Украинаҕа байыаннай дьайыы кыттыылаахтара, биһиги хорсун танкист уолаттарбыт хорсун быһыыны оҥорон, модун Арассыыйабыт Дьоруойдара буоллулар. Дьоруойдарбыт ааттара – Алексей Неустроев уонна Филипп Евсеев. Ол иннинэ «Боотур» доброволецтар этэрээттэрин хамандыыра бу үрдүк наҕарааданы туппута. Онон биһиги уолаттарбыт, эр дьоммут төрөөбүт дойдуларыгар дириҥ бэриниилээхтэрэ көстөр. Дьоруойдарбытыгар уруй-айхал!
Филипп биһиги сунтаардар киэн туттуубут. Кинини кытары оҕо сааһыттан билэр, бодоруһар доҕотторо эрэллээх доҕор, кимиэхэ баҕарар көмөлөһөр үтүө санаалааҕын бэлиэтииллэр.
Дьоруой уолбут туһунан Бүлүү улууһугар олорор эдьиийэ Лена Семенова маннык диир:
– Филиппитинэн киэн туттабыт. Бу үрдүк ааты ыларын телевизорунан көрө олорон долгуйуубуттан, үөрүүбүттэн хараҕым уута кэлбитэ. Бэйэм элбэх оҕолоох ийэбин. Оҕолорбор: «Таайгыт курдук Ийэ дойдуга бэриниилээх, хорсун санаалаах, үтүө дьон буола улаатыҥ. Көрүҥ эрэ, эһиги таайгыт Филипп курдук патриоттуу санаалаах буолуохтааххыт», – диэн өссө төгүл тоһоҕолоон эппиппэр оҕолорум харахтара уоттана түстүлэ ээ. «Биһиги таайбыт Дьоруой буоллаа, иэхэйбиин», – диэн ытыстарын таһыннылар.
Эһэбит Николай Михайлович Ващенко Аҕа дойду сэриитигэр үгүс бойобуой хорсун быһыылары оҥорбута. Кини аатын сиэнэ Филипп чиэстээхтик, үрдүктүк тута сылдьарыттан биһиги бары үөрэбит, киэн туттабыт.
Филиппитигэр, кини бойобуой доҕоругар Алексейга итии-истиҥ эҕэрдэбитин тириэрдэбит.

Байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар этэҥҥэ буолууну баҕарабыт. Эһиги кыайыы көтөллөөх кэлэргитин Сахаҕыт сирэ күүтэр.
«Сунтаар сонуннара»хаһыат.