Бүгүн, муус устар 3 күнүгэр, Бордоҥҥо Саха АССР үтүөлээх сылгыһыта, Бордоҥ нэһилиэгин киэн туттар үлэһитэ Петр Егорович Леонтьев аатынан улуустааҕы сылгыһыт күрэҕэ буолла.
Күрэхтэһии иннинэ Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев салалтатынан сылгыны иитиигэ, эдэр дьону сылгыга сыһыарарга уонна да атын сыспай сиэллээҕи иитии сүрүн боппуруостарын ырытыһар төгүрүк остуол буолла. Манна саха омуга өбүгэттэн илдьэ кэлбит Дьөһөгөй оҕотун иитэр дьарыгын салгыы тутан хаалыы, элбэтии, сүрүн дьарык оҥостуу туһунан аһаҕастык атах тэпсэн олорон кэпсэттилэр.
Төгүрүк остуол кэннэ сылгыһыттар күрэстэрэ бэрт тэрээһиннээхтик саҕаланна. Күрэс уопсайа үс түһүмэҕинэн ыытылынна. Улуустааҕы сылгыһыттар тургутуһар, күөн көрсөр туоналарыгар, Бордоҥ сиригэр-уотугар, уопсайа 7 хамаанда кытынна. Хадан, Сунтаар, Дьаархан, Тойбохой, Күндэйэ уонна Бордоҥ нэһилиэгиттэн икки хамаанда.
Бастакы түһүмэх хамаандалар эстафеталара буолла. Иккис түһүмэххэ — 800 м сыыдам сырыылаах аттары сүүрдүү. Үһүскэ — хаартан харгыстанан турбат кыахтаах аттары тоҥ хаарынан сүүртүлэр.
Бу түһүмэхтэргэ кыайыылаахтары уопсай бириэмэнэн быһаардылар.
Күрэх кыайыылаахтарын биллэриэхтэрин иннинэ улуус баһылыга Анатолий Григорьев уонна улуус тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччы Владимир Анисимов Сунтаар улууһун үтүө сылгыһыт дьонугар туоһу суруктары, грамоталары уонна түөскэ кэтиллэр бэлиэлэри туттардылар.
Күүрээннээх күрэс түмүгэ маннык буолла: хамаанданан эстафетаҕа түргэн тэтими көрдөрөн кыайыыны ылла Бордоҥ бастакы хамаандата, иккис миэстэҕэ тигистэ — Хадан хамаандата, оттон үһүс миэстэҕэ таҕыста — Бордоҥ иккис хамаандата.
Бастакы миэстэлэр олус үчүгэй бирииһи ыллылар. Ол курдук, хас биирдиилэрэ МР-155 саа ыларга туоһу суругу туттулар. Оттон иккис миэстэни ылбыттарга хас биирдиилэригэр ат ыҥыырдарын уонна үһүс миэстэҕэ уу харчынан кэнбиэри туттардылар.
800 м ат сүүрдүүтүгэр кыайыылааҕынан Николай Лаптев буолла. Тоҥ хаарынан сүүрдүүгэ кыайыыны Тимур Спиров ситистэ.
Бу курдук саха омугун үгэһинэн ат сүүрдүү күөн күрэһэ Бордоҥ нэһилиэгин сиригэр-уотугар бэрт тыҥааһыннаахтык, үрдүк таһымҥа тэриллэн ыытылынна. Эһиилги күрэс Хадан нэһилиэгэр ыытыллыа диэн биллэрилиннэ.
Дмитрий ЫМЫЧАНОВ