Төрөөбүт төрүт тыл уонна сурук-бичик күнүн көрсө оскуола 5-11-с кылаастарын үөрэнээччилэригэр «Биир буукубаттан кэпсээннэ суруйуох» куоҥкуруһу биллэрбиппит. Куоҥкурус ирдэбилинэн кыттааччы биир талбыт буукубатыттан тахсар тыллары ситимнээн кэпсээн суруйуохтаах этэ. Болдьоммут кэм иһигэр үгүс үлэ киирбититтэн олус үөрдүбүт. Сахалыы Ийэ тылынан хомоҕойдук хоһуйан суруйарга холонор ыччаттаахпыт инникитин тылбыт-өспүт симэлийбэккэ, салгыы сайдарыгар эрэли саҕар.
Киирбит суруйуулар бары даҕаны ааҕааччыны умсугутар сэргэх ис хоһоонноохтор, уран тутуллаахтар. Ол эрээри, куоҥкурус буоларын быһыытынан, дьүүллүүр сүбэ үлэ ордук табыллыбытынан, ситимнээхтик таҥыллыбытынан, ирдэбили тутуһуутунан кыайыылаахтары быһаарда.
Ол курдук, маҥнайгы бөлөххө – 5-7-с кылаас үөрэнээччилэригэр кыайыылаах аатын ылла – “Сандаара сырыыта” кэпсээнинэн Никита Николаев, Сунтаардааҕы политехническай лиссиэй-интэринээт 5 “в” кылааһын үөрэнээччитэ.
Иккис бөлөххө – 8-11-с кылаастарга – “Барыта “Б” буукубаттан” диэн ааттаах суруйуутунан Аэлита Титова, С.А. Зверев аатынан Түбэй-Дьаархан орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ. Кыайыылаахтары эҕэрдэлиибит, кыттыбыт оҕолорго бука барыларыгар махтанабыт. Киирбит айымньылар “Оҕолорбут суруйаллар” диэн ааттанан хаһыат сайтыгар тахсыахтара.
Кыайыылаахтар грамотанан уонна өйдөбүнньүк бэлэхтэринэн, кыттааччылар бары туоһу суруктарынан наҕараадаланаллар. Наҕараадалары “Сунтаар сонуннара” хаһыат эрэдээксийэтиттэн, Октябрьскай уул., 56-с дьиэтиттэн ылыҥ.
Күндү оҕолор! Төрөөбүт сахабыт баай, хомоҕой тылынан уустаан-ураннаан айарга холонуугутун салгыы сайыннарыҥ, Ийэ тылгытын чөл илдьэ сылдьыҥ!
«Сунтаар сонуннара» хаһыат