Ол дойдуга харысхал буолуоҕа
Ийэм сылаас мэктиэлээх алгыһа,
Чыычаахтарым, кэргэним эрэлэ
Дойдубар бэриниим – истиҥ таптал…
Бу, «Дойдум туһугар» диэн ааттаах ырыаттан быһа тардыы буолар. Ырыа ис хоһоонун, хаһыаппыт ааҕааччыларыгар сырдатар, билиһиннэрэр сыаллаах суруйан, бичийэн эрэбит.
Ол курдук, бу ырыа биһиги киэн тутта ааттыыр, анал байыаннай дьайыыга, дойду туһугар олоҕун, сырдык тыынын толук уурбут Артур Эдуардович Гермогенов-Чингис диэн буойуммутугар ананан, айыллан тахсыбыта. Артур Сунтаар 1-кы нүөмэрдээх оскуолатыгар физкультура учууталынан үлэлээбитэ. Кини төһө да үлэтиттэн бронньааҕын иһин, анал байыаннай дьайыыга бэйэтэ туруорсан туран, хорсун санаатынан, дойдутун көмүскүүр аналлаах буолан, баҕа өттүнэн барбыта.
Ырыа тылын, буойун Артур эдьиийэ Инна Николаева-Угинка бу сыл муус устар 5 күнүгэр түргэн үлүгэрдик, биир тыынынан кэриэтэ айбыт. Буолуо даҕаны, ыар сүтүгү, дууһа кыланыытын ыраас маҥан лиискэ эрэ тиһэр санаа, ыга баттаан таһаарбыта буолуо. Оттон матыыбын Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх, биллэр ырыаһыт уонна ырыа айааччы Инна Донская-Дайаана чочуйан биэрбит. Аранжировкатын Артур тапталлаах кэргэнэ Лариса быраата Потап Иванов таҥмыт. Ырыа силигин ситэн, аны толорор киһитин булааһыныгар, көрдөөһүнүгэр тиийэн кэлэр. Лариса кэпсииринэн, бастаан утаа ырыа бэлэм буоларыгар кимиэхэ ыллата биэрэрин туһунан улаханнык толкуйга түспүт эбит. Онтон дьэ, бииргэ төрөөбүт балтын Алинаны көрдөспүт. Бу ырыа Ларисалаах Алинаҕа олус ыараханнык уонна дириҥник чараас дууһаларын таарыйан киирбит. Чугас, күндү киһилэрин суохтаан, ырыаны иһиттилэр эрэ, ытыыр-соҥуур аакка сылдьаллар эбитэ. Ол иһин, Алина кыайан ыллыам суоҕа диэн, аккаастанартан атыны билбэтэх. Ол да буоллар, санаатын сааһылаан, хомуллан, ис туругун бар дьоҥҥо тириэрдээри уонна күндү күтүөтүн сыаналаан ыллыырга сөбүлэһэр.
Алина Секова Хоро нэһилиэгиттэн төрүттээх ырыаһыт. Кини Сунтаардааҕы музыкальнай оскуоланы бүтэрэн, билигин Дьокуускай куоракка Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар хор артыыһынан үлэлии сылдьар. «Дойдум туһугар» диэн ырыаны аан маҥнай Нам улууһугар «Кылаан Чыпчаал» куоҥкуруска дьон-сэргэ биһирэбилигэр таһаарбыт. Онно көрөөччүлэр иһийэн, чуумпуран олорон, харахтарын уутун кистээбэккэ олус уйадыйан ылбыттар. «Маннык ис хоһоонноох ырыаны истэн, хайа да бэйэлээх, инчэҕэй эттээх, тэбэр сүрэхтээх киһи уйадыйар, дууһата ытыыр», – диэн элбэх дьон санааларын үллэстибит этилэр. Анаан-минээн соторутааҕыта бэйэбит улууспутугар, Сунтаар улууһун күнүгэр, Алина бу ырыаны өссө биирдэ дьон иннигэр олус арылхайдык, күүстээх куолаһынан ыллаабыта. Ол онно, «хорсун буойун Артур Гермогенов сырдык аатыгар сүгүрүйэн, биир мүнүүтэ чуумпуран, иһийэн тура түспүттэрэ буоллар», – диэн кэлбит дьон санааларын аһаҕастык эппит этилэр.
Буойун кэргэнэ уонна халыҥ аймаҕа өссө да олоҕу олоруох, дьиэ кэргэҥҥэ дурда-хахха буолуохтаах, тапталлаах киһилэрин аатын үйэтитэргэ, мантан кэлин кинигэ таһаарар уонна күрэх тэрийэр былааннаахтар.
Дойдубут туһугар турууласпыт, сырдык тыыннара быстыбыт байыастарбытын куруук ахта-саныы сылдьыахпыт, килбиэннээх ааттарын ааттата туруохпут!
Елизавета ТИТОВА