Бүгүн Сунтаарга Горнай, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Ньурба оскуолаларын дириэктэрдэрэ үлэлээтилэр. Ол курдук, үөрэҕирии эйгэтин үлэһиттэрэ эрдэ ыытыллыбыт кэпсэтиилэринэн, Горнай улууһугар үөрэх методистэрэ, Бүлүүгэ математика, Ньурбаҕа IT, Үөһээ Бүлүүгэ эбии үөрэхтээһин учууталлара, исписэлиистэрэ көрсөн үөрэх, билии атастаһыахтаахтар.
Онтон Сунтаарга бу ыйыллыбыт улуустар оскуолаларын дириэктэрдэрэ Сунтаар үөрэҕириитин үлэтин-хамнаһын көрдүлэр-иһиттилэр, санаа атастастылар. Сунтаар улууһун үөрэҕириитин салалтатын салайааччыта Альберт Иванов: «Бу кэскиллэх кэпсэтиибит олоххо киирбититтэн үөрдүбүт. Сунтаарга 23 дириэктэр кэллэ. Сунтаар улууһа үөрэх эйгэтигэр ураты көрүүлээх улуус буолар. Ол курдук, биһиэхэ эрэ 600-тэн тахса оҕолоох алын сүһүөх оскуолата баар. Агро хайысхалаах оскуолалар олус ситиһиилээхтик үлэлииллэр, уһуйаан саҕаттан оҕону иитэн таһаарар оскуолалар бааллар. Ол иһин, дириэктэрдэр биһиэхэ кэлбиттэрэ тоҕоостоох. Биһиги оскуолабыт дириэктэрдэрэ кэпсииллэрэ элбэх» диэн иһитиннэрдэ.
Павел Петров, Бэрдьигэстээх Семен Данилов аатынан орто оскуолатын дириэктэрэ көрсүһүүттэн санаатын маннык үллэстэр: “Саамай элбэх 8 дириэктэр Горнай улууһуттан айаннаан кэллибит. Үксэ нэһилиэк оскуолаларын дириэктэрдэрэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ баай опыттаах, үчүгэй рейтиннээх оскуолаларга киирсэр- поилитехническэй лиссиэй үлэтин билсиэхпитин баҕарбыппыт ыраатта. Бэйэм орто оскуола дириэктэрэ буоларым быһыытынан Сунтаар 1№-дээх оскуола үлэтин бэйэбэр чугастык ылынным. Сэргии көрбүтүм диэн… Бу оскуолаҕа уһуйаан үлэлиир эбит. Ол аата оскуола оҕону уһуйаантан саҕалаан оскуоланы бүтэриэр диэри иитэн, үөрэх-билии биэрэн таһаарарын бэлиэтии көрдүбүт. Сунтаарга көрбүппүтүн-истибиппитин бэйэбит дойдубутугар эмиэ ырытыһыахпыт, кэпсэтиэхпит”.
Оскуола дириэктэрдэрэ Сунтаардааҕы политехническай лиссиэй дириэктэрин, норуот учуутала Олег Сосины кытта көрүстүлэр, ирэ-хоро кэпсэттилэр, лиссиэй иһинэн үлэлиир уһанар мастарыскыайга сырыттылар. Оҕолор тутан-хабан оҥорбут оҥоһуктарын хайҕыы көрдүлэр. Салгыы Күндэйэ агро хайысхалаах оскуолатыгар ыалдьыттаатылар. Астаан-үөллээн таһаарар тыа хаһаайыстыбатын кэмбинээтигэр сырыттылар. Ону таһынан, улууска оҕолору патриотическэй тыыҥҥа уһуйуу, бырайыагынан үлэ хаамыытын көрдүлэр.
Мира АФАНАСЬЕВА