Баай барыылаах Байанай ыйыгар – сэтинньигэ үктэннибит. Бу ыйга саха киһитэ кыстыкка олохтоохтук киирэр кэмэ. Ону тэҥэ, сорсуннаах булчуттар тыаҕа тахсан Байанай булдуттан бэрсиһиннэрээри, ыраах айаҥҥа бултуу-алтыы бараллар.
Манан сиэттэрэн улууспутугар бүгүн, ГАИ иниспиэктэрдэрэ, улуустааҕы айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтэ уонна улуустааҕы аҕалар түмсүүлэрин сүбэтэ кыттыһан «Байанайдаах суоппар» аахсыйаны тэрийэн ыыттылар. Булчут суоппардарга туһуламмыт аахсыйаҕа тэрийээччилэр, тыаҕа тахсааччылары суол быраабылатын итиэннэ булт-алт сиэрин-туомун тутуһан сылдьалларыгар ыҥырдылар, сахалыы алаадьынан күндүлээтилэр уонна балыктыыр тэрили бэлэх ууннулар.
Саха киһитэ былыр-былыргыттан сэмэй, сиргэ-уокка сиэрдээхтик сылдьан, сиэри-туому тутуһан, Байанай күндүлээбит булдун сөбүн көрөн ылар үгэстээх. Онон, булчуттар ханна да сырыттаргыт, бука диэн сиэри-туому тутуһуҥ, өттүк харалаах, илии тутуурдаах кэлиҥ дуу, Баай Байанайгыт күндүлүү, маанылыы турдун!
Елизавета ТИТОВА