Буойуннар дьиэ кэргэттэрин Сунтаардааҕы кэмитиэтэ тэрийиитинэн бу күннэргэ анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар гуманитарнай көмөнү хомуйуу буола турар. Бу аахсыйаҕа биирдиилээн дьон да, тэрилтэлэр да кыттыһан анал пууҥҥа  мал-сал, таҥас-сап туттаран эрэллэр. Кэмитиэт салайааччыта Надежда Львова иһитиннэрэринэн, пууҥҥа аан бастакынан «Арассыыйа ийэлэрэ» хамсааһын Сунтаардааҕы салаатын түмсүүлэрэ көхтөөхтүк кыттыспыттар. Ону таһынан манна «Күбэйэ» түмсүү, «Сардаана» оҕо сайдар киинэ, «Авиалесохрана» тэрилтэ,  «Сказка», «Электрик» маҕаһыыннар, «Корона» пиирмэ  бэйэлэрин кылааттарын киллэрдилэр.  Биир бастакынан Галина Николаева  20 паара наскыны, хас да устуука ис таҥаһы аҕалан туттарбыт.

Манна эбэн эттэххэ, биһиги дьоҕус кэлэктииппит («Сунтаар сонуннара» хаһыат эрэдээксийэтэ) хаххалыыр сиэккэ оҥоруутугар анаан 15 миэтэрэ камуфляж матырыйаалы туттардыбыт.

«Бу нэдиэлэ бүтүүтэ мунньуллубут баһыылкалары Дьокуускайга ыытыахпыт. Ону сэргэ манна сөптөөх илими атыылаһан, хаххалыыр сиэккэ оҥоруутун саҕалыахпыт. Сиэккэни оҥорор хас да  пууну арыйар былааннаахпыт. Онно ким баҕалаах кэлэн кыттыһыахтарын сөп», — диир Надежда Григорьевна.

Яина ВЛАСЬЕВА

 

 

 

 

Читайте дальше