Сиидэрэптэр силистэрэ,ситимнэрэ салҕанар
Сэргэйдээх Саргы Сунтаар сирин,сэлиэнньэтин сөбүлээбиттэрэ. Сэргэй соҕурууттан сулууспалаат, сүүрбэ сыл суоппардаабыта, сопхуос сатарыйан сбербааҥҥа суоппардаабыта. Саргылаана Софроновна Сыбаатайтан сыдьааннаах, сырдык сирэйдээх, субуруйбут суһуохтаах. Сэргэй Сэмэнэбис сэргэх сэбэрэлээх, Сыыдам сырыылаах, сэмэй суоппар. Саргылаана Софроновна сыысхала суох сайаҕас санаалаах сиэстэрэ. Сиидэрэптэр сыллата «Сунтаар сонуннара», «Саха сирэ» суруттараллар. Сахалыы сериаллары, Саха сирин, Саха сатаабатаҕа суох сэҥээрэллэр, сэргэхсийэллэр. Сайын сиэннэринээн Сочига, Стамбулга сынньаммыттара. Сиидэрэптэр сиэннэрэ соҕуруунан сырытталлар, сахалыы сатаан саҥарарга, суруйарга сүбэлииллэр. Сатабыллаах саһыл саҕалаах. Сиидэрэптэр сүөһүлэммиттэрэ, сылгыламмыттара, сибиинньэлэммиттэрэ. Сайынын сиэннэринээн, сибиинньэлэрин, сүөһүлэрин сиэппитинэн сайылыкка сылдьаллар. Сиидэрэптэр сиэннэрэ сириксэннэрэ суохтар, сүөгэйи, суораты сөбүлээн сииллэр. Сарсыардаттан сэрээккэлээн, сүүрэн-сырсан, сасыһан, сөтүөлээн сэргэхсийэллэр, сөрүүҥҥэ сугуннууллар. Саргылаана Софроновна сиэннэринээн сиэтиспитинэн сибэккилээх сыһыыга сылаанньыйа сыламныыллар. Сэргэй Сэмэнэбис сыбаатынаан Сомсооннуун сыалыһардыыллар, сордоҥнууллар,саас саһаанныыллар, сайын сиилэстииллэр. Сиэннэрэ Сарыал сүүрбэлээх, сулууспалыы сылдьар. Сиэннэрэ Сайдам сайылыкка синтайын собуоттуур. Сыдьаайа сайбалдьыйа сүүрэн сүөһүлэрин сайдыыр саҥата сатарыыр. Сиидэрэптэр сиэннэрэ сүрдээх сүүрүктэр, сытыы саахыматчыттар, спортсменнар. Сэргэй Сэмэнэбис, Саргылаана Софроновнаны салҕааччыларбыт: Сахамин Сергеевич — суруналыыс, Сардаана Сергеевна — стоматолог, Сахая Сергеевна — стилист. Сиидэрэптэр сэттэ сиэдэрэй сиэннээхтэр: Сарыал, Сайыына, Сайдам, Сандал, Сандаара, Сыдьаайа, Сулустаан. Саргылаана Софроновна, Сэргэй Сэмэнэбис Сиидэрэптэр сайдыылаах суолунан салҕанан, ситимнэрэ сыдьааннара силбэһэн, сырдык санаалара саппаҕырбакка сэмэйдик сырыттыннар. Суон сурахтара Сунтаар сиригэр сулустуу сандаарыйдын! Сыраҕыт, ситиһиигит сыаналанан сириэдийдин!
Коркин Дима, Элгээйи орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ.
Биирдэ…
Барыахтааҕын барбат, баҕанаҕа баайыллан Баай байанай Бааскаҕа бэргэһэ бэлэхтээтэ. Биир бэйэтэ биэс биэтин балыйтаран бэлэхтээтэ. Бурдуга бүтэн Баһылайга биэрдэ, буолар буолбаты бадараантан булан боломуочуйун былыргы баайын быраҕаттаата. Бардам Баһылай биирдэ баһырҕас буолла. Баайга бардамсыйан, баҕаран бэрдимсик буолла. Биирдэ Бааска Баһылайдыын балыктыы барарга быһаарыннылар. Бардамнык бэлэмнэннилэр. Биэдэрэ, баалка бөҕө буоллулар. Баһылай балыктаабат буолан барсыан баҕарбата. Барытын Бааска бэлэмниэх буолла. Бардылар. Баһаам балыгы балыктаатылар. Бадараантан баҕа баҕайы батыччахтаан быһынна. Баһылай биһирээтэ, бэлэһирдэ: «Баҕааа». Бааска бардьыгынаата, балыктара барда. Балыктаан бүтэн бардылар, Баай Байанай биэстии балык бэристэ. Биирдэ буоллаҕа…
Данилова Жанна, Түбэй-Дьаархан орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ.
Күһүҥҥү кустар
Коля Күөллээххэ күһүн кустуу кэлбит. Киэһэлик кэтэһэн күөлгэ киирдэ, көрбүтэ көҕөттөр кэлбиттэр. Күөлүн кыйа киирэн көрүтэлээбитэ көппөллөн көҕөн да көҕөттөр, кыраһыабайдарын. Киһи көрүөн күһүҥҥү кустар кэрэлэриэн.
Аман Корякин, Бордоҥ орто оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччитэ.
Көрсөр күммүт кэлиэ, кэтэс,
Кыыһырыма, кыһаллыма,
Кыайыам кыаллыбаты
Күүстээхпин.
Кынаттанар күннэниэм,
Кэтэс көтөн кэлэрбин,
Көрсөр күммүт кэлиэ,
Күүскэ-күүскэ кууһуом
Кэрэ,күндү киһибин.
Көмүс күһүн кэмигэр
Кыайан көммөт күн кэлбитэ,
Кыһыйабын, күн кэрэтин кыайан көрбөккүттэн
Кыайан көннөрүллүбэт…
Кэтэс, көтөн кэлэрбин…
Ващенко Дима, Сунтаардааҕы 2№-дээх орто оскуола 7 кылааһын үөрэнээччитэ.