Сунтаарга А.И. Иванов аатын сүгэр олимпийскай эрэллэри бэлэмниир өрөспүүбүлүкэтээҕи спорт оскуолатыгар буулдьанан ытыы көрүҥүн салаата аһыллан үлэлээбитэ 13-с сыла. Тренердэринэн кэргэннии Светлана, Александр Николаевтар таhаарыылаахтык үлэлии сылдьаллар. Болдьоспут кэмҥэ бэркэ билэр сирбэр тиийбитим, тренердэр Александр Алексеевич, Светлана Семеновна иитиллээччилэрэ Вика Ераскумованы, Азалия Саввинованы кытта дьарыктана сылдьаллар. Саала иhэ уу-чуумпу, туох да аралдьытар туора тыас-уус суох.
– Александр Алексеевич, буулдьанан ытыы көрүҥэр хайдах кэлбиккитий?
– 2009 с. Бүлүүгэ ыытыллыбыт XVIII «Манчаары оонньууларыгар» ытыы көрүҥэ аан маҥнай киллэриллибитэ. Онно Сунтаар сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн кыттан кэлбитим. Ол кэннэ 2010 с. Өлүөхүмэҕэ Саха сирин норуоттарын VI спортивнай оонньууларыгар эмиэ ситиhиилээхтик кыттыбытым. Ити сылга Сунтаардааҕы политехническай лиссиэй оҕолорун ытыыга дьарыктаан, «Саха сирин эрэллэрэ» диэн өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар үөрэнээччилэр сайыҥҥы спартакиадаларыгар кыттан, төрдүс миэстэни ылары ситиспиппит. Мантан сүрэхтэнэн, Алкивиад Иванов аатынан олимпийскай эрэллэри бэлэмниир өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуолаҕа үлэҕэ киирэн, тренер идэтигэр уhуйуллуум саҕаламмыта. Бастакы сылларга соҕотоҕун үлэлээбитим. Маҥнайгы ситиһиилэр кэлиилэринэн күрэхтэhэ барарбыт элбээбитэ. Ол кэмҥэ, атын оҕолорум дьарыктара тохтоон хааларыттан кыhалҕаҕа ылларбытым. Иккис тренер ылар туhунан боппуруос турбута. Ол кэмҥэ спорт миниистирэ Михаил Гуляев Сунтаарга кэлбитигэр кыhалҕалаах боппуруоспун туруорсубутум. Сол күн кэргэним — Светлана Семеновна иккис тренеринэн үлэҕэ ылыллыбыта.
– Светлана Семеновна, оҕолору хайдах талан ылаҕытый уонна төһө элбэх оҕо эhиэхэ дьарыктанарый?
– Сылын аайы буулдьанан ытыынан дьарыктаныан баҕалаах оҕолор добуочча кэлэллэр. Биhиги көрүҥмүт, көрдөххө боростуой курдук эрээри, билэн-көрөн, дьарыктанан бардахха олус уустук. Онон, сыл бүтүөр диэри, бу спорт көрүҥүн чахчы баhылыан баҕалаах, бэриниилээх оҕолор хаалаллар. Оҕону 9 сааhыттан ылабыт. Болҕомтону эт-сиин өттүнэн сайдыыларыгар, сөпкө тыыналларыгар уурабыт, бэйэни хонтуруолланарга, ытыы техникатын баhылыырга үөрэтэбит. Сыыйа-баайа эрчиллиилэргэ киллэрэбит: бинтиэпкэнэн уонна бэстилиэтинэн ытыыларга.
– Талааннаах оҕо түбэhэрэ – тренер дьоло дииллэр. Оҕолоргут ситиhиилэрин туhунан кэпсээҥ эрэ.
– Кырдьык, айылҕаттан талааннаах оҕо түбэhэрэ сэдэх буолааччы. 2022-2023 сс. биhиэхэ улахан ситиhиилээх буоллулар. Ол курдук, иитиллээччилэрбит, эдьиийдии-балыстыы Дайаана, Вика Ераскумовалар өрөспүүбүлүкэҕэ чаҕылхайдык кыттан, салгыы Уhук Илин федеральнай уокурук, Арассыыйа күрэхтэhиилэригэр ситиhиилээхтик кыттыылара буолар. Дайаана Ераскумова, Сунтаар 1 №-дээх оскуолатын 10-с кылааhыгар үөрэнэр, СӨ хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ, Арассыыйа спордун маастарыгар хандьыдаат, бинтиэпкэнэн ытыыга олимпийскай бырагыраамаҕа Уhук Илин федеральнай уокурукка биирдиилээн бастыыр иhин күрэхтэhиигэ уонна пааранан ытыыга чөмпүйүөн үрдүк аатын ылбыта, Арассыыйаҕа хамаанданан киирсиигэ үрүҥ көмүс мэтээлгэ тиксибитэ. Вика Ераскумова Сунтаар 1 №-дээх оскуолатын 9-с кылааhын үөрэнээччитэ, эмиэ олус табыллан күрэхтэhэ сылдьар. Бэйэтин саастыылаахтарыгар Саха сиригэр маҥнайгы нүөмэрдээх ытааччы буолар, Арассыыйа успуордун маастарыгар хандьыдаат. Атырдьах ыйыгар Москва уобалаhыгар ыытыллыбыт Арассыыйаҕа биирдиилээн уонна хамаанданан киирсиигэ олимпийскай көрүҥҥэ үрүҥ көмүс мэтээл хаhаайкатынан буолбута, өссө тас дойдулартан кыттааччылардаах ытыыга боруонса мэтээлгэ тиксибитэ. Бу күрэхтэhиигэ хамаанданан ытыыга чөмпүйүөн үрдүк аатын ылбыта. Алтынньыга Ижевск куоракка ыытыллыбыт Арассыыйаҕа биирдиилээн бастыыр иhин күрэхтэhиигэ иккис, пааранан ытыыга үһүс миэстэлэри ылла. Азалия Саввинова Сунтаардааҕы политехническай лиссиэй 7-с кылааhын үөрэнээччитэ, Саха сирин күрэхтэhиитигэр үрүҥ көмүс мэтээллээх. Бу кыргыттар үһүөн СӨ сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн сылдьаллар. Ону тэҥэ, үүнэн иhэр кэскиллээх ытааччыбытын Сунтаардааҕы политехническай лиссиэй 6-с кылааhыгар үөрэнэр Мотя Чыбыкованы ааттыахпытын баҕарабыт. Кини бэстилиэтинэн пааранан ытыыга СӨ иккис миэстэлээх. Инникигэ улахан эрэллээх. Адаптивнай спорт көрүҥэр эмиэ ылсан үлэлэhэбит. Ол курдук, Илимнииртэн сылдьар Сунтаардааҕы гимназия 9-с кылааhын үөрэнээччитэ Сабия Иванова быйыл Аммаҕа ыытыллыбыт «Дьулуур» адаптивнай спорт көрүҥнэрин XIV спартакиадатыгар улахан дьон ортотугар кыттан, бириистээх иккис миэстэҕэ тиксибитэ, өрөспүүбүлүкэҕэ биирдиилээн бастыыр иhин күрэхтэhиигэ иккис миэстэлээх.
– Светлана Семеновна, буулдьанан ытыыга кыргыттар ордук кэлэн дьарыктаналлар эбит дии. Кыыс оҕо бу көрүҥүнэн дьарыктанарын туhунан санааларыҥ?
– Кыыс оҕо айылҕата айбытынан олус тулуурдаах, онон да буолуо, биhиги көрүҥмүт олус барсар дии саныыбын. Кэлэн боруобаланан баран, сөбүлээн, хаалан да дьарыктанааччылар элбэхтэр. Чэпчэки атлетиканы, үҥкүүнү кытта дьүөрэлээн сырыттахтарына өссө үчүгэй дии саныыбын. Эрчиллиибит олус ыарахан, күҥҥэ икки чаас устата барар. Кэтээн көрүүбүтүнэн уруhуйдьут, черчениеҕа дьоҕурдаах оҕолор бу көрүҥҥэ эмиэ барсаллар. Кинилэр кыраҕытык кыҥыыр дьоҕурдара үрдүк буолар. Кэлэн дьарыктанар элбэх оҕоттон үс-биэс эрэ оҕо эрчиллиилэри барытын толору баhылаан, тулуйан, үрдүк көрдөрүүнү ситиhиэхтэрин сөп. Кыра саастарыттан кэлэр уол элбэх эрээри, тулуйан өр дьарыктамматтар, ордук хамсаныылаах спорт көрүҥнэригэр көһөр түгэннэрэ үгүс.
– Дьарыктанар усулуобуйаҕыт мин көрдөхпүнэ, наhаа үчүгэйэ суох, ирдэбилгэ эппиэттэспэт дии. Эhиги бэйэҕит санааҕыт?
– Оннук, аан маҥнай саҕалыахпытыттан, дьарыктыырга аналлаах, ирдэбиллэргэ толору эппиэттиир дьиэтэ суох буолан, онно-манна түбэhиэхчэ дьарыктанан кэллибит. Ол курдук, 2010 с. саҕалаан кэккэ сылларга 1 №-дээх оскуола дириэктэрэ Афанасий Матвеевы кытта үүнээйи олордорго анаан тутуллубут теплицаларын тир оҥостон, оҕолору дьарыктыыр туhунан кэпсэтии ыытан, көҥүл ылбыппыт. Тренер Александр Алексеевич онно тута сүүрэн-көтөн, теплица буорун барытын бэйэтэ таhан, көтүрэри көтүрэн, оҥорору оҥорон – үлэ бөҕөтүн ыытан, тирбит үлэтэ саҕаланарын ситиспитэ. Элбэх оҕо кэлэн дьарыктанан, ол да кэмҥэ улахан ситиhиилэр баар буолан испиттэрэ. Ити кэмнэргэ биhигини өйөөн илдьэ сылдьыбыт, Афанасий Спиридоновичка махталбытын тириэрдэбит. Салгыы оҕолору дьарыктыырга сатаммат өрүттэр көстөннөр, саҥа миэстэ көрдүүр кыhалҕатыгар түспүппүт. Хата, Сунтаардааҕы колледж салалтата (дириэктэр Гаврил Михайлов) утары баран, көтүрүллэ турар дьиэлэрин биир муннугар киирэн, үһүс сылбытын дьарыктана сылдьабыт. Манна үчүгэйэ диэн чуумпу, туора туох да тыас-уус, киирии-тахсыы суох. Ити биhиги биир сүрүн ирдэбилбит буолар. Ол эрээри, усулуобуйата сөп түбэспэтэ биллэр. Холобур, сырдатыы боппуруоhа, муостата хамсаабат чиҥ, истиэнэтэ буулдьа хоппот анал матырыйаал буолуохтаах. Колледж дириэктэригэр Гаврил Николаевичка махталбыт муҥура суох.
Араас куоратынан күрэхтэhиилэргэ сылдьан, оҕолор дьарыктанар усулуобуйаларын көрө-көрө улаханнык ымсыырабыт эрэ. Бэйэбит хайдах усулуобуйаҕа дьарыктана сылдьарбытын тэҥнээн көрөн, санаабыт олус түһэр. Ол эрээри, оҕолорбут толору усулуобуйаҕа дьарыктанар атын оҕолордуун тэбис-тэҥҥэ күрэхтэhэллэриттэн, сороҕор баhыйан да тахсар түгэннэриттэн үөрэбит эрэ.
– Экипировкаҕытын хайдах хааччынаҕыт?
– Ытыы спорда техническай көрүҥ буолан, ирдэбиллэрэ олус үрдүк, оннук улахан ороскуоту эрэйэр. Оборудованиебыт барыта электроннай буолар. Бинтиэпкэлэрбит, бэстилиэттэрбит, аҥаардас буулдьаларбыт да сыаналаахтар. Германскай, аналлаах буулдьалары ылабыт. Күрэхтэhэр буулдьалара биир хаата 2900 солк. буолар. Ханна да бардарбыт эрэ, оҕолорбутун өйөөн, буулдьаларын бэйэбит үппүтүнэн атыылаhан биэрэ сатыыбыт. Атахтарын таҥаhа, бэрчээккилэрэ, көстүүмнэрэ барыта – бас быстар сыана. Аны ити таҥастара үс сыл буола-буола уларыйыахтаах. Тэрилтэбит, тренердэр, төрөппүттэр биир сүбэнэн үлэлииргэ кыhаллабыт. Туох тиийбэтин оҕолорбутугар толору хааччыйа сатыыбыт. Төрөппүттэрбит улахан күүс-көмө буолалларыттан үөрэбит, хайгыыбыт.
– Бэйэҕит төрөппүт оҕолоргут эмиэ спорт бу көрүҥэр уhуйуллан улааппыттара дии?
– Улахан кыыспыт Күннэй – Арассыыйа спордун маастара, өрөспүүбүлүкэҕэ Манчаары уонна Тыа сирин оонньууларын хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ, Арассыыйа күрэхтэhиилэригэр эмиэ үгүс ситиhиилээх. Билигин Нам улууhугар буулдьанан ытыы тренеринэн үлэлиир. Кыра кыыспыт Тамара үһүс сылын биhиги оскуолабыт филиалыгар, Дьокуускай куоракка «Дохсун» спорт уораҕайыгар тренердиир. Эмиэ Арассыыйа спордун маастара, 2012, 2013 сс. буулдьанан ытыыга Арассыыйаҕа биирдиилээн бастыыр иhин күрэхтэhии икки төгүллээх кыайыылааҕа, өрөспүүбүлүкэ элбэх төгүллээх чөмпүйүөнэ. Уолбут Семен стендовай ытыынан сөбүлээн дьарыктанар. Ити көрүҥҥэ үгүс ситиhиилээх, элбэх мэтээллээх.
Бу матырыйаал бэлэмнэнэ сырыттаҕына утуу-субуу олус үчүгэй сонуннар көтөн кэлбиттэрэ. Светлана Семеновнаттан ити ситиhиилэр тустарынан кэпсииригэр көрдөстүм:
– Ахсынньы 1-9 күннэригэр Удмуртия өрөспүүбүлүкэтигэр Глазов куоратыгар ыытыллыбыт Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Т.П. Барамзина аатын үйэтитэр сыаллаах буулдьанан ытыы Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэhиитигэр биhиги иитиллээччибит Дайаана Ераскумова өрөспүүбүлүкэ сүрүн хамаандатыгар киирэн, олимпийскай бырагыраамаҕа бочуоттаах үһүс миэстэҕэ таҕыста. 618,1 очукуону ылан, Арассыыйа спордун маастарын нуорматын эрэллээхтик толордо.
Вика Ераскумова буулдьанан ытыыга Приморскай кыраай кубогар уонна биирдиилээн бастыыр иhин бу кыраай күрэхтэhиитигэр олимпийскай бырагыраамаҕа кыттан, финалга чөмпүйүөн үрдүк аатын ылан, кыhыл көмүс мэтээли ылары ситистэ. Онон, 2024 с. Саха сиригэр ыытыллар VIII норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» оонньууларыгар СӨ сүрүн хамаандатын састаабыгар киирдэ. Азалия Саввинова бу күрэхтэhиитигэ, классическай көрүҥҥэ, икки төгүллээх чөмпүйүөн үрдүк аатын ылан, икки кыhыл көмүс мэтээли иилиннэ. Кини 390 очукуону ылан, Арассыыйа спордун маастарыгар кандидат нуорматын толордо.
Түмүкпэр, буулдьанан ытыы тренердэрэ Александр Алексеевич, Светлана Семеновна оҕолору эрчийэр усулуобуйаны тупсарыыга бэйэлэрэ санаалардаахтар. Кинилэр баҕа санааларын истэн, болҕомтоҕо ылан, буулдьанан ытыы курдук Олимпийскай оонньуулар бырагыраамаларыгар киирбит спорт биир уустук көрүҥэр Сунтаарбыт оҕолоро үөһэ тахсалларын туhугар, улууспут баhылыга Анатолий Григорьев, сунтаардар улаханнык ытыктыыр киhибит, СӨ буулдьанан уонна стендовай ытыылар Федерацияларын бэрэссэдээтэлэ Матвей Евсеев оҕолорбут эрчиллэр, тренердэр үлэлиир усулуобуйаларын тупсарарга үлэлэhиэхтэрэ диэн баҕа санаабытын этэбит уонна эрэнэ хаалабыт.
Валентина ПРОКОПЬЕВА