Бэтэрээн педагогтары чиэстээн

Сунтаартан сылдьабын диэммин мин
Ханна да тиийдэрбин кэпсиибин,
Дорҕоонноох тойуктаах дьоннорбун
Доргуччу киэн тутта ааттыыбын… СУНТААРЫМ

Улуу Туймаада хочотугар, эҥсиллэр Элиэнэ биэрэгэр дьоллоох Дьокуускай куорат биир маанылаахай «Белые ночи» рестораныгар Сунтар улууһун Аҕа баһылыга Анаталий Григорьев, үөрэҕирии управлениетын начальнига Альберт Иванов эҕэрдэлэригэр, мааны остуолларыгар дуоһуйа-астына ыалдьыт буоллубут. Сэргэх тэрээһинтэн оҕолуу үөрдүбүт-көттүбүт, ырыа-тойук дьиэрэйдэ, биир дойдулаахтарбыт Саха эстрадатын ҕсулустарын истэн быарбыт сымнаата, куппут бөҕөргөөтө, харахпыт үөрдэ, эдэрдии үҥкүүлээн тэйдибит.

Олус истиҥ-иһирэх көрсүһүүнү, маннык далбарайы тэрийбит, кэрэ күнү бэлэхтээн ааспыттарыгар салайааччыларбытыгар истиҥник махтанабыт.

Бу көрсүһүү хас биирдии бэтэрээн сүрэҕин-дууһатын сылы сыллаан сылытыа-угуттуо турдаҕа. Кырдьаҕаска болҕомтоҕут уостубатын, үлэҕит-хамнаскыт аллаах ат туйаҕын тыаһын курдук өрө хабылла туруохтун!

 

Зоя СЕМЕНОВА, Сунтаар улууһун Сиэйэтээҕи «Сарыал» уһуйаанын 1997-2021 с. сэбиэдиссэйэ