Бөҕү дьаһайыы нэһилиэнньэ төлөбүрүттэн быһаччы тутулуктаах

Киһи олорорун тухары бөх таһаарар. Истиэххэ олуона соҕус да буоллар, ылан көрдөххө оннук. Урукку кэмнэргэ ыал дьиэтээҕи мунньуллубут бөҕүн массыына булан сыбаалкаҕа тиэйтэрэрэ, сорох ыал умайар бөҕүн тиэргэҥҥэ буочукаҕа, туох эрэ анал тимир иһиккэ уматан утары суох гынара. Билигин аһыыр аспыт, туттар малбыт барыта суулаах, хаалаах… Олохпут биллэ уларыйда, саҥа ирдэбиллэр, саҥа сокуоннар киирэ тураллар. Ол эрээри олоххо киирэн иһиилэрэ, олохтоох дьон онно сыһыана бэйэтэ туһугар уустуктардаах.

Аҕыйах сылтан бэттэх үгүспүт «региональнай оператор» диэни элбэхтэ истэр. Сорохтор ол тугун-ханныгын күн бүгүн ситэ удумаҕалаппаттар. Ааҕааччыларбытыгар, Сунтаарбыт олохтоохторугар бу кэккэ сылларга ТКО (твердый коммунальный отход) диэни дьаһайыыга туох үлэ барарын бу соторутааҕыта «Региональнай оператор» үлэтин толорор буолбут ЖКС  тэрилтэтин үлэһитэ, юрист Л.С. Яковлеваны кытта кэпсэттибит:

  • Лена Станиславовна, бастатан туран, ЖКС тэрилтэ үлэтин-хамнаһын  уонна бу саҥа эбиллибит эбээһинэскит – ТКО-ну кытта үлэҕэ хаһааҥҥыттан ылыстыгыт, ол туһунан билиһиннэриэххэ?
  • Сунтаардааҕы «Жилкомсервис» о.э. ЖКС тэрилтэтэ (сал.И.Р.Яковлев) Сунтаарга уонна Кэмпэндээйигэ уопсайа 54 үлэһиттээх. Биэс хочуолунайдаах, икки уу ыраастыыр ыстаансыйалаах уонна уопсай дьиэлэртэн убаҕас хаалыыны оботторор. Оттон бу атырдьах ыйын 1 күнүттэн Сунтаар улууһугар региональнай оператор быһыытынан үлэбитин саҕалаатыбыт. Олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта региональнай оператор быһыытынан үлэлиирбитигэр биир сылга диэн от ыйын 27 күнүгэр сөбүлэҥ түһэрсибиппит. Ол чэрчитинэн бу Сахабыт сиринээҕи тариф олохтуур тэрилтэҕэ тарифпытын көмүскээн кэллибит. Бу 2023 сыл бүтүөр диэри биһиги иннибитинэ үлэлээбит “Сайдам” ХЭТ тарибынан үлэлиибит. Биир куб сыаната – 675, 99 солк. буолар. Норматив быһыытынан суоттанан тахсар буоллаҕына, чааһынай дьиэ олохтоохторугар, 1 киһиэхэ – 105, 91 солк. Оттон уопсай дьиэ олохтооҕор – 99, 71 солк. Холобур, дьиэ кэргэн икки оҕолоох буоллаҕына 4 киһиэхэ ый аайы сааһыттан тутулуга суох төлөнүөхтээх.

 

  • Региональнай оператор диэн судургутук эттэххэ тугу үлэлиирий? Олохтоохтор билигин бу коммунальнай өҥөнү төлөөһүннэрэ хайдаҕый?
  • Ол аата нэһилиэнньэттэн бөҕү тиэйээһин, хомуйааһын, сыбаалканы көмтөрүү. Региональнай оператор диэн  улууспутугар 2019 сылтан үлэлээн саҕалаабыта. Аан маҥнай «МПЖХ» ХЭТ, онтон «Сайдам» ХЭТ үлэлээбиттэрэ, ол эрэн  олохтоохтортон төлөбүр кыайан киирбэккэ үлэ кыаллыбата. Манна биири өйдүөххэ наада, бу коммунальнай өҥө судаарыстыбаттан субсидияламмат, туох даҕаны эбии үп көрүллүбэт.   Холобур, биһиги иннибитинэ  «Сайдам» ХЭТ оҥорбут өҥөтүн иһин Сунтаар нэһилиэнньэтин баара-суоҕа 5 эрэ бырыһыана төлөөн олорбут. Бу олох  кыра суума. Дьон төлөөбөтөҕүн суотугар ити тэрилтэ үлэтин кыамматах. Бу мантан көстөн кэлэр, региональнай оператор  үлэтэ – бу нэһилиэнньэ хайдах төлүүрүй да, оператор үлэтэ онтон быһаччы тутулуктаах.   Нэһилиэнньэ төлөөбөт буоллаҕына, бөҕү хому­йуу бытаарар, олох даҕаны тохтоон хаалыан эмиэ сөп. Төлөбүртэн киирбит харчы тиэхиньикэ сүүрэ тахсарыгар, ГСМ куттарыгар, суоппар хамнаһа, о.д.а бу барыта хантан эрэ үбүлэниэхтээх. Региональнай оператор үлэтэ диэн транспортировка – бөх былаһааккатыттан тиэнэн сыбаалкаҕа таһаарыы. Бөх контейнердарын өрөмүөннээһин, хомуйуу, оҥоруу биһиэхэ киирбэт.
  • Киһи төһө иэстээҕин, төһө суума буоларын хантан тиийэн билсиэн сөбүй?
  • Бу 2023 сыл от ыйын 31 күнүгэр диэри иэстэрин «Сайдам» ХЭТ-тэн билсэллэр. Оттон атырдьах ыйын 1 күнүттэн биһиги кассабытыгар, Сунтаар сэл. Строд уул. 52-гэр, кэлэн төлүөхтэрин сөп эбэтэр картанан терминал нөҥүө. Билигин Сбербааны кытта төлөбүр «ДОМ» диэн туһааннаах сыһыарыыга кэлэрин курдук үлэлэһэ сылдьабыт. Устудьуоннаах ыал паспортнайтан ыспыраапка аҕалан перерасчет    аахтарыахтарын сөп. Атырдьах ыйыттан төлөбүргэ устудьуоннаахтар үөрэнэр сириттэн ыспыраапка ылан, биһиэхэ аҕалаллар.

 

  • ЖКС иннинэ икки тэрилтэ үлэлии сылдьыбыт, урукку-хойукку төлөбүр хайдаҕый?  «Мин итиннэ бөх куппаппын, төлөөбөппүн» да диэч­чилэр бааллар. Суут нөҥүө ирдэбил баар дуу?
  • «Сайдам» ХЭТ судебнай процедуратын саҕалаабыт. Суут бирикээһинэн, боростуойдук эттэххэ, «автоматически» приставтарга барар. Онон урут төлөөбөккө олорбут дьон төлүөхтэрин наада. Ол иэстэрин «Сайдам» ХЭТ кытта аахсаллар. Биһиэхэ, үөһэ эппитим курдук, атырдьах ыйын 1 күнүттэн. Холобур, өҥө төлөммөт буоллаҕына судка барар, төлөммөккө сылдьыбыт кэмигэр эбии пеня ааҕыллар, судебнай госпошлинаны иэстээх киһи бэйэтэ төлүүр. Онон төлүөхтээх суумата ботуччу үрдээн тахсар. Билиҥҥи туругунан нэһилиэктэргэ былаһаакка суох. Тарифпыт Сунтаар нэһилиэнньэтин ахсааныгар олоҕуран көмүскэннэ. Уопсайынан тариф көмүскээһинигэр бу РО үлэтигэр территориальнай схема диэн баар.  Бу схема иһигэр киирбит контейнердаах былаһааккалары эрэ бөх мунньар сиринэн ааҕыллар. Сотору кэминэн нэһилиэктэргэ эмиэ баар буолан иһэрэ буолуо. Тиэхиньикэ эбии көрүлүннэҕинэ үлэбит да кэҥээн иһиэ. Онтон 2024 сылтан бэйэбит тарифпытынан үлэ барыахтаах.

 

  • Сунтаарбыт иһигэр бөҕү тоҕор хас былаһаакка баарый?
  • Роспотребнадзорунан бигэргэтиллибит уопсай дьиэлэр былаһааккаларын  таһынан микрооройуоннарынан  12 уопсастыбаннай  былаһааккалаахпыт. 

 

  • Бөх кутар былаһааккалар төһө тэйиччи, хайдах турар ирдэбиллээхтэрий?
  • Биһиги ОДЬКХ министиэристибэтигэр былаһааккалары туруоруу миэтэрэтин тутуһууга Саха сирэ уларытыы киллэрэрин курдук этии киллэрдибит. Тоҕо диэтэххэ, билиҥҥи ирдэбилинэн чааһынай дьиэт­тэн бөх тоҕор былаһаакка 30 м ыраах буолуох­таах уонна 100 м иһигэр туруохтаах диэн.  Ити ирдэбилинэн биһиги кыра уулуссаларбытыгар 3-4 былаһаакка туруон наада буолар. Бу кыһалҕа сүрүннээн тыа улуус­тарыгар турар. Биһиэхэ уопсай дьиэ аҕыйах, үксүн чааһынай дьиэлэр. Чуолаан бу чааһынай секторга элбэх баҕайы былаһаакка турара наадата суох. Олохтоох дьаһалта ити боппуруоска, табыгастааҕын көрөн, элбэх сырыылаах уулуссаларыгар туруора сатыыр. Бу барыта Роспотребнадзорунан хонтуруолланар.

 

  • Холобур, Солнечнай уулуссаҕа, ити суол баһыгар турар бөх кутар сиргэ профлииһин ынахтар алдьатан киирэллэрин, ынах сүөһү, ыт мэлдьи ыһа-тоҕо сылдьарын түбэһэ көрөбүн. Төһө даҕаны бөҕү кичэллээхтик суу­лаан бырахпыт үрдүнэн ол ыттар, ынахтар чугас эргин үлтү ыһан кэбиһэллэр. Инники өттүгэр бу былаһааккалар профлиистэрин арыый да уйуктаах, бөҕө-таҕа гынан оҥорор кыаллыа дуо?
  • Госкомцен региональнай оператор былаһаакка оҥоруутун тарифка киллэрбэт, тарифка ити үөһэ этиллибит өҥө эрэ киирэ сылдьар.  Улуус дьаһалтатын кытары бөҕү быраҕар былаһааккалары бөҕө-таҕа гына оҥорууга үлэлэһэн эрэбит. Биһиги, тыа сиригэр олорор дьон, сүөһүлээх ыаллар баалларын өйдүүбүт. Ол да буоллар, бу ыаллар сүөһүлэрин көрө-истэ сылдьыахтаахтар буоллаҕа. Бу бөх кутар былаһааккалар профлиистэрин сүрүннээн ынах сүөһү ха­йыта сынньан алдьатан киирэр. Онон хайдах эмит эйэ дэмнээхтик бары олорор сирбит, тулалыыр эйгэбит ыраас буоларыгар кыһаныахтаах буоллахпыт. Холобур, бу  саҥа киирбит үс уопсайга бөхтөрүн былаһааккалара толору бүтэй, онон мээнэ ыһыллыбат. Хам-түм сорох дьон иһигэр киирэ соруммакка таһыгар быраҕан кэбиһэн бүтүннүү ыһыллан хаалар.

 

  •  Оттон тэрилтэлэри кытта хайдах үлэлэһэн эрэҕит, манна туох ирдэбил баарый?
  • Тэрилтэлэри кытта билигин дуогабар түһэрсэн саҕалаатыбыт. Бэйэлэрэ булгуччу контейнер турар былаһааккалаах буолуохтаахтар. Тоҕо диэтэр, биһиги бөх тиэйэр тиэхиньикэбит онтон эрэ ылар.  Бөҕү тиэйэр массыына нэдиэлэҕэ 6 күн сүүрэр, биир күн өрүүр. Билигин биир тиэхиньикэ, ону таһынан погрузчик уонна самосвал сүүрэллэр. Сыбаалкаҕа бульдозер үлэлиир, тахсыбыт бөҕү көмтөрөр, суолун ыраастыыр. ОДьКХ министиэристибэтигэр эбии тиэхиньикэ ыларга сайаапкалаһан олоробут. Туох бырагыраама баарынан киирсэр курдук.  Ол эрэн билигин байыан- най дьайыы балаһыанньатынан ити боппуруос билиҥҥитэ уустук.

 

  • Ити бөх былаһааккатыгар доруобуйаларын туругунан, аҕам саастаах да дьоммут  кыайан тиий­бэт буоллахтарына  хайдах дьаһаналлар?
  • Бу боппуруоска ОДьКХ министиэристибэтэ куулунан хомууру сүбэлиир. Ол эрэн итиннэ кыра массыына сылдьыан наада. Харчы киирэн саҕалаатаҕына ити хайысхаҕа үлэ эмиэ барыан сөп.

 

  • Бөҕү быраҕыыга туох, ханнык ирдэбиллэр баалларый?
  • Биһиги Сунтаарбыт ыраас буоларыгар кыһаллабыт. Эбии разнорабочай диэн икки киһи контейнер аттын хомуйарга үлэлиир. ТКО диэни сахалыы өйдөөтөххө даҕаны кураанах эрэ отход киирэр. Инчэҕэйи  быраҕыллыбат. Мусоровоз контейнертан ылан массыынаҕа тиэнэн өрө көтөҕөн таһааран кутарыгар инчэҕэй бөх, куһаҕан уу барыта суоппарга түһэр. Тоҕо диэтэххэ, кини көтөҕөр тэрилин ол анныгар туран үлэлэтэр. Манна даҕатан эттэххэ,  «крупногабаритнай» бөх диэн – миэбэл, бытовой тиэхиньикэ, быһата эттэххэ, дьиэ иһиттэн эрэ тахсар бөх. Маннык бөх контейнер аттыгар уурулуннаҕына биһиги тиэхи­­­ньикэбит ылар. Оттон тиэхиньикэ саппаас чааһа, көлүөһэлэр, тутуу матырыйааллара ТКО-ҕа киирбэт.
    Биһиги  тэрилтэ 2006 сылтан бөх тиэйиитинэн дьарыгырар. Бу сыллар усталарыгар араас ыарахаттары көрсөбүт – контейнердарга бөх уматааччылар эмиэ бааллар. Контейнерга бөҕү уматыллыбат. Тоҕо диэтэххэ, дьон контейнерга умаппыт бөҕүн мусоровоз кэлэн тиэнэн бардаҕына күөдьүйэн умайан тахсар. Чааһынай да киһи, тэрилтэ да уматыа суохтаах. Маннык бөх уматыллыбытын түмүгэр биһиэхэ икки тиэхиньикэбит умайа сырытта. Ону тэҥэ ТКО-ҕа араас кыыл өлүгэ (куурусса, ыт, о.д.а) эмиэ киирбэт.

 

 

  • Лена Станиславовна, бу күннээҕи кыһалҕаны таарыйар боппуруоска саҕалаан эрэр үлэҕитин сырдаппыккар махтанабыт.

Киһи биирдэ бэриллэр олоҕор тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахтаах диэн сылдьарбыт тухары истэбит. Ол эрэн ыраата барбакка, Сунтаарбыт барахсаҥҥа бөх быраҕар былаһааккаларыттан ыт, ынах, тыал көмөлөрүнэн бөх-сах ыһыллан тарҕанара дьаабы көстүү. Бассаап да бөлөхтөргө суруйуулары ылан көрдөххө, «ким эрэ туораттан кэлэн хомуйуохтаах, ким эрэ дьаһайыахтаах». Барыны барытын сэлээннэһэ, сытан эрэ куолулаатахха хамсааһын, тупсуу, сайдыы тахсыбат. Сорох ыал оннооҕор тиэргэнин тулатын да хомуйбат.  Сунтаардааҕы ЖКС тэрилтэтэ бу саҥа уонна уустук эппиэтинэһи ылсан үлэлээн саҕалаата. Үөһэ этиллибитин курдук хас ый ахсын оҥоһуллар өҥөнү көтүппэккэ төлөөн, тэрилтэ үлэтэ сайдарыгар кыһаныаҕыҥ. Кини үлэтэ бөҕү кэмигэр тиэйэн сыбаалкаҕа таһаарыы. Оттон олохтоохтор өттүлэриттэн – төлөбүрү кэмигэр оҥоруу. Барыта ыкса ситимнээх, төлөбүр суох буоллаҕына хантан да эбии харчыламмат өҥө хайдах үлэлиэй? Онон бэйэбит күннэтэ таһаарар бөхпүтүн бу саҥа тэрилтэ тиэйэн-таһан тулалыыр эйгэбит ыраас буолуутугар бары кыттыгастаахпытын умнумуоҕуҥ.

Ааптар: Юлия АЛЕКСЕЕВА

Читайте дальше