Бэрэсидьиэн  бибилэтиэкэтэ үлэтин саҕалаата

2009 сыллаахтан Санкт-Петербурга Б.Н.Ельцин аатынан Президент бибилэтиэкэтэ сүрүн судаарыстыбаннай электроннай хранилище быһыытынан  үлэлиир. Бибилэтиэкэ фуондата сүрүннээн Арассыыйа судаарыстыбаннаһын историятыгар, теориятыгар уонна практикатыгар, нуучча тылыгар анаммыт мөлүйүөнтэн тахса архыып докумуоннарын, периодикатын, кинигэлэрин сыыппара копияларыгар, аудио-видео устууларга, хаартыскаларга, научнай, сырдатар киинэлэргэ,  диссертациялар авторефераттарыгар тирэҕирэр. Ону таһынан, Арассыыйа национальнай статустаах мультимедийнай культурнай-сырдатар, научнай-үөрэтэр уонна информационнай аналитическай киининэн буолар.

2023 с. балаҕан ыйыгар биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр Президент бибилэтиэкэтигэр тэйиччиттэн киирэр кииннэри (центр удаленного доступа) тэрийии туһунан Ил Дархаммыт Президент бибилэтиэкэтин  кытта сөбүлэҥ түһэрсибитин түмүгэр, өрөспүүбүлүкэ бибилэтиэкэлэригэр итинник кииннэр аһыллыбыттара. Биһиги улууспутугар А.П.Павлов аатынан Сунтаар 1-кы №-дээх оскуолатын, Сунтаар кииннэммит уонна Элгээйи модельнай бибилэтиэкэлэригэр эмиэ үлэлээн эрэллэр.

Ааспыт сыл бүтүүтүгэр  Ил Дархаммыт Айсен  Николаев дьаһалынан Президент бибилэтиэкэтигэр өрөспүүбүлүкэбит бибилэтиэкэрдэрэ баран тэйиччиттэн киирэр кииннэри үлэлэтэргэ үөрэммиттэрэ. Ол түмүгүнэн, А.П.Павлов аатынан Сунтаар 1-кы №-дээх оскуолатын педагог-бибилэтиэкэрэ Ирина Сивцева биһиги улуустан  ити кууруска үөрэнэн, олунньу 6 күнүгэр улууспут оскуолаларын педагог-бибилэтиэкэрдэригэр «Информационно-образовательный потенциал ресурсов Президентской библиотеки имени Б.Н.Ельцина» диэн сэминээр-практикуму ыытта. Истээччилэр электроннай бибилэтиэкэ фуондаларын кытта билистилэр, цифровой ресурсаларын сэҥээрдилэр. Бибилэтиэкэ кыаҕа улаханын, история, нуучча тылын учууталларыгар, БКЭ, СГЭ туттарааччыларга, чинчийэр үлэнэн дьарыктанааччыларга, олус туһалаах буолуоҕун, инникитин улуус улахан оскуолаларыгар маннык кииннэри киллэрии наадалааҕын бэлиэтээтилэр.

Тэйиччиттэн киирэр киин (ЦУД), дойдубут ханнык да муннугар олорорбутуттан тутулуга суох, наадыйар информациябытыгар тэҥ тиксиини хааччыйара билиҥҥи кэм сүрүн ирдэбилигэр эппиэттиир.

“Сунтаар сонуннара” улуус хаһыата

Читайте дальше