Улуус бэтэрээннэрин быйылгы улуустааҕы спартакиадалара олус элбэх киһилээх ыытылынна. Спартакиада нэһилиэнньэҕэ маассабай успуорду көҕүлээһин, аҕам саастаах дьон доруобай туруктаах буолууларыгар уонна улууспутугар физкультурнай хамсааһын сайдыытыгар сыаллаах-соруктаах ахсыс төгүлүн ыытылынна.
Улууспут 13 нэһилиэгиттэн уопсайа 360 тахса бэтэрээн кытынна. Кинилэр тоҕус көрүҥҥэ – саахымакка, дуобакка, остуол тенниһигэр, пневматическай аптамаатынан ытыыга, хабылыкка уонна хаамыскаҕа, дартска, бильярка, эстафетаҕа уонна бальнай үҥкүүгэ күрэстэстилэр.
Аҕам саастаах бэтэрээн спортсменнар бары көрүҥҥэ көхтөөхтүк кытыннылар, бэрт эрийсиилээх оонньууну көрдөрдүлэр. Ол курдук, Сунтаар бастакы хамаандата алта көрүҥҥэ – саахымакка, дуобакка, остуол тенниһигэр, хабылыкка уонна хаамыскаҕа, ытыыга, эстафетаҕа бастакы миэстэни ыллылар. Оттон бильярка иккис, дартска үһүс миэстэҕэ тахсаннар 16 очукуоланан уопсай түмүгүнэн спартакиада кыайыылаахтара буоллулар. Элгээйи хамаандата 45 очукуону ылан, иккис миэстэҕэ таҕыстылар. Кинилэр дартска бастакы, бальнай үҥкүүгэ иккис, бильярка үһүс миэстэлэри ыллылар. 47 очукуолаах Кутана хамаандата быйыл үһүс миэстэни ылары ситистилэр. Кутаналар эстафетаҕа, хабылыкка, хаамыскаҕа иккис, остуол тенниһигэр үһүс миэстэлэри ыллылар.
Тойбохойдор бальнай үҥкүүгэ кыахтаахтарын көрдөрдүлэр. Кэннилэригэр 13 хамаанданы кэннилэригэр хаалларан, кыайыылаах үрдүк аатын ыллылар. Элгээйилэр дартска барыларын кыайдылар. Бордоҥнор бильярка күннээтилэр.
Онон бэс ыйын 8-9 күннэригэр Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллар зональнай спартакиадаҕа көрүҥнэринэн бастаабыттар 50-ча киһи улуустарын чиэһин көмүскүү барарга ох курдук оҥостон, салгыы эрчиллиэхтэрэ, дьарыктаныахтара.
Яина ВЛАСЬЕВА