Бу күн 2004 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр Хотугу Осетия Беслан куоратыгар буолбут алдьархайы кытары ситимнээх. Ити күн, Билии күнүгэр, сибэтиэй сиргэ – оскуолаҕа, оҕо өлүүлээх, устуоруйаҕа өтөрүнэн буолбатах кыыллыы быһыы-майгы тахсыбыта. Манна уопсайа 334 киһи сырдык тыына быстыбыта. Ол иһигэр — 186 оҕо. Бу алдьархайы, трагедияны Арассыыйа норуота хаһан даҕаны умнубат.
Террористическай актар кыттыылаахтарынан уонна сиэртибэлэринэн, эйэлээх кэм олохтоохторо эрэ буолбакка, спецназ байыастара эмиэ буолбуттара. Кинилэр сүрүн сыаллара олохтоохтору террористартан көмүскээһин, ол эрэн хомойуох иһин, үгүс түбэлтэҕэ байыастар бэйэлэрин олохторун толук ууран тураннар, туруоруллубут соругу толороллоро мэлдьи көстөр. Беслан куоракка 10-ча спецподразделение байыаһа суорума суолламмыта. Биһиги кинилэр хорсун быһыыларын үйэлэргэ умнуо суохтаахпыт.
Бүгүн Дьокуускай куоракка Доҕордоһуу болуоссатыгар күнүс икки чаастан киэһэ сэттэҕэ диэри Бүтүн Арассыыйатааҕы биир санаанан терроризмы утары охсуһар күҥҥэ аналлаах аахсыйалар ыытыллаллар.
«Сунтаар сонуннара» хаһыат