Байыастарга көмө уҕараабат

А.П. Павлов аатынан Сунтаар 1-кы нүөмэрдээх оскуолатын үөрэнээччилэрэ сынньалаҥнарын бэрт туһалаахтык атаараллар. Ол курдук, «Анал байыаннай дьайыыга көмө» диэн аахсыйа тэрийэн, оҕолор анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар бэйэлэрин көмөлөрүн ууран, сэмэй кылааттарын киллэрсэ сылдьаллар.

Наталья Андросова салайааччылаах оскуола иһинэн үлэлиир «Арт-дизайн» иистэнэр куруһуокка 10-с кылаас кыргыттара дьоҕус мөһөөччүк тигэн, «Харысхал» байыастар дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтигэр туттардылар. Бу мөһөөччүккэ, волонтердар байыастарга анаан күннээҕи туттар малы-салы итиэннэ харысхаллары о.д.а. уган, бэлэх нобуору оҥорон ыытыахтара. Маны сэргэ, 5-6-с кылаас оҕолоро «Саллаакка сурук» аахсыйаҕа кыттыһан, бэйэлэрин баҕа санааларын сурукка тиһэн кыттыстылар. Итинэн эрэ муҥурдаммакка, өссө 7-8-с кылаастар хаххалыыр сиэккэлэри өрөллөр.

Бу курдук, дойду туһугар туруулаһа сылдьар байыастарга кыралыын-улаханныын болҕомтолорун ууран, көмө тиһигин быспакка бара турар.

Елизавета ТИТОВА

Читайте дальше