Күндэйэлэр баар-суох бэйиэппит, сыппаабат бөрүөлээх суруйааччы убайбыт Николай Егоров-Аҕырытта Ньукулай буруолуу сылдьар саҥа кинигэтэ “Кэҕэ кулгааҕа” диэн ааттанан Күндэйэҕэ көмүс күһүнү көрсө дьоллоох Дьокуускай куораттан айаннаан кэллэ. Кинигэни бэйэтинэн нэһилиэкпит историятын сырдатааччы, биллиилээх суруналыыс Александр Көрдүгэн эрэдээктэрдээн, сүүрэн-көтөн бэчээттэтэн көмөтө, биллэн турар, улахан. Кинигэ 11 түһүмэхтэн таҥыллан, хоһооннор, ырыалар, суруктар, ахтыылар киирэннэр, элбэх хаартыскаланан, бэйиэт Альберт Егоров-Бүлүүйүскэй төрөөбүтэ 80 сылыгар ананан хомуллан таҕыста. Кинигэ ис хоһооно киэҥ, ордук Бүлүүйүскэй биһиги Исидорбытыгар, чугас доҕоругар, суруктара киһини долгутар. Күндэйэҕэ “Ыйдаҥа” ырыа хайдах айыллыбыта, ол кэмҥэ фермаҕа үлэлээбит кыргыттар хаартыскалара киирбиттэрэ олус кэрэхсэнэр. Ахтыылар элбэхтэр. Түмүгэр, “Аман өс ахтыылар”, “Хаһаас -сыһык санаалар” диэн Альберт Бүлүүйүскэй олоҕун туһунан араас санаалар, түгэннэр хоһоонунан хоһуллан кэккэлээн тахсыбыт кинигэлэрэ бөҕө-таҕа, улахан, 152 лиистээх олус дьоһун айымньы. Күндү дьоммут көмөлөрүнэн Күндэйэбитигэр историяны кэрэһилиир элбэх кинигэ бэчээттэнэн, үөрүүбүт күн-түүн үрдүүр. Өссө да Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө төбөлөрүн иһигэр туох буһа, сүрэхтэригэр туох оргуйа сылдьарын билбит суох. Бука, тугу эрэ үйэлээҕи толкуйдуу сылдьаллара буолуо диэн бүк эрэнэбит. Онно нэһилиэкпит дьоно туора туруохтара суоҕа дии саныыбын. Сытыы бөрүөҕүт сыппаабатын, айымньылаах үлэҕит саҕылыннын, доруобай буолуҥ!
Феврония НИКОЛАЕВА, Күндэйэ.