Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин дьарыктаах буолууларыгар улахан болҕомто ууруллар. Бүгүн атырдьах ыйын 16 күнүгэр, Сунтаар улууһун нэһилиэнньэтин дьарыктаах буолуутун киинэ уонна социальнай управление көҕүлээһининэн, байыаннай дьайыыга сылдьан кэлбиттэргэ уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр үлэ дьаарбаҥкатын тэрийдилэр. Дьарыктаах буолуу киинин салайааччыта Борис Уларов, сүрүннүүр инспектор Варвара Саввинова, инспектор Мария Копылова, социальнай управление салайааччыта Михаил Тимофеев, «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда Сунтаардааҕы филиалын социальнай координатора Варвара Яковлева кытыннылар. Кинилэр ханнык үөрэхтэр баалларын, үлэ миэстэлэрин, социальнай хантараактар тустарынан билиһиннэрдилэр. Дьаарбаҥка кыттыылаахтара бу күн дьарыктаах буолуу киинигэр учуокка туран, «Охрана» идэтигэр үөрэниэхтэрин баҕаралларын уонна «Алроса» тэрилтэтигэр үлэ миэстэтин көрдүүллэрин биллэрдилэр.
Ульяна Бельды, дьаарбаҥка кыттыылааҕа, Кириэстээхтэн кэлбит, санаатын үллэстэр:
— Маннык дьаарбаҥка тэриллэрэ олус үчүгэй дии санаатым. Интэриэһиргиир боппуруостарбар чопчу эппиэт ылан астынным. Үлэ, үөрэх өттүнэн сүбэ-ама биэрэллэрэ аһара наада. Тус бэйэм кэтэхтэн үөрэххэ киирэри былаанныыбын. Дьаарбаҥка тэрийээччилэригэр махталбын тириэрдэбин.
Байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр дьарыктаах буолуу киинэ эбии үөрэх ылалларыгар, идэлэрин уларыталларыгар, үлэ миэстэтин булалларыгар, саҥа идэни баһылыылларыгар сүбэ-ама, күүс-көмө буолаллар.
Алена ИВАНОВА