Бэйэ оҥорон таһаарыы сайдан, саҥа таһымнаныа

Бүгүн, кулун тутар 29 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев «СӨ туризмы уонна олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыы» диэн стратегическай ыйаахха илии баттаата.
Сунтаар улууһугар олохтоох бородууксуйаны сайыннарыыга үгүс үлэ ыытыллар.Улуус хас даҕаны нэһилиэгэр үрүҥ илгэттэн бородууксуйа эгэлгэтэ оҥоһуллан атыыга тахсарын олохтоохтор хамаҕатык ылаллар.
Николай Васильевич Спиридонов, Сунтаар улууһун Аллыҥа нэһилиэгин баһылыга:
— Дьэ бу олох наадалаах ыйаахтар тахсыбыттар. Хас биирдии нэһилиэк хайдах кыахтааҕынан бэйэ производствота баар буолуохтаах. Холобур, элбэх ынахтаах, логистикалара үчүгэй нэһилиэктэр үүт производствотын тэрийиэхтэрин сөп. Ыраах сытар нэһилиэктэр эт производствотын (тушенка, халбаһы уо. д.а. оҥорооһуна).
Тойбохой нэһилиэгин ыччаттарын курдук комбикорм оҥоруохха наада, бу олус наадалаах бородууксуйа. Кэнэҕэскитин бэйэ бурдугун үүннэрэн, оҥорон таһаарыыга үлэлэһиэххэ наада. Биһиги Аллыҥабыт нэһилиэгэр үүт переработкалыыр сыаҕы «Татыйыына» фирмата 2016 сылтар үлэлэтэр. Онно сүрүннээн 5 киһи үлэлиир, сөптөөх хамнастаахтар. Күн аайы тохтоло суох бородууксуйа Сунтаарга киирэр, ону таһынан, суол баар буолан, Ньурба уонна Мииринэй улуустарыгар атыыга барар. Быйыл олохтоох сыыр оҥоһуутугар көһүөхтээх.
Онон бэйэбит бэлэмнээбит астаах буоллахпытына эрэ араас ыарахан кэмнэргэ бэлэм буолабыт.

«Сунтаар сонуннара» улуус хаһыата.

Читайте дальше