Басханнар диэн кимнээҕий?

Биир үтүө киэһэ оҕобут Айаан үөрэхтэн бүтэн кэлэн: «Ийээ, аҕаа, мин Басхаҥҥа кыттар буоллум!» — диэбитигэр “туох-туох диигин” диэн иккитэ-үстэ туоһуласпытым. Ол мин, саҥа истэр тылым буолан, токкоолостоҕум.

Басхан – түмэр дьоҕурдаах, бэйэтин кэнниттэн сырдыкка, үтүөҕэ батыһыннарар бас-көс киһи, биир тылынан салайааччы (лидер). Үөһээ бүлүүлэр – Харбалаах Исидор Барахов аатынан түмэл салайааччыта Евдокия Семенова, «Тускул» оҕо айымньытын киинин үлэһитэ Саргылана Ильина буолан барыллаан таһаарбыт тэрээһиннэрэ улуус иһиттэн кынаттанан, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар Дьокуускай куоракка бастакытын ыытылынна.

Кинилэри өйөөн С.Н. Донской аатынан үөрэх сайдыытын уонна идэ таһымын үрдэтэр институт бэркэ дьаһанан тэрийдилэр. Уолан ыччаттары элбэххэ уһуйар, угуйар дьылабыай оонньууга биһиги улуустааҕы күрэһи кыайан, Сунтаар чиэһин көмүскүүр сыаллаах ыраах сиринэн улахан эргиир оҥорон кэлбиппит. Ийэлээх аҕа ол онно уоппускабытын сөп түбэһиннэрэн Сунтаар – Мииринэй – Усть-Кут – Иркутскай – Байкал – Улан-Удэ, Нерюнгри – Алдан – Хаҥалас сирдэринэн «Басхаҥҥа» бэлэмнэнэн дьиэ кэргэнинэн билбэппитин биллибит, Саха автономиятын төрүттээбит сулус, тирэх, ситим, тумус уолаттарбыт сорох суолларын бэйэбитинэн тэлэн олус дириҥник иҥэриннибит. Холобур, Усть-Куту Исидор Барахов төрүттээбит суола эбит, Өлүөнэ өрүс Усть-Куттан саҕыллан долгуннура устарын көрдүм, билэҕит?! Владимир Ильич Ленин диэн дьаралык ааты биир санаалаахтара Сибииргэ Өлүөнэ өрүскэ сыылкаланан, ол онно ытыллыбыттарын иһин, кинилэр ааттарын үйэтитэр сыаллаах ылыммыт эбит. Аны Ойуунускайы Иркутскайга гостиницаҕа сыттаҕына тутан, хаайбыттарын туһунан биир дойдулаахпыт Николай Григорьев кэпсээн уйадытта. Бу айаммытыгар кэлэн иһэн сахалыы ааттаах сирдэр, үрэхтэр элбэхтэрэ соһутта. Онтон биирдэстэрэ «Нарын» – манна Сталин сыылкалана сылдьыбытын биллибит. Алдаҥҥа «Алданзолото» диэн суругу көрөөт Степан Васильев сир баайыгар улахан олук буолбут ааттаах киһи үлэлээн ааспыт сирин көрдүбүт уонна, биллэн турар, Мэҥэнэн буолбакка, Хаҥалаһынан кэлиибит төрүөтэ – бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаев дойдутун уолбутугар көрдөрдүбүт. Хата, бу кэпсээммин умсугуйа аахпыт буоллаххытына, хайдах Сунтаар-Иркутскай кыһыҥҥы суолунан айаннаабыппытын, туох, ханна, сылдьыбыппытын «ТУСКУ: тыа сиригэр олох чаҕылхай!» диэн ютуб каналбар толорутун көрүөххүтүн сөп.

Дьэ, ити курдук айанынан Улуу Туймаада Хочотун булан, икки күннээх түһүлгэ тыыныгар умустубут. Тэрийээччилэр хас биирдии кыттааччыны, салайааччыны үөрэ-көтө көрсөн, күрэс сүрүн тутулун билиһиннэрэн бастакы күммүт саҕаланна. Уол оҕону чорбото тутан билиилэрин тургутар, тобул толкуйдарын көрөр, санааларын истэр, уу сахалыы саҥардар үтүө түһүлгэҕэ 13 улуустан 15 ыччат кытынна. Быйылгы «Басхан» Степан Аржаков 125 сылыгар ананан ыытылынна. Бу күннэр усталарыгар хаһан эрэ кыра кэмҥэ баһаатайдаан ылбыт кууруһум оҕото Геннадий Охлопков тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ буолан түсчүттүүрүттэн ордук үөрдүм. Кини куруутун үөрэ көрсөн, хайаан да сыллаан: «Учууталым!», — диир тыла да манньытар (бу сырыыга бэйэм сыллаһыахха диэн сылластым). Дьиҥэ баара, кинини үөрэппэтэҕим да буоллар, кыра кэмҥэ алтыспыппытын оннук күндүтүк саныырыттан дьоллонобун. Кини Саха сирин биир чаҕылхай басхана буола сылдьарыттан сэмээр киэн туттабын (күрэс сүпсүлгэнигэр сылдьан хаартыскаҕа да түспэккэ хаалбыппыт дии).

Бастакы түһүмэх «Удьуор утума». Манна оҕолор 13 түгэх көлүөнэлэригэр тиийэ чинчийии оҥорон сырдаппыттара сөхтөрдө. Билигин үгүс дьон “өбүгэлэрбит кимнээҕий?” диэн ыйытыкка долоҕойдорун оройдотор буоллулар. Дьэ, ол үчүгэй. Манна киһи сөҕөрө биллэр, ааттаах дьон хаһыс эмэ хос сиэннэрэ кыттааччы быһыытынан кэлэллэр эбит уонна түһүлгэҕэ аймахтарын булсубут дьон да бааллар. Иккис түһүмэх «Өркөн өй» манна Үөһээ Бүлүү бибилэтиэкэтин үлэһитэ Майя Захарова хас биирдии уолга алталыы ыйытыгы биэрэн, көрөн олорооччулар да элбэҕи биллибит. Үһүс түһүмэх «Дойду салайааччылара – мин харахпынан», манна уолаттар күөх экраҥҥа тахсыбыт түннүктэртэн талан түбэһэ түспүт салайааччыларын арыйдылар. Төрдүс түһүмэххэ куолулаах мөккүөргэ (дебат) «Оҥоһуу өй» (искусственный интеллект) диэн үтүө, мөкү өрүттэрин ырытыһан хоммут уостарын хоҥуннаран уоттаах-күөстээх сахалыы саҥалар иһилиннилэр. Бүтэһик түһүмэх «Айыы умсулҕана», манна уолаттар сэттэ мүнүүтэ иһигэр түөрт устуруокалаах хоһоону бэйэлэрин тылларынан айан, ситэрэн доргуччу, иэйиилээхтик ааҕан түһүлгэ бар дьонун долгуттулар. Кылаан кыайыылааҕынан Чурапчыттан Андрей Степанов буолла.

Бу тэрээһиҥҥэ саҥа, сонун көстүүнү көрбүтүм-билбитим диэн Түмэр сүбэ (дьүүллүүр сүбэ) хас түһүмэх аайы уларыйа сырытта, арай бэрэссэдээтэл Үөһээ Бүлүү Аҕа түмсүүтүн салайааччыта Алексей Руфов барытын сүрүннээтэ. Кини этэринэн сылын ахсын оҕолортон үөрэнэрим, билэрим элбэх диирэ эмиэ оруннаах. Ол курдук, дьүүллүүр сүбэҕэ «Басхан» араас сылларын кыайыылаахтарын кэккэ Чокуур Гаврильев, Алексей Константинов, Данил Жирков курдук куруутун харах далыгар, холобурга сылдьар дьон дьүүллээбиттэрэ олус долгутуулаах буолла. Тэрээһин түмүгэр төгүрүк остуолга оҕолор санааларын этиннилэр, аҕалар, салайааччылар эмиэ ыраларын үллэһиннилэр. Мин да туора турбакка «Басхан» күрэһи оскуолаларынан булгу ыытыллыахтаахтарын, саха тылын сайдыытыгар олук буоларыгар болҕомтолорун Үөрэҕирии министиэрстибитэ чуолаан уурара буоллар уонна сатаннаҕына биһиэхэ Кэмпэндээйигэ «Сир уустара» кииҥҥэ лааҕыр быһыытынан кэлэн тэрийии өссө күүстээх дьайыылаах буолуо этэ диэн этинним уонна, биллэн турар, кэккэ бытархай этиилэрим элбэхтэрэ, ону тустаах иһиттэҕэ. Ээ, өссө биири сэргээтим, Саха сирин Национальнай бибилэтиэкэтэ «Алиса» курдук «Айта» диэн куйаар дьүөгэ кыыһы сахалыы тылынан саҥардарга үлэлэһэ сылдьарын, ол туһунан бэртээхэйдик мөккүөр түһүмэҕин ыытыспыт Анисия Иевлева кэпсээн кэрэхсэттэ.

Чэ, ити курдук, маннык тэрээһин кэннэ манна сылдьыбыт эрэ бары уу сахалыы саҥарыан баҕарда, Сахабыт сирин туһугар тугу үлэлээбит киһи диэн хараҕа уоттанна, хайаан да өссө бу тэрээһиҥҥэ кэлбит киһи диэн ыраланна. Ол элбэҕи кэпсиир, ээ, өссө дьиэбэр кэлэн уолум хайыы сах «Басхан» диэн уолаттар түмсүүлэринэн төрүттэммит бассаап ситимигэр ыччаттар тэрээһин кэннэ аһаҕастык эт куоластарынан этинэллэрин истэн астыммыппыан… Күннэтэ буоларын курдук «Пабыгаҕа киирэҕин да?», «Оонньоон эрэбин, мэһэйдээмэҥ», – дии-дии хос түгэҕэр саспакка: «Уолаттар, тэрээһин кэннэ тугу эмэ гыммыт киһи”, “ Мин Басхан кэннэ омук суоппардаах таксига киирэн: «Үтүө күнүнэн!», — диэбиппин билбэккэ хааллым”, “Хайдах эрэ уу сахалыы саҥара сылдьар буолан хааллым дии”, “Хайаан да көрсөн туох эрэ көмө тэрээһин толкуйдуохха!» — диэн оҕо уолан дьон кэпсэтэрин истэр – бу буоллаҕа үлэ түмүгэ диэн санааҕа кэллим. Бу саҥалар саргыланныннар, салгыылаах буоллуннар.

Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА

Читайте дальше