Түбэй Дьаархаҥҥа бу күннэргэ үгүс бэлиэ, үөрүүлээх түгэн буоллулар. Холобур, олортон ылан кылгастык билиһиннэрдэххэ маннык:
— Нэһилиэк дьаһалтатын үлэһиттэрэ бастакы бултуйбут кустарын аҕам саастаах дьоҥҥо түҥэттилэр.

-Ивановтарга игирэ ньирэй төрөөн хаһаайыттар икки бүк үөрдүлэр.

-Эдэр ыал Титовтар төрдүс, бэһис оҕолоро игирэ уолаттар күн сирин көрдүлэр. Нэһилиэк ыччатынан туолар. Эҕэрдэ эдэр ыалга!

— Нэһилиэк тэрилтэлэрин кыттыылаах кэнсиэр элбэх көрөөччүнү түмтэ. Киирбит үп байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга ананыаҕа.

Любовь ТИХОНОВА, хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ

Читайте дальше