Ат сүүрдүүтэ саха киһитин кутун туппут, оччоттон баччааҥҥа диэри биир ураты суолталаах дьарыгынан билинэбит. Биһиги кэккэбитигэр өр сылларга ат сүүрдүүтүнэн дьаныһан туран дьарыктаммыт, сорсуннаах булчут, үлэһит үтүөтэ, майгы-сигили мааныта, дэгиттэр спортсмен, чөл олоҕу тутуһан холобурга сылдьыбыт киһиттэн биирдэстэрэ – Евгений Евсеевич Алексеев буолар.
Кини сылдьарын усталаах туоратыгар, нэһилиэгин туһа диэн үлэлээн-хамнаан көмүс көлөһүнүн тохпут, тустуу буоллун дуобат, саахымат, кыраккыы – быһата күрэхтэһии буоллаҕына, нэһилиэгин туһугар барытыгар кыттара. Онтон саамай табыллан ат сүүрдэн үйэтигэр дьарыктаммыта. Кини курдук уһуннук ат сүүрдүбүт Саха сиригэр суох буолуо. Ааспыт сайын ыһыахха, Элгээйигэ, Сунтаарга сүүрдэн бастаабытын сунтаардар умна илик буолуохтаахтар. Күһүөрү көрсүбүппэр: «Аны сайын 2024 сылга, ат сүүрдүбүтүм 60 сыла туолар, онно бэлэмнэнэр сорук турар, өссө биир аты булуҥ диэтилэр, дьэ сорук кытаанах, хайдах-туох буолар», – диэн сэһэннээбитэ Евгений Евсеевич.
Евгений Евсеевич, хомойуох иһин, быйыл Саҥа дьыл иннинэ соһуччу олохтон туораата… Билэр дьонуҥ-сэргэҥ олохторун түмүктүүллэрэ олус хомолтолоох. Хайыыр да кыах суох, саатар Евгений Евсеевич баҕа санаатын быйылгы ыһыахха санаан, ахтан ааһар наадалаах. Ат сүүрдүүтүгэр кини аатынан бириис туруорар сөп этэ, нэһилиэгэ харчы хомуйан көх-нэм буолара буоллар дьоно-сэргэтэ өйдүө, өйүө этилэр. Мин итинник дьыалаҕа биир бастакынан өйүүбүн. Маннык дэгиттэр талааннаах нэһилиэгин, улууһун туһа диэн үлэлиир, айар-тутар киһи олус диэн сэдэх. Онон быйылгы ыһыахха Евгений Евсеевич Алексеевы санаан-ахтан ааһарга саамай тоҕоостоох кэм. Ол курдук, үйэтигэр ат сүүрдүбүт сиригэр көстүүлээх сиргэ мэтириэтин ыйыахха, анаан-минээн кини аатынан мэтээллээх бириис олохтуохха. Улуус хаһыатыгар үйэтигэр үлэлээбитин туһунан, ситиһиитин дьон ахтыытын ыһыаҕы көрсө биир балаһаҕа киэҥник сырдатыахха баара. Оччоҕо 60 сыл ат сүүрдүбүт үбүлүөйэ буолбутунан ааҕыллыа этэ.
Арыылаах нэһилиэгин аҕам саастаахтарын
аатыттан Николай Иванович ИГНАТЬЕВ,
Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕо.