«Бөрө үүтээнигэр» туризм тула соргулаах кэпсэтии барда

Аҕыйах сыллааҕыта туризмҥа кэлиэҥ диэбиттэрэ буоллар, ол саҕана култуура киһитэ «диэ» диэн саҥа аллайыам эбитэ буолуо…

Наахараҕа «Бөрө үүтээнин» салайааччыта, эдэркээн ийэ Татьяна Васильева олус тэрээһиннээхтик барыбытын сынньанар түһүлгэтигэр түмэ тардан кэскиллээх кэпсэтиини олохтоотубут. Улууспут сынньанар дьиэлэрин салайааччылара үгүспүт кэлэн (Тойбохойтон «Хорс Кемпинг», Тэҥкэттэн «Абааһы балаҕана», Кириэстээхтэн «Сыдьаайа балаҕана», Сунтаартан «Таптал» афрейм уонна саҥа саҕалааччылар, бу эйгэҕэ саҥаны арыйыан баҕалаахтар) арааһы анааран кэпсэттибит, холобурдарбытын үллэһиннибит, инникитин бииргэ үлэлиир торумнары быһаарыстыбыт.

Көрсүһүүгэ Сунтаарбыт туризмын сайдыытыгар быһаччы сыһыаннаах Борис Васильев, Александра Иванова уонна тыа хаһаайыстыбатын үлэһитэ Анжелика Николаева биһиэхэ  сүбэлэри, туох-ханнык тосхоллорго, барылларга кыттыахпытын сөбүн кэпсээтилэр. Маны таһынан ВКС нөҥүө СӨ туризмын сайыннарыы агенствотыттан Аркадий Ксенофонтов тахсан олус элбэх сүбэни биэрдэ.

Күн түмүгүнэн иккис көрсүһүүгэ арҕаа эҥэр түөлбэтин улуустарга — Сунтаарга, Ньурбаҕа, Мииринэйгэ, Ленскэйгэ туризм сайдыытыгар сүрүн болҕомтону ууруохха дэстибит. Ону кытта Сунтаарга кэлэр-барар ыалдьыттары көрсүүгэ, атаарыыга биир ситиминэн үлэлээн, туристическай маршруттары тэрийиэххэ, улуус дьаһалтатын көмөтүнэн хас биирдии сынньанар дьиэ, түһүлгэ визитка видео бэлэмнээн таһаарыыга, «Яндекс», «2 ГИС» сыһыарыыларга аадырыстарбытын киллэрии үлэлэрин ыытыахха диэн сүбэлэһэн тарҕастыбыт.

Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА

Читайте дальше