Бастакы алмааһы булууга үтүөлээх геолог

Николай Алексеевич Давыдов Сунтаар улууһун Кутанатыгар тиийиммэт-түгэммэт элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Сунтаар орто оскуолатын бүтэрээт, Советскай армияҕа сулууспалаабыта, онтон эргиллээт, төрөөбүт нэһилиэгэр үлэ үөһүгэр түспүтэ.

Армияттан кэлбит сылыгар, 1949 сыллаахха, Сунтаар оройуонун Ойууһут, Бүлүүчээн, Кириэстээх, Куокуну нэһилиэктэригэр экспедициялар кэлэн үлэлииллэрин истибитэ уонна олорго сыстан үлэлииргэ быһаарыммыта.

Олоххо активнай позициялаах эдэр киһини ССКП райкома бастаан тэриллибит Амакинскай экспедицияҕа кадры аттаран туруорууга инспекторынан анаабыта. Н.А.Давыдовка экспедицияҕа олохтоохтук сыстан үлэлииргэ баҕа санаа үөскээбитэ. Ол баҕатын толорон, Новочеркатскайга геолог-техник курсун үөрэнэн бүтэрбитэ.

1953 c. С.М.Журавлев салайар 128 №-дээх партиятыгар старшай коллекторынан анаммыта. Оччотооҕуга экспедиция чинчийэр үлэтэ чып кистэлэҥ этэ. Укукук диэн Үөһээ-Мэйик нэһилиэгин үрэҕиттэн Бүлүү өрүһү таҥнары элбэх киһилээх араас экспедициялар партиялара үлэлиир буолбуттара. Тохсунньу тоһуттар, ахсынньы аан-даам тымныытыттан толлубакка, экспедиция үлэһиттэрэ Бүлүү өрүс уутун тоҥоро-тоҥоро икки арда 20 метр гына-гына шурфа хаһан түһэллэрэ. Шурфаларыгар маһы хаалаан-уматан, ириэрэн баран илиинэн хаһаллара. Көйүллүбүт кумаҕы холуодьастан ууну эрийэн таһаарар курдук таһаараллара. Үлэ олус ыарахана, кыайар-хотор эдэр дьон эрэ үлэлииллэрэ. Шурфа дириҥэ 25-45 м. тиийэрэ. Шурфаттан тахсыбат кумаҕы, тааһы барытан сайын үлэлиир фабрикаларга атынан таһан, чөмөхтөөн иһэллэрэ. Фабрика ылҕаан, суортаан таһаарбыт кыра таастарын, кумахтарын биири да энчирэппэккэ, тус-туһунан дьааһыкка кутан, ону сурукка, бэлиэҕэ ылан иһэллэрэ.

Дьэ, итинник ыарахан, сындалҕаннаах үлэ түмүгэр аан бастаан 1949 с. Кириэстээх нэһилиэгэр, Соколинайга бастакы алмаас көстүбүтэ. Геологтарга үөрүү өрөгөйө буолбута. Оттон атын рабочайдар тугу да билбэттэрэ, үлэлииллэрин эрэ билэллэрэ. Оннук кытаанах кистэлэҥ этэ. Ол эрээри, бу көстүбүт алмаас кыра кыырпахтара хантан кэлбиттэрэ, тарҕаналлара геологтарга өссө даҕаны таайыллыбат таабырын этэ. Ону билэргэ экспедициялар партияларын начальниктарыгар саҥа араас былааннар, харчыны, үлэһит илиини сөпкө туруоран ороскуоттуурга сорудахтар туруоруллубуттара. Ол сорудахтартан туораан, атын сирдэргэ алмааһы көрдүүр, ороскуоту таһаарар букатын сатаммат этэ. Алмаас баар буолуохтаах сирин көрдөөһүҥҥэ геологтар ортолоругар мөккүөрдэр үөскээбиттэрэ.

1954 с. Н.А.Давыдов Аччыгый Ботуобуйаҕа (Искра YI) пироп (алмаас аргыһа) баарын аан бастаан билбитэ. Итинник пироптаах сирдэринэн сирдэтэн Африка алмаастаах сирдэрэ булуллубуттара. Н.А.Давыдов, бастаан булбут пироптарынан сирдэтэн алмааһы Ботуобуйа үрэҕин үөһээ хайысхатынан чинчийэри туруорсубута. Оччолорго кини туруорсуутун ким даҕаны болҕомтоҕо ылбатаҕа, өйөөбөтөҕө.

Н.А.Давыдов сабаҕалааһынын болҕомтоҕо ылбатахтарын туһһунан Амакинскай экспедиция главнай геолога Г.Х.Файнштейн бэйэтин кинигэлэригэр, ыстатыйаларыгар уо.д.а. геологтар ахтыыларыгар элбэхтик суруллубута. Н.А.Давыдов ити туруорсуутун кэнниттэн аҕыйах ый буолан баран Л.Попугаева «Зарница» диэн кимберлитовай трубканы булбута. Давыдов алмааһы көрдөөһүҥҥэ, булууга күүһүн харыстаабакка үлэлээбитэ. Араас общественнай үлэлэргэ айымньылаахтык, активнайдык кыттыбыта. 128 № партияҕа партийнай тэрилтэ секретарынан талыллыбыта. Ол да иһин ССКП обкома 1956 с. Н.А.Давыдовка «Бочуот Знага» ордеҥҥа көрдөһүү түһэрбит. Архыып матырыйааллара көрдөрөллөрүнэн 1991 с. кинини «Норуоттар Доҕордоһуулара» ордеҥҥа түһэрбиттэр эбит да, Москва тоҕо эрэ аһарбатах. 1982 с., 1983 с. икки төгүл төхтөрүйэн Якутскгеология холбоһуга Давыдовы «»Саха АССР үтүөлээх геолога» оҥорорго көрдөһүүтүн эмиэ аҺарбатах. Хата, 1957 с. ССРС геологиятын министерствотын социалистическай күрэхтэһии кыайыылааҕа знагын, 1958 с. 4000 солк. бириэмийэлэрин ылар чиэскэ тиксибит.

Үрдүкү турар тэрилтэлэргэ С.М.Журавлев салайбыт 128 № партиятын үлэтин сыыһа, намтатан сыаналааһын туһунан суруктар, үҥсүүлэр киирбиттэрэ. Дьиҥинэн ити партия коллективын үлэтэ билиҥҥи «Мир», «Зарница» курдук трубкалары арыйыыга бастакы хайысхалары биэрбитэ. Ону ханнык эрэ дуоһунастаах чиновниктарынан намтатыллан, сороҕор олох да көтүтүллэн хаалбыта кэлин биллибитэ. Кэлин 1991с. ити 128 № партия көрдүүр-чинчийэр үлэтин хаттаан көрүү буолбута. Ол түмүгэр Амакинскай экспедиция урукку геологтарыгар: Елагинаҕа, Белозероваҕа, Чернышевка, Давыдовка, Журавлевка ССРС орденнарынан наҕараадалыыр туһунан ССРС Геологиятын министерствата ходатайство түһэрбитэ. Ол эрээри ити наҕараада ССРС ыһыллыбытынан сибээстээн, эмиэ онгоһуллубатаҕа.

Онон Н.А.Давыдов Саха сирин геологиятыгар сыралаах үлэтэ ситэ-хото сыаналаммакка хаалбыта. Саха сиригэр алмааһы көрдөөн булууга олохтоох сахалар оруоллара ситэ сырдатыллыбакка турбута. Республика бастакы президенэ М.Е.Николаев Ыйааҕынан итини сырдатарга, олохтоох каюрдар, рабочайдар, специалистар үлэлэрин чинчийэн үөрэтэргэ А.Я. Овчинникова председателлээх комиссия тэриллибитэ. Ити комиссия үлэлээбитин түмүгэр олохтоох сахалар — 500-тэн тахса киһи экспедицияҕа каюрдарынан, сирдьиттэринэн, араас рабочайдарынан үлэлээбиттэрэ быһаарыллыбыта.

1994 с. олохтоох саха геологтарыттан 3-4 киһиэхэ «Саха Республикатын үтүөлээх геолога» диэн үрдүк аат иҥэриллибитэ. Олор истэригэр 128 №-дээх геологическай чинчийэр партия старшай коллектора Н.А.Давыдов баара.

Н.А.Давыдов 1963 с. СГУ геологоразведочнай отделениетын бүтэрбитэ. Итинтэн ылата геолог идэлээх, үлэҕэ практическай опыттаах киһини ССКП обкома салайар үлэҕэ анаабыта. Бастаан ССКП обкомолун киин хонтуруоллуур комиссиятыгар инспекторынан, онтон көмүс хостонор Өймөкөөн оройуонун райкомун ІІ секретарынан 3 сыл үлэлээбитэ.

Онтон үс Бүлүү төрдүгэр газ көстүбүтүнэн сибээстээн, Бүлүү райкомун ІІ секретарынан быыбардаммыта. 1980-1983 сс. Мирнэй куорат исполкомун председателэ. 1983 с. пенсияҕа тахсыар диэри металлургическай үлэһиттэр уобаластааҕы профсоюзнай комитеттарын председателэ. Икки «Бочуот Знага» орденнар кавалердара Н.А.Давыдов бэйэтин өр сыллаах геологическай үлэтин кытта сибээстээх биир кинигэ, республика хаһыаттарыгар элбэх ахсааннаах ыстатыйалар автордара.

 

Виктор ОМУКОВ «Үйэ тааһын» көрдөөн булууга олохтоох нэһилиэнньэ кыттыыта» 2004 сыллаахха бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэтиттэн

Читайте дальше