Муус устар 7 күнүгэр Аан дойдуга Доруобуйа күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн доруобуйатын туһугар кыһаллар, көрүнэр, чэгиэн туруктаах дьоҥҥо ананар. Бэйэ доруобуйатын туругун билии – анализ туттарыыттан саҕаланар диэн исписэлиистэр этэллэр.
Доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр анализ тутар, оҥорор лаборатория үлэтэ ардыгар биллибэккэ-көстүбэккэ хаалар түгэннээх. Ол эрэн, быраас ыарыһахха диагноз туруоруон иннинэ лаборатория оҥорбут анализтарыгар тирэҕирэр. Лабораторияҕа эмиэ маҥан халааттаах аанньаллар үлэлииллэр. Кинилэр дьон доруобуйатын ымпыгар-чымпыгар тиийэ көрөн, ааҕан таһаараллар. Биир хааппыла хаан аналиһа киһи доруобуйата хайдах туруктааҕын туһунан үгүһү кэпсиир кыахтаах.
Сунтаардааҕы киин балыыһа клиническэй-диагностикалыыр лабораториятын сэбиэдиссэйэ, СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна, үрдүкү категориялаах быраас Вилюя Тойтонова медиктэр дьиэ кэргэттэриттэн төрүттээх. Ийэтэ Елена Меркурьевна Герасимова 45 сыл устата доруобуйа харыстабылыгар үлэлээн кэлбит үтүө өҥөлөөх үрүҥ халааттаах аанньал. Билигин кыыстара, сиэннэрэ Галина Тойтонова эмиэ доруобуйа харыстабылыгар үлэлиир. Хабаровскайдааҕы мединституту бүтэрэн, эмиэ ийэтин туйаҕын хатаран, Дьокуускай куоракка суһал көмө клиническэй-диагностикалыыр лабораториятыгар ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар. Идэтийии көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ утумнаан бэриллэрин бу Тойтоновтар дьиэ кэргэттэригэр көрөбүт.
– Вилюя Николавна, эн тускунан хаһыакка сырдатыахпын баҕарбытым ыраатта. Эйигин ураты киһи диэн көрөбүн. Олус билиилээххин, ону таһынан үлэҕэр кыһамньылааҕыҥ лаборатория үлэтэ кэҥээбититтэн көстөр.
– Кэлиҥҥи сылларга лаборатория үлэтэ кэҥээтэ. Маныаха Сунтаар кылаабынай бырааһа Анатолий Николаевич Назаров өҥөтө улахан. Билигин анализ оҥоһуллар бириэмэтэ түргэтээтэ, көрүҥэ элбээтэ. 100-тэн тахса исследованиены (чинчийиини) оҥоробут. Биир анализ 5 көрүҥүн оҥорор буоллахпытына, ол аата күннэтэ 500-тэн тахса чинчийиини оҥоробут. Быраас киһи доруобуйатын туругун анализ түмүгүнэн чопчу быһаарар. Ол иһин, лабораториялар биир кэлим стандардынан үлэлиибит. Иммунологическай, общеклиническай уонна паразиттары быһаарыыга туспа салаалардаахпыт. 2019 сылтан “лист программы” диэн оҥоһуллар буолбута. Ол аата ыарыһахха номер бэриллэр. Аналиһы биһиги номерынан оҥоробут. Киһи аата биһиэхэ кэлбэт. Барыта компьютерынан буолла. Үлэ хаамыыта түргэтээтэ. Билигин иммунологическай аппараат, ВА-400 биохимическай, ЭРБА гематологическай анализатордар, “Минивидос” диэн кыраны да билимтиэ анализатор, хаан туругун көрөр “Гемостаз”, “Ока-37” анализатордар күннэтэ дьон аналиһын туругун көрөллөр. Саамай киэн туттуубутунан кыраны да билимтиэ (высокочуствительнай) “Минивидос” анализаторбыт буолар. Бу аппараат суһал көмөҕө олус туһалаах. Сүрэх үлэтигэр кэһиллиини тутатына быһаарар. Оччоҕо суһал көмөнү оҥоруу бириэмэтэ түргэтиир. Элбэх дьон, олоҕун быыһаабыт аппараат диэн бэлиэтиибит. Ханнык сонун, саҥа тиэхиньикэни анализка туһаналларын барытын билэргэ кыһаллабын. Биир идэлээхтэрбин кытта элбэхтик үөрэнэбит, таһыммытын сайыннарабыт. Онон Сунтаардааҕы киин балыыһа клиническэй-диагностикалыыр лабораториятыгар идэлэрин толору баһылаабыт дьон үлэлиир диэн этиэхпин сөп. Ону таһынан, лаборатория күнүстэри-түүннэри үлэлиир. Суһал анализтары эмиэ оҥоробут. Киһи сылга биирдэ доруобуйатын туругун билээри толору анализ туттарыахтаах.
– Эн ийэҥ Сунтаар улууһун доруобуйатын харыстабылыгар сүҥкэн кылааты киллэрбит, биллиилээх фтизиатр быраас Елена Меркурьевна буолар. Сэллик ыарыыны кытта охсуспут быраастартан биирдэстэрэ, кинини сэрии кэмин оҕото, элбэх кэпсээннээх ытыктанар киһинэн билэбин. Эн олоххор ийэҥ идэтэ улахан суолталаах буолуохтаах…
– Биһиги ийэбит, билигин төһө да биһиги аттыбытыгар суох буоллар, биһиги дьиэ кэргэҥҥэ саамай ытыктанар, киэн туттар киһибит. Кини курдук 45 сыл эҥкилэ суох, бэриниилээхтик биир идэҕэ үлэлиир киһи ахсааннааҕа буолуо. Ийэм аан бастаан Ыгыаттаҕа биэлсэринэн үлэтин саҕалаабыта. Онтон мединституту бүтэрэн быраас идэтин баһылаабыта. Эдэркээн кыыс ыраах түҥ тыаларга үлэлээбитэ. Дьон ыарыйдаҕына “атынан вызовка барарым” диэн кэпсиирэ. Ол сылдьан аара суолга “кырдьаҕаһы” да көрсөн турардаах. Үөрэҕин бүтэрэн баран Өлүөхүмэ Токкотугар үлэлээбитэ. Ол саҕана ол эргин дьон былыргылыы олохтоох этэ, быраастарга итэҕэйбэтэ үһү. “Ойууннарга, отоһуттарга эмтэнэр кэмнэрэ этэ” диирэ. Биирдэ ытык, кырдьаҕас киһи ыалдьыбытыгар ыҥырбыттар. Ол барахсан астмата бэргээн сытар эбит. Сөпкө суһал көмөнү оҥорон, эмтээн дьон махталын ылбыт, алгыс бастыҥын анаабыттар. Ол киһи тыынын өрүһүйүөҕүттэн дьон улам бырааска сыстан киирэн барбыттар. Ити курдук мин ийэм эдэр сылдьан Саха сирин ыраах сытар тыаларыгар дьону эмтээбитэ, элбэх киһи тыынын өрүһүйбүтэ. Онтон кэлин Горнай улууһугар кылаабынай быраастаабыта. Ол кэмҥэ дьиэ кэргэнин, олоҕун тэриммитэ. Онтон төрөөбүт улууһугар кэлэн фтизиатр бырааһынан хойукка диэри үлэлээбитэ. Биһиги дьиэ кэргэн идэбитин, олохпутун оҥосторбутугар эбэбит сырдык аата олук буолбута саарбаҕа суох. Кини үлэтигэр бэриниилээҕэ сиэннэригэр, миэхэ да холобур буолар. Ол иһин, мин үөрэхпин бүтэриэхпиттэн лабораторияҕа бырааһынан үлэбин саҕалаабытым. Билигин лабораторияны иилээн-саҕалаан, салайан үлэлии сылдьабын. Улахан кыыһым Галина эмиэ үрдүк үөрэхтээх быраас. Идэтин эмиэ олус сөбүлүүр.
– Кэпсээниҥ иһин, махтал! Үлэҕэр ситиһиилэри, дьиэ кэргэҥҥэр бары үтүөнү.
Мира АФАНАСЬЕВА