Бүгүн, олунньу 23 күнүгэр, Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэрин чэрчитинэн Сунтаар Аҕа баһылыгын Анатолий Григорьев бирииһигэр 10-c төгүлүн ыытыллар үбүлүөйдээх «Боотурдар оонньуулара — 2024» «Тёщин язык» сынньалаҥ киинигэр буолан ааста.
Күрэхтэһиигэ Сунтаар улууһун 13 нэһилиэктэриттэн хамаандалар — Сунтаар, Элгээйи, Хадан, Кутана, Устье, Куокуну, Күүкэй, Бордоҥ, Бүлүүчээн, Уһун Күөл, Тойбохой, Кэмпэндээйи нэһилиэктэриттэн кэлэн кытыннылар.
Бу сылга «Боотурдар оонньууларыгар» 7 араас көрүҥ киирдэ: араас көрүҥнэргэ күрэхтэһии, хомуур хапсаҕай, эр дьоҥҥо аналлаах боппуруостарга эппиэтээһин, «ыараханы көтөҕүү», «өһөс торбос», хомуур мас тардыһыы уонна канат тардыһыы. Ону сэргэ сахалыы элбэх көрүҥҥэ муҥутуур күрэхтэһии » МР-155 саа сүрүн бириистээх, онно араас хамаандалартан баҕалаах дьон кытынна.
Күрэхтээһии уопсай түмүгүнэн, бастакы үрдэли Сунтаар «Сомоҕо» хамаандата ылла уонна 80 тыһ. солк. сүрүн бирииһи тутта. Иккис үрдэли ылла уонна 70 тыһ. солк. бириискэ тигистэ Хадан нэһилиэгин хамаандата. Үһүс бочуоттаах бириис хаһайынынан буолла Тойбохой нэһилиэгин хамаандата уонна 50 тыһ. солк харчынан наҕараадаланна.
«Сахалыы элбэх көрүҥҥэ муҥутуур күрэхтэһии» кыайыылааҕынан Хадан нэһилиэгиттэн Иван Мырьянов ааттанна уонна сүрүн бирииһи — МР-155 сааны ылар чиэстэнэн үөрүүтэ үрдээтэ.
Сэмсэ бириискэ, Элгээйи, Кутана, Устье, Куокуну, Күүкэй, Бордоҥ, Бүлүүчээн, Уһун Күөл, Кэмпэндээйи хамаандалара тигистилэр.
Күннээн ыытыллыбыт күрэхтэн кыттыбыт эрэ, көрбүт эрэ бары астынна, Саха сиэринэн кыттааччылар бары илии тутуурдаах бардылар.
Дмитрий ЫМЫЧАНОВ