Сунтаар улууһуттан баһылык Анатолий Григорьев салайааччылаах 8 киһилээх дэлэгээссийэ бу күннэргэ анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар гуманитарнай көмөнү тириэрдэр сыаллаах айаҥҥа турунна.
Ол курдук, икки күн Курскай уобалас диэки сылдьан байыастары кытары көрүстүлэр. Күн бэҕэһээ, Ростов куоракка баар госпиталларга бааһыран эмтэнэ сытар уолаттарбытыгар төрөөбүт дойдуларын аһын-үөлүн, итиэннэ баһыылкалары туттардылар. Салгыы гуманитарнай көмө үлэтин Запорожье хайысхатынан туһаайыахтара.
Дэлэгээссийэ айаҥҥа турунарыгар улуус хас биирдии олохтооҕо туора турбакка бэйэлэрин көмөлөрүн, уолаттарбыт тустарыгар, туруктара бөҕө буоларыгар, дойду сылаас тыынын тириэрдэр сыаллаах кыттыстылар. Ол курдук, Сунтаардааҕы КСВО «Харысхал» түмсүү уопсайа 29 араас размердаах хаххалыыр сиэккэлэри, эми-тому, харысхал нобуордарын уонна таҥаһынан-сабынан улахан көмөнү оҥорон ыыттылар. Маны сэргэ, дойду амтаннаах аһынан тыа хаһаайыстыбатын салалтатын нөҥүө биирдиилээн хаһаайыстыбалар, үлэһиттэр эмиэ кыттыстылар. Ол курдук, МУП «Хочо» ынах, убаһа этинэн, ООО «Сахабулт» тайах, таба этинэн көмөлөстүлэр. Бу эттэринэн ООО «Тускул» кэнсиэрбэ оҥорон, бэлэмнээн ыыттылар. Элгээйи олохтоох дьаһалтата хас да нэһилиэги кытары кыттыһан эт ас сибиэһэйдии тиийэригэр кыһаллан, хатарыллыбыт эти оҥордулар. Маны таһынан, бэйэбит дьоммут оҥорон таһаарар чэйдэрэ, бородууксуйалара эмиэ киирдэ.
Көмө итинэн эрэ бүппэт. Ол курдук, улууспут дэлэгээссийэтэ байыастарга диэн матаһыыкыл уонна анал тэриллэри атыылаһан тиксэриэхтэрэ. Тиэхиньикэни атыылаһыыга уонна атын да көмөҕө улуус урбаанньыттара, тэрилтэлэрэ, биирдиилээн да дьон харчынан өйөбүл буолаллара олус көмөлөөх.
Елизавета ТИТОВА