Сайылык

Сандал сааһы солбуйан самаан сайын салалынна. Сайаана Сахаайалыын сайыҥҥы сынньалаҥнарыгар сайылыкка чайылыыр санаалаахтар.

Саҥастара Сөдүөрэ Сайааналааҕы сылгылатаары суоппар Сэмэни соруста. Сэмэн сэргэх сэһэннэрин сэҥээрэн, суолларыгар сылайбакка, сайылыктарыгар соторунан кэллилэр.

Сыантыр сиртэн сайылыыр санаалаах оҕолор саҥастарыгар Сөдүөрэҕэ сиэдэрэй симэхтээх саал былааты сэмэйдик биэрдилэр.

Саҥастара Сөдүөрэ сибиэһэй сүөгэйдээх, сылаас саламааттаах, сөрүүн суораттаах, саарыламмыт соболоох, сахалыы лэппиэскэлээх сандалы тарпыт.

Сахалыы сандалыны сөбүлээн сыа-сым курдук сиэтилэр. Сарсыарда саҥастарын сүөһүлэрин сыһыыга мэччитэ сайдаатылар, сиэттиспитинэн сырсыаккалаһа сүүрдүлэр. Сандаарар саһарҕа сарыалын, сыһыылар сиэдэрэй сибэккилэрин сыттарын, сайылык сөрүүн сибиэһэй салгынын сөбүлээн сайын аайы сайылыыр, сынньанар санааланнылар.

Саҥастарынаан сир астаан, сүүрүктээх үрэххэ сөтүөлээн, сайыннарын сатабыллаахтык атааран саҥа үөрэх сылыгар ситиһиилээхтик сыраларын ууран үөрэнэргэ бэлэмнэр. Сайылык, сиэдэрэй сибэккилээх сыһыылара Сахаайалаах Сайаананы сайыспыттыы сиккиэр тыалынан сипсийдэ.

Алексеева Нелли,

СПТЛ-И 6 “б” кылааһын үөрэнээччитэ.

«К»

Кулун тутар күнүгэр күммүт кытаччы көрөрө, кыстык кыһын кэнниттэн, күндэлэс кэм.

Киһи кэрэхсии, күнү кэтии көрөр кэмэ кэллэ.

Кэнчээри кыра кыргыттар кэрэ куоластарынан куйаарга көттүлэр.

Күндү кэрэ куолар, күндэлэс күҥҥэ көмүстээх киэргэллэринэн кичэһэн киин куоракка киирдилэр.

 

Лукин Михаил,

СПТЛ-И 7 «б» кылааһын үөрэнээччитэ

Сунтаарым сайына

Сайаан Сиидэрэп Сүөдэрдээх, Сөдүөччүйэ соҕотох сиэннэрэ. Сайаан сааһа сэттэтэ. Саамай сылтан сөбүлүүрэ самаан сайын. Сиидэрэптэр Сунтаар сиригэр сайылыктаахтар. Сыллата сип-сибиэһэй салгыннаах, сардааналаах сыһыылардаах сайылыктарыгар сайылааччылар. Сайааннаах сайылыктарыгар сүөһүлээхтэр, сылгылаахтар, сибиинньэлээхтэр.

Сайыҥҥы сылаас сарсыарда, саһарҕа сандаарыыта, сөрүүн суораты сыпсырыйаат, суунан-соттон Сүөдэр сиэнинээн сүөһүлэрин, сыһыыга сырсыталыыллар. Сүөдэр соболоон сомсор, сиэнэ сөрүүкээри сөтүөлүүрүн сэргиир. Сороҕор сугуннаан сииллэр, сэргэҕи сэһэргэһэллэр. Сылайдахтарына сыһыыга сытан сыламныыллар. Сиэннээх Сүөдэрэ суохтарына Сөдүөччүйэ сүрэҕэлдьээн сыппат. Сэмээр сайылыгын сиппийэр, сылабаарын сууйар, саламаатын сылытар. Сөрүүдүйүүтэ сып-сылаас сылабаардаах, сугуннаах сүөгэйдээх сандалыларыгар сибиэһэй собо сии-сии сунтаардарын сонунун сэһэргэһэллэр. Сиидэрэптэр сайыннара ситинник салҕанар.

Сэһэним сатанна, сэргээҥ, сэҥээриҥ, сурунаалга суруйуҥ.

Максим Петров,

СПТЛ-И 5 «б» кылааһын үөрэнээччитэ

Куоска

Катя кыыс куоската кутуйахсыт. Куйаас күн Катя куоската кутуйхтыырын кэтээтэ. Кып-кыра кутуйах килиэп кирээри килиэпкэ кэллэ, кылап-кылап көрдө. Кини куоска кытаанахтык, кырыылаахтык көрөрүттэн куттанан куотта. Куоска кутуйаҕы куоттарбыт кыһыытыттан кутуругун кистээн көппөччү күүрдэ. Катя куоската кутуйаҕы куоттарбытыгар кыыһырбата, күлэн кэбистэ.

Яковлев Святослав,

СПТЛ-И 5 кылааһын үөрэнээччитэ

Читайте дальше