Бары бииргэ — биир сомоҕо

Анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр улуус  да, нэһилиэктэр да дьаһалталара бары турунан көмөҕө диэн араас тэрээһиннэри ыыталлар. Манна тэрилтэлэр, биирдиилээн дьон туора турбакка, үтүө санааларын, алгыстарын этэн туран, көмөнү харчынан, таҥаһынан, аһынан да туттара, биэрэ тураллар.

Анал байыаннай дьайыыга сылдьааччыларга билигин ордук тиэхиньикэ, сылаас таҥас наадата биллэр. Бу соторутааҕыта улуус баһылыга Анатолий Григорьев салайааччылаах улуус дэлэгээссийэтэ анал байыаннай дьайыы буола турар сиригэр, биир дойдулаахтарбытын көрсө, кэпсэтэ барбыта.  Бу сырыыга уолаттарга тиэхиньикэ, туттар мал уо.д.а. атыылаһарга анаан пуондаттан уонна биирдиилээн тэрилтэлэр, дьон көмө харчыларын илдьибиттэрэ. Онон кинилэр уолаттар үлэхтэрин атыылаһан илдьэн туттартыы сылдьаллар.  Байыастарбыт «баһылыкпыт Анатолий Васильевич бэйэтэ кэлэн, биһиэхэ билигин олус наадыйар тиэхиньикэлэрбитин, туттар малларбытын аҕалбытыгар олус долгуйдубут, дойдубут дьоно, салгына бу дэлэгээссийэни кытары кэлсибиттэрин курдук саныыбыт. Долгуйумаҥ, этэҥҥэ сылдьабыт» диэн улуус дэлэгээссийэтэ сылдьыбыт сирдэригэр уолаттар санааларын этэллэр.

Бу барыы кэмигэр сорох кыайан быһаарыллыбатах, араас биричиинэнэн тохтоон, «мунан» хаалбыт дьыалалары кэпсэтии түмүгэр хас да боппуруос быһаарылынна.

Оттон манна улууспут иһигэр субуотунньуктар тэриллэннэр, СВО-ҕа сылдьааччылар дьиэ кэргэттэригэр көмө оҥоһуллар. Холобур, бу ааспыт өрөбүллэргэ “Спецназ добра” волонтерскай хамсааһын чилиэннэрэ уонна А.И.Иванов аатынан олимпийскай эрэллэри бэлэмниир оскуола иитиллээччилэрэ улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Николай Александров салалтатынан анал байыаннай дьайыыга сылдьааччы дьиэ кэргэнигэр баран, тэлгэһэтин хаарын сүрдээх ыраастык күрдьэн биэрдилэр. Мантан ыал ийэтэ сүрдээҕин үөрдэ, махтанна. Бу күн волентердар промкомбинакка баар искибиэр хаарын эмиэ ыраастаан кэбистилэр.

Үгүс нэһилиэккэ муус ылыытыгар субуотунньук тэрилиннэ. Ыччат дьон, тэрилтэ эр дьоно бу үлэттэн туора турбаттар. Бары күргүөмүнэн тахсан муус ылан, байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр түҥэттилэр, ону сэргэ соҕотох олорор дьоннорун эмиэ умнубатылар.

Мантан да атын көмө СВО-ҕа сылдьааччыларга, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр тиһигин быспакка ыытыллар, мантан ким да туора турбат.

Яина ВЛАСЬЕВА

Читайте дальше