Бииргэ үлэлииргэ Сөбүлэҥ түһэристилэр

Дьокуускай куоракка Сунтаар улууһа уонна аан дойдутааҕы хомус киинин түмэлэ бииргэ үлэлиир туһунан сөбүлэҥ түһэристилэр. Бу үлэ  саха төрүт  үгэһин, норуот уус-уран айымньытын, хомус кэрэ эйгэтин салгыы сайыннарыыга туһуланар.

Сөбүлэһиигэ улуус баһылыгын экономическай сайдыыга уонна стратегическай былааннааһыҥҥа солбуйааччы Борис Васильев уонна түмэл хомус түмэлин киинин дириэктэрэ Дмитрий Бястинов илии баттастылар.

Улуус дэлэгээссийэтэ хомус түмэлин кэлэктиибин кытары көрсүһүүтүгэр, инники бииргэ үлэлэһии тула киэҥ кэпсэтиини олохтоотулар.  Дэлэгээссийэҕэ улуус дьаһалтатыттан Борис Васильев, улуус дьокутааттарын сэбиэтин  бэрэссэдээтэлэ Ульяна Попова, улуус култууратын уонна айылгытын управлениетын начальнига Саргылана Омукова, норуот тыйаатырын дириэктэрэ Екатерина Григорьева кытыннылар.

«Сунтаар сонуннара» хаһыат