам сиригэр олохтоох, уруккута биллэр учуутал, элбэх оҕону иитэн-үөрэтэн таһаарбыт үтүөкэннээх киһи буоллаҕа. Ол туһунан олус сылаастык “Өркөн өйү” ыытар Георгий Белоусов кэпсээн турар. Кинини оскуолаҕа үөрэппит-ииппит учуутала эбит ээ! Онтон, олох суола кыратык эриллэ түһээтин, Евдокия Степановна сибэккинэн анаан дьарыгырар аакка барбыт эбит. Устунан сибэкки эрэ буолуо дуо, оҕуруотугар ол-бу эриэккэс аһылыгыттан аны атыны эспэримиэнниир санааланан, виноградка тиийэ үүннэрэн, ас бөҕөтүн куттаран ылар!
Быраас эттэ ээ…
Итини Саха сирин олохтооҕо бары билэр. Тоҕо мин хатылыыбыный? Тоҕо диэтэххэ, бүгүн биир бырааһы көрүстүм, уу куттарар уочаракка. Киһим эттэ, ковид кэнниттэн дьон-сэргэ хайдах эрэ мунан хаалбыт курдук туруктанна. Ону уһугуннарарга уонна уһукта сатыырга саамай көдьүүстээх ньыманан сибэккини олордуу диир.
Тоҕо? Тоҕо диэтэххэ онтуҥ буора суох сатаммат. Оттон буору хаһар-буккуйар, өссө эбиитин онтун ыраастыыр-аһатар, араастаан битэмииннээн байытар киһи бэйэтэ эмиэ тиллэр диир.
Иккиһинэн, сибэкки умнаһа быктар эрэ, хайдахтаах да киһи бу үүнээйи тугунан силигилиирин кэтэһэр, күннэтэ хас сэбирдэҕин ааҕа көрөр, уу кутар, эргэрбитин ылгыыр-ыраастыыр буолар. Оччоҕо кини хараҕынан көрөн манньыйарын сэргэ ис дууһатыттан олоххо тардыһыыта күүһүрэр, этэ-хаана уһуктар, куһаҕаҥҥа бэринэр гына этэ-сиинэ ковидка эмсэҕэлээбитэ сэбирдэҕи кытта тэҥҥэ симэлийэр, саҥалыы тиллэр диир. Ол аата күҥҥэ тардыһар от, сибэкки, хайдах баҕарар үүнээйи сэбирдэҕэ бары куһаҕаны сабырыйар кыахтаах эбит. Оччотугар киһи бэйэтин бодотун ити үүнээйи курдук тардыныахтаах үһү!
Сүбэтэ элбэҕи-ин!
Мин бу күннэргэ түбэһиэх, ааспыт сайын эмээхсиним ылбыт Сибэкки Дуунньа кинигэтин көрөөрүбүн, дьэ, сөрү диэн сөхтүм! Учуутал учуутал курдук эбит, сүбэ бөҕөтүн суруйбут, анаан-минээн “Өйдөөҥ!” диэн лаппыйан ыйаттаабыт. Буору буккуйуу албастара, көбүтүү уратыта, аһатыы-сынньатыы киитэрэһэ, ууну кутуу араастара… дьэ, доҕоттор, сиэмэ саҕаттан бүөбэйдээн кэрэчээн-дьэрэкээн дьиктилэри үлүмнэһэн үүннэриэххэ диэри, адьас атын үлэ-хамнас! Киһи илистибэт дьарыга эбит эрээри, үөрүүтэ үгүһүн көр!
Субу сибилиҥҥиттэн эн аны сайын тэлгэһэҕин көбүөр курдук киэргэтиэх сибэккигинэн дьарыгырар эбиккин ээ! Барахсаттары алҕаска от-мас ыарыыта буулаатаҕына хайдах онтон куоттарарга кытта сүбэ бөҕө баар. Арассаадалаах буоллаххына аатыраҕын, бу энциклопедия курдук кинигэни кыбына сылдьан бүөбэйдээбитинэн бараҕын! Атыылаһан ылбыт арассааданы атын диэн атыҥыраабакка таах үүннэрэр эбиккин! Барахсаттар син эмиэ, киһи курдук эбиттэр. Бааллар дии, саха дьоно элбэх оҕону туораттан ылан иитэн-аһатан киһи гынар дьарыктара. Хор, син биир ол курдук эбит!
Таһырдьааҥҥы сибэкки, иһирдьээҥҥи кэрэчээнэ, тэпилииссэҕэ оҕуруот астарын эгэлгэлэрэ, кинилэри хоннохтооһун, быһыта тутуу, ыарыылааһын, маанылааһын… чахчы оҕо курдуктар эбит ээ! Мин дьөрү хаһан да итинник санаабат этим да, бука, кырдьан, сааһыран да, бары тыынар тыыннаахха уйаҕаһырҕаабытым оччо буолуо дуо? Оттон бу үүнээйилэри, оҕуруот астарын тыыннаахтарын итэҕэйдим. Тоҕо диэтэр, ааптар бэйэтинэн “Сиэмэни уһугуннарыы” диэн анаан такайар эбит. Ол аата, тыынар-тыыннаах баарын тухары олох салҕанара оннооҕор үүнээйигэ баар!
Сибэкки—олоҕуҥ!
Дьэ, тукаларыам, ол эмиэ туохпутуй диэмэҥ. Иһиттиин-хомуостуун, үүннэрэр сириҥ, буоруҥ да буоллун, уотун-күөһүн табыы, сылааһынан хааччыйыы, барыта үөрүйэхтэн тахсыбыт анал үөрэх быһыылаах. Иһигэр киирдэххэ, киһи өйдөөбөтө, ылыммата суохха дылы. Ааптар Сибэкки Дуунньа суруйара да судургу. Оруоса сибэккиттэн куруук салларым да кини ону отой кэбэҕэстик олордор эбит. Ол аата ким баҕарар, ылыстар эрэ, үүннэриэн сөп буолбаат?
Ардах буоллаҕына сорох сибэкки наһаа үөрэр эбит. Бэйэбэр дылы. Ону мин сэҥээрдим. Мин ардаҕы-самыыры таптыыбын. Дьэ тиллэбин эбээт, оччоҕо. Үлэм-хамнаһым дьэ үгэннээччи.
Итинэн уруурҕааммын сибэккилэри олох туоһулара диэн тоҕо эрэ наһаа чугастык ылынным. Миэнэ эмээхсиним үүннэрээччи. Ол эрээри Сибэкки Дуунньа курдук ситиһиилээхтик буолбатах. Ити кинигэтиттэн көрөн быйыл дьэдьэн олордоору тииһигирэ сылдьар. Кыһыны быһа бэлэмнэннэ. Үөрэрэ диэн баар, кими да надайыал оҥорбокко, наар ити кинигэнэн сирдэттэ. Аны күһүн дьэ дьэдьэнинэн топпут Анньыыһыҥҥыт туох тойуктаах олоруохпун күүтээриҥ эрэ. Арааһа барыанньаны баһа-баһа сиэммин манньыйар буолуохтаахпын.
Оттон эһиэхэ сүбэлиибин, бэйэтэ да аҕыйах солкуобайдаах көмөлөһүөх кинигэни ылынаҥҥыт долбуургутугар уурунан кэбиһиҥ! Быйыл буолбатаҕына эһиил арааһа амтаһыйар аартыкка киириэххит ини дии саныыбын.

Анньыыһын НЕУСТРОЕВ

Читайте дальше